Оскуоланы бүтэрбиппит 50 сылын бэлиэтээтибит

Оскуоланы 1974 сыллаахха бүтэрбит улуус выпусниктара 50 сылбытын бэлиэтээн көрсүһэн аастыбыт . Көрсүһүүбүт Зедгенизевтар балаҕаннарыгар буолла. Көрсүһүүгэ Сунтаар икки оскуолатыттан, Тойбохойтон, Элгээйиттэн,Бордоҥтон, Мииринэйтэн, Хаандыгаттан, Дьокуускайтан, Намтан 40-тан тахса буолан муһуннубут.

Көрсүһүүбүт сахалыы сиэринэн Наташа Филиппова -Эконова алгыс тойугунан саҕаланна. Эҕэрдэлэһии, хаартыскаҕа түһүү, аҕалбыт бириистэринэн оонньуу ыытан үөрдүбүт-көттүбүт.Таня Иванова, Галя Донская — Васильева, Тоня Прокопьева ырыаларыгар үҥкүүлээн, Афоня Евсеев баянын доҕуһуолунан үҥкүүлээн, ыллаан, Наташа Ордахова оһуохайыгар эргийэн , ааспыт кэрэ кэмнэрбит кэрчиктэригэр киирэн таҕыстыбыт. Оскуола саҕанааҕы ааттарынан бэлиэтээн ааспыппын , алы гынар инигит .Көрсүһүүгэ учууталбыт Юрий Васильевич Мякумянов күндү ыалдьыт буолла, кэс тылын анаата. Санаан көрдөххө 50 сыл диэн үйэ аҥара, ол кэмҥэ тиийэн кэлии диэн улахан дьол, эбит дэстибит.

Ыраахтан кэлбит ыалдьыттарбыт Сунтаарбыт ыһыаҕа аһара бэркэ ааспытын, ыһыах кэмигэр көрсүһүү тэриллибитэ тоҕоостооҕун, көрсүһүү тэриллибит балаҕана үчүгэйин бэлиэтээн ааспыттарын тэрийбит дьон үөрэ иһиттибит.

Өр көрсүбэтэх дьон оҕолуу үөрэн, харахтара чоҕулуһан, илии тутуһан, куустуһан ылалларын көрөн олорон, төһө да сыл хонук аастар, оскуолатааҕы кэрэ кэммит, сүрэхпитигэр иҥэн, көрсүһүү көмүс түгэнигэр, оҕо сааспыт кэрэ кэмигэр төнүннэрэн ылар алыптаах эбит дии санаатым.

Күндү  «Кыһыл көмүс» выпусниктар, төһө да саас ырааттар, эдэрдии эрчиммитин тутан, эдэрбитигэр эргиппит көрсүһүү көмүс күлүмүн иҥэринэн, үөрэ-көтө уһуннук дьоллоохтук олоруоҕуҥ.

Розалия СИДОРОВА-Ымыычаана