Оскуола тыйаатырдара — саҥа үктэлгэ

Билигин оскуола тыйаатырдарын тэрийии федеральнай таһымҥа таҕыста. Хас биирдии оскуола оҕо тыйаатырын үлэлэтиэхтээх диэн сорук турар. Сунтаар бары оскуолаларыгар былырыыҥҥыттан тыйаатырдар үлэлэрин саҕалаабыттара. Үөрэҕирии салалтата уонна «Партизан» НАТК кыттыгас тэрээһиннэринэн улуустааҕы радиоиспэктээк күрэһэ буолла. Күрэс 2018с. тэриллэн кыттааччы ахсаана сыл аайы элбии турар. Быйылгы күрэскэ уопсайа 167 оҕо хабылынна, 22 тыйаатыр куруһуогуттан муҥутуур кыайыылааҕынан Сунтаардааҕы коррекционнай оскуола-интэринээт “Кэскил” студиятын иитиллээччилэрэ “Чаачахаан уонна Алаа Моҕус” айымньыларынан буоллулар.

Сунтаар улууһун үөрэҕирии салалтатын иитии уонна эбии үөрэхтээһин отделын сэбиэдиссэйэ Александра Васильева: “Оскуола тыйаатырдарын тэрийии диэни Сунтаар улууһа соһуйа истибэтэхпит. Биһиги оскуолаларбытыгар уруккуттан үлэлиир оскуола тыйаатырдарын үтүө холобура баар. Хадан, Илимниир оскуолаларын кыттыгас тыйаатыра «Сыдьаайар сырдык — Туой Хайа» история чахчытын көрдөрөр туруоруулара киэҥ биһирэбили ылбыта. Оҕолор улахан сыанаҕа сүрэхтэммиттэрэ, ааттаах-суоллаах дьон хайҕабылын истэн үөрүү кынаттаммыттара. Оскуола тыйаатырын салайааччыларыгар биһиги үөрэхтээһин ыытабыт. «Партизан» НАТК тэрийиитинэн артыыс маастырыстыбатыгар, гримҥэ, уот-күөс туруоруутугар үөрэммиттэрэ. Куоракка эмиэ үөрэхтээһин ааһыахха сөп”.

“Партизан” норуот айымньытын театральнай киинин салайааччыта, “Алыптаах мааска” бырайыак төрүттээччитэ Юрий О: “В.Николаев аатынан норуот тыйаатырын үлэһитэ Ирина Митина 2008 с. “Кырачааннардыын оонньуохха” диэн оҕолорго бырайыагы үлэлэппитэ номнуо 15 сыла буолла. Билигин бу бырайыак “Алыптаах мааска — оҕолорго” диэн сайынна. Быйыл култуура эйгэтигэр оҕо тыйаатырын сылынан биллэрилиннэ. Ол иһин, “Алыптаах мааска — оҕолорго” бырайыагы өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһаарыахха диэн этиилээхпин. Гаджет үйэтигэр оҕолор кэпсэппэт буоллулар. Бу кыһалҕаны туоратарга оскуола тыйаатырдара көмө буолуохтарыгар саарбахтаабаппын”.

Күүкэй орто оскуолатын учуутала, тыйаатыр куруһуогун Сахаяна Готовцева: “Биһиги оскуолабытыгар “Импровизаторы” диэн оскуола тыйаатыра үлэлиир. 5-7 кылааска диэри оҕолоро сөбүлээн дьарыктаналлар, хас биирдии туруоруубутугар үөрэ-көтө кытталлар. Бу соторутааҕыта Иван Мигалкин “Саҥа дьыллааҕы остуоруйатын” туруордубут. Оҥорбут үлэбититтэн олус астынныбыт. Оҕолор харахтара умайарыттан мин уһуйааччы быһыытынан олус үөрэбин ”.

«Алыптаах мааска — оҕолорго» бырайыак оҕолору сырдыкка, ыраахха көтүттүн. Маннык оҕо бырайыактара оҕо төрөөбүт тылын билэригэр, үтүө санаалаах киһи буола улаатарыгар төһүү күүс буолар.

Мира АФАНАСЬЕВА