Александр Ноговицын — Сунтаар олохтооҕо, ЕДДС үлэһитэ. Кини биир күн күөх экранынан тустуу көрө олорон: «Оо, Парижка олимпиада тустуутун көрө олорбут киһи…», — диэн саҥа быктарбытын сиэнэ Анжелика истэн балтынаан Викалыын сүбэлэһэн: «Париһы көрдөрүөххэ, Олимпиадаҕа сырытыннарыахха», — дэһэн эбэлэригэр, эһэлэригэр загранпаспорт оҥорторон билигин Парижка тиийэ сылдьаллар.
Александр соторутааҕыта Сунтаартан «Кэрэкэ» кэһии лааппыбыттан саха, ол иннинэ Сунтаар былааҕын ылбыта ээ, онно бэлэмнэммит эбит. Киһи үөрэр, сиэн оҕолор улаатан эбэлэрин, эһэлэрин ыраларын толоро сылдьаллара. Арба, Александр уонна Людмила Ноговицыннар бииргэ олоробуттара 53 сыл буолла. Кыһыл көмүс түгэннэригэр «Тапталы» кэрэһилиир Парижка тиийэ сылдьаллара, өссө Олимпиадаҕа Сунтаар, Саха сирин былааҕын күөрэтэллэрэ, эчи, үчүгэйин! Хата Сунтаартан Парижка эҕэрдэ! Саха сирин спортсменнарыгар күүстэ биэриҥ, дэлби өйөөҥ!
PS: Александр Сунтаар былааҕын Эйфель башнятын аттыгар тутан турарын Рассадин аҕа кынна диэн тарҕата сылдьаллар, оннук буолбатах кини — Рассадин сүгүрүйээччитэ .
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА.