(Суруйааччы Эдуард Соколов 80 сааһыгар)
Бу суруйуубун тоҕо да “Омоон суол” диэтим буолла? Омоон да буоллар оспот суол баарын иһин ини. Эбэтэр Эдуард Соколов олоҕун ситэ олорботоҕо, омоон суолу чэрдээх киэҥ аартыкка кубулуппатаҕа диэн санааттан буолуо. Бу күннэргэ 80 сааһын томточчу туолан кырдьаҕас суруйааччы аатыран олорорун көрбөтөх хомолтобуттан да буолуон эмиэ сөп. Суох буолта 28 сыл буолла. Олоро түстэр барыта баар буолуон сөбө: үгүс үтүө айымньы, “Норуот суруйааччыта” аат, “Ойуунускай бириэмийэтэ”, о.д.а. Ыас хара будьурхай баттаҕа туртайыа эбитэ буолуо да, ол ыраас-чэбэр мөссүөнүн өссө тупсарыа этэ.
Сунтаарга тиийэн дьиэтигэр хонуталыырым. Эдэр уонна эрчим бөҕө этэ. Биирдэ этэн аһарбытын, суох буолтун эрэ кэннэ, куруутун саныыбын. Ол Харысхал туһунан этэ. Араа-бараа саастаах уонна суруйууга тэҥҥэ кэриэтэ киирэннэр буолуо, чугас сыһыаннаахтара. Эдуард Баһылайа сарсыарда түөрт чааска туран суруйан барарын уонна ол сылдьан биир түгэҥҥэ өйүн сүтэрэн охтон түспүтүн туһунан кэпсээбитэ. Бэйэтэ эмиэ итинник үлэлиирин билэрим, сарсыарда чуупчу, ону баттаһар наада диирин истибитим. Оннук дьаныардаах, бэйэни харыстаммат үлэ, умайыы, күүрээн ити икки уол туруктарын тулуппатах буоллаҕа. Биирэ эрдэ, иккиһэ арыый хойутаан бу тапталлаах Орто дойдуларыттан бардахтара…
Мииринэйгэ тиийдэҕинэ сылдьара, сороҕор хоноро. Биирдэ хойутуу, киэһээ аһылык кэнниттэн “Уоһукка бара сылдьыахха” диэн буолбута. Ол, Чурапчыттан төрүттээх, алмаас хостуур карьер үлэһитэ, хайыы-үйэ киэҥ эйгэҕэ биллибит, бэттээхэй хоһооннору суруйар, “оробуочай поэт” диэн ааттаммыт Уоһук Филиппов диэн убай киһибит этэ. Бэрт элбэҕи кэпсэппиттэрэ, ырыталлара. Оччотооҕу санаабар, биир өлүүгэ өлө сылдьар айар куттаах дьон эйэлээх да эбиттэр дии санаабыттааҕым. Кэлин Дьокуускайга көһөн кэлбитим кэннэ, “Хотугу сулуска” Харысхал ханнык эрэ музыкаан туһунан дьикти айымньыта тахсыбытын Сунтаарга Эдуардка телефонунан эппитим. Онно ааҕа илигиттэн үөрбүтэ, “дьэ ити уол суруйуохтаах, билэбин” диэн үрүт-үөһэ саҥарбыта өйбөр хатаммыт. Эдуард үөрүнньэҥ уонна киһини ордугурҕаабат этэ.
Биирдэ Дьокуускайга кэлэ сылдьан, соччо баҕарбат киһини, суруйааччылар мунньахтарыгар соһон кэриэтэ илдьибитэ. Онтубут дарбааннаах, киэҥ кэпсэтиилээх, саҥарсыылаах, атын сиртэн ыалдьыттардаах сыл ахсын ыытыллыбат сийиэстэрэ эбит. “Миигин тоҕо да аҕаллыҥ” диэбиппэр, “көр, иһит биһиги хайдахпытын” диэн буолта. Дьэ били эйэлээхтэр дии саныыр дьонум буолан турбатылар дуо? Этиһэллэр, аахсаллар, Софрон Петрович барахсан араартыы сатыырын истибэттэр, нэһиилэ оннуларын буллартыыр. Эдуард тыл этэ сатаабатаҕа, мунньах сыыйа көнө суолга киирэн үчүгэйдик түмүктэммитэ. Кинини Софрон Данилов, Иван Федосеев-Доосо, Николай Урсун, Николай Тобуроков хайгыылларын, өйүүллэрин билэрим. Хайа да бөлөххө кыттыспакка, күнү-дьылы сүтэрбэккэ үлэлиэн туһунан эппитин өйдүүбүн. Аны санаатахха, көнөтүн талбыт, элбэхтик үлэлииргэ туруммут эбит. Сытыы тыллааҕа, этиһиигэ киирдэҕинэ онтон орпотун билэн эрдэҕэ. “Бүлүү” уопсастыбаннай-экологическай кэмитиэти тэрийсэн, бастакы бэрэссэдээтэлинэн талыллан үгүс мунньахтары ыытара. Онно түөрт Бүлүү сытыы-хотуу дьоно кэлэрэ, араас хараактыр, көрүү-истии, тыл-өс онно баара аҕай. Эдуард кэмигэр сатаан саҥаран, күөйэ-хаайа тутаттаан уҕарытар дьоҕурдааҕын көрбүтүм.
Кини кылгас кэмҥэ элбэҕи үлэлээбитэ, үгүс ааҕааччы сөбүлээн ааҕар айымньыларын суруйталаабыта. “Хампа” романын суруйа сылдьан: “Эһиги бары бааргыт, салгыы хайдах буоларгытын билбит суох, олох бэйэтэ көрдөрүө, ол миигиттэн тутулуга суох”, — диэбиттээҕэ. Ити саҕана олоххо көһүппэтэх өттүттэн уларыйыы-тэлэрийии бөҕөтө, ону сырса дьон да өйө-санаата араастаан уларыйара ханна барыай. Ол аата итини барытын кэтээн көрө, ону романын салгыытыгар тиһэн иһэр санаалааҕа көстөр курдук.
“Кыым” хаһыаттан уурайан Дьокуускайга көһөрбөр бэйэм оннубар Мииринэйгэ кинини олохтуурга эрэдээксийэҕэ этии оҥорбутум. Эрэдээксийэ сөбүлэспит курдуга да, оройуонун салалтата уонна алмаасчыттар утаран ол табыллыбатаҕа, киниттэн дьаарханыы, дьулайыы да баара эбитэ буолуо. Итини барытын романыгар уустаан-ураннаах суруйбута баар. Кэлин эрэ Саха сирэ хаһыакка кэрэспэдьиэнинэн ананан олоҕун тиһэх сылыгар, адьас кылгас кэмҥэ үлэлии сылдьыбыта.
Эдуард туһунан мин үгүстүк суруйбутум, онон бу сырыыга барытын хатылыыр сыал-сорук туруорумматым. Бар дьоно, ааҕааччылара да итини барытын билэллэр, Эдуарды кэриэстииллэр, ахталлар-саныыллар. Ити кини дьоло, кылгас олоҕун дьонун, дойдутун туһугар анаабытын туоһута буолар.
Иван БУРЦЕВ. 2024 сыл, бэс ыйын 3 күнэ. Дьокуускай.