Ороһуоспа диэн — христианство итэҕэлигэр Иисус Христос төрөөhүнүн бэлиэтиир күн. Бу үрдүк суолталаах сырдык бырааһынньыгы билигин, итэҕэлиттэн тутулуга суох, аан дойду үрдүнэн бэлиэтииллэр. Үтүө санаа, үөрүү-көтүү бырааһынньыгын быһыытынан үгүс үтүө дьыала, аахсыйа, дьаарбаҥка, бэстибээл, о.д.а. ыытыллаллар. Ороһуоспа Григориан халандаарынан ахсынньы 25 күнүгэр ылыллар буоллаҕына, Юлиан халандаарыгар тохсунньу 7 күнүгэр түбэһэр. Христианиннар уһун кэмнээх постара бу күн үүнэр түүнүгэр маҥнайгы сулус тахсыыта түмүктэнэр. Таҥара дьиэлэригэр анал сулууспалар ыытыллаллар.
Ороhуоспа үгэстэрэ: бэйэ-бэйэҕэ бэлэх бэрсиһии, Ороһуоспа маһын, дьиэ иһин-таһын киэргэтии, доҕоттордуун, аймах дьоннуун көрсүһүү, таҥара дьиэтигэр сылдьыы, о.д.а. Маны таһынан бу күнтэн саҕалаан Святка күннэрэ саҕаланаллар. Таҥара дьиэтэ, итэҕэл биһирээбэтэр да, бу кэмҥэ сэрэбиэйдэнии норуокка киэҥник тарҕаммыт.
Ороһуоспа күн тугу гыныллыбата: дьиэни сууйуу-сотуу, хомуйуу, иистэнии бобуллар. Оттон бэйэ төһө баҕарар суунуон-тарааныан сөп эбит. Бу күн төһө да пост кэмэ түмүктэннэр, тоҕо-хоро аһыыртан, арыгыны иһэртэн туттунар ордук. Ороһуоспа күн этиһии-бурайсыы, атааннаһыы суох буоларыгар кыһаллыахтаахпыт. Үтүө санаанан салайтаран, бу сырдык бырааһынньыгы өрө көтөҕүллүүлээхтик көрсүллүөхтээх.
Ороһуоспа күнүнэн!
“Сунтаар сонуннара” хаһыат.