Күһүҥҥү тумуу дьаҥа (ОРВИ) саамай сатыылаан турар кэмэ диэн Сунтаардааҕы киин балыыһа иһитиннэрэр. Биир күн иһигэр суһал көмө кэбиниэтигэр ОРВИнан 18 киһи көрдөрдө. Күн-түүн ыалдьааччы ахсаана элбии турар. Биллэн турар тумууттан саамай ордук харыстанар ньыманан быһыы буолар. Улуус үрдүнэн улахан дьоҥҥо 2900, оҕолорго 4180 быһыы кэлэн турар. Өссө да кэлэрэ күүтүллэр. Билигин Арассыыйаҕа оҥоһуллар саамай көдьүүстээх кирииби утары “Совигрипп”, “Флю-М”, “Ультрикс”, “Квадри” диэн вакциналары оҕо тэрилтэлэринэн уонна быһыы кэбиниэтигэр туруораллар. Тумууга ордук оҕо уонна саастаах дьон хаптарар. Онон чугас дьоммутун харыстаан сирэй мааскатын кэтэрбитин умнумуохха, элбэх дьон тоҕуоруһар сиригэр сылдьартан туттунуохха уонна тумуу утары быһыыны ыларга тиэтэйиэххэ.
Мира АФАНАСЬЕВА