Оройуон дьокутаата: Дьонум-сэргэм олоҕо тупсарыгар үлэлиибин

Биһиги Сунтаарбытыгар көхтөөх, төрөөбүт улуустарын, нэһилиэктэрин туһугар өйдүүн-санаалыын кыһаллан, үгүс элбэх бырайыактары толкуйдаан үлэлиир эдэр киһи элбэх. Олортон биирдэстэрэ – Жанна Макарова. Кинини улууска билбэт киһи да аҕыйах буолуохтаах.

Жанна улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттарын таһынан, бэйэтэ баҕа өттүнэн кыаммакка, кырдьаҕаска, кыһалҕалаахха күүһэ, кыаҕа тиийэринэн көмөлөһө сылдьар. Бэл бэйэтин бассаабар дьон наадатын буларга, араас биллэриини, ыйытыыга хоруй биэрэн, нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэр тустарынан сырдатан статус таһаарар.  Сорох дьон «ити улахан сыраны, күүһү эрэйбэт буоллаҕа» диэхтэрэ эрээри, кыыс маннык таһаарыыларын бары сэргии көрөбүт, элбэхтик туһанабыт. Бу —  үтүө дьыала.

Жанна Макарова  Сунтаар нэһилиэгэр төрөөбүтэ.  Андрей Павлов аатынан Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуоланы 2005 бүтэрэн, билии, сайдыы киэҥ аартыгар чиҥэтик үктэнэн, үс үрдүк үөрэҕи бүтэрэр.  Кэргэннээх, кыыс оҕолоохтор.

Үөрэҕин кэнниттэн 2012 сыллаахха «Партизан» култуура киинигэр үлэҕэ киирэр. 2014 сылтан бу тэрилтэ дириэктэрин солбуйааччынан үлэлии сылдьар. 2014 сылтан 2023 сылга диэри Сунтаар нэһилиэгин дьокутаатынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Оттон бу ааспыт күһүн  үлэһит, дьон кыһалҕатын, туруорсуутун чугастык ылынан, кыһалҕа оҥостон үлэлиир эдэр салайааччыны бэйэтин түөлбэтин олохтоохторо улуус дьокутаатынан талбыттара.

Жанна Петровнаттан дьокутаат диэн хайдах буолуохтааҕый, туох санаанан салайтаран үлэлиэхтээҕий диэн ыйытыыбар маннык хоруйдуур: «Биһиги үлэбит диэн дьон кыһалҕатыгар көмө, сүбэ-ама буолааһын. Күн аайы ыйытар, сүбэлэтэр, көмө көрдүүр дьон элбэх. Онно барытыгар төһө кыайарбынан, билэрбинэн көмө оҥоро сатыыбын. Холобура, кыһалҕалаах дьоҥҥо сүтүктэрин көрдүүртэн саҕалаан улахан үлэлэргэ тиийэ…»

Ол курдук, Жанна дьокутааттыырын устата үс улахан бырайыакка кыттыһан үлэлээбитин киэн тутта кэпсиир. «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн тупсаҕай эйгэни тэрийии тосхолунан Ленин болуоссатын тупсаран тутууга үгүстүк үлэлээбитин билэбит. Кини бу манна уонна «Олорор сири тупсаран оҥоруу» федеральнай бырагырааманан биһиги улууспут киинигэр —  Сунтаарга «Экологтар искибиэрдэрэ» тутуутугар куоластааһыҥҥа үлэлэспитэ, дьону көҕүлээн үгүс баһыйар куолаһы ылан, билигин дьиэ кэргэнинэн, оҕолор сынньаналларыгар, күүлэйдииллэригэр аналлаах аныгы тутуулаах болуоссат, искибиэр баар буолла. Искибиэр тутуута өссө да салгыы барар. Сотору бары сигилитэ ситэн, эмиэ биир бэртээхэй сынньанар сирдээх буолуохпут. Ону сэргэ «Алмазэргиэнбанк» 30 сылын туолуутунан «Миллион развития» баан бырайыагар биһиги улууспутуттан кыттыбыт социальнай суолталаах бырайыактаах оскуолаларга куоластааһыҥҥа олохтоохтору эрэ буолбакка, Сунтаар туһугар ыалдьар өрөспүүбүлүкэ дьонун куоластаппытын түмүгэр 1 нүөмэрдээх оскуола баан көҕүлээбит үбүтттэн тиксэн турар. Бу барыта элбэх сыраттан, бириэмэни аахсыбакка туран үлэлээһинтэн тахсар.

Ону таһынан пандемия кэмигэр эмиэ бэйэтин көмөтүн биллэрэн, Сунтаар нэһилиэгин көхтөөх, амарах санаалаах 24 ыччатын муһан, волонтерскай штаб тэринэн үлэлээбиттэрэ. Билигин да волонтердарга наадыйдахпытына Жанна Петровнаҕа төлөпүөннээбиппитин билбэккэ хаалабыт диэччи үгүс. «Харысхал» ДНД чилиэнэ, полиция сотрудниктарын кытта эмиэ ыкса ситимнэһэн, нэһилиэккэ уопсастыбаннай бэрээдэги көрүүгэ үлэлэһэр, обургу оҕолорго, ыччат дьоҥҥо өйдөтүү үлэтин ыытар. Жанна Петровнаны ыччат да, оҕо да сөбүлүүр буолан, кини тыла ыйааһыннаах буолар.

Улуус дьокутааттарын сэбиэтин сиэссийэлэригэр мэлдьи сылдьан, бэйэтин санаатын-көрүүтүн этинэр, уопсай кыһалҕаҕа үлэлэһэр бастыҥ дьокутааттартан биирдэстэрэ буоларын биир идэлээхтээхтэрэ этэллэр.

«Инникитин да үлэм, толкуйум элбэх. Үгүс идиэйэлэрбин олоххо киллэрдэхпинэ, быыбардааччыларым итэҕэллэрин чиэстээхтик сүгэбин дии сананыам» диир оройуон дьокутаата.

 

Яина ВЛАСЬЕВА