Сэтинньи 4 күнүгэр Арассыыйаҕа олорор норуоттары түмэр Сомоҕолоһуу күнүн бэлиэтиибит. Доҕордуу үтүө сыһыаны олохтоон, биир санаанан салайтаран олордохпутуна олохпут оҥкула тупсар, сайдар. Бу дириҥ ис хоһоонноох бэлиэ күнү көрсө, биһиги эрэдээксийэбит үлэһиттэрэ араас омук сириттэн төрүттээх дьиэ кэргэттэр араспаанньалара ханан силистэнэн-мутуктанан үөскээбитин билистибит.
Маар Күөл нэһилиэгэр Ли диэн араспаанньалаах кэриэй омук төрүттээх Туйаара Лины кытта кэпсэттибит.
– Биһиги эһэбит Ли Се Гун 1917 с. Хотугу Кэриэйэттэн Пхеньян куораттан Арассыыйаҕа кэлбит. Революционер Сергей Лазо этэрээтигэр киирэн үрүҥнэри утары сэриилэспит. Кэлин Бодойбоҕо көмүс хостооһунугар үлэлээбит. Оттон Саха сиригэр кэлэн эбэбитин көрсөн ыал буолар. Чурапчыга Хадаар бөһүөлэгэр олорбуттар. Биһиги аҕабыт 3 саастааҕар эбэбит суох буолбут. Аччыктааһын сылларыгар эһэбит уу ыраастыыр тэрил айан оҥорор. Билигин элээмэтэ турар дииллэр. Ол кэннэ иккиһин ыал буолан, Дьокуускайга олохсуйан 3 оҕоломмуттар. Аҕабыт Макар Сегунович Ли кэпсииринэн, эһэбит оҕуруот аһын олордон ырыынакка атыылыыр үһү. Көтөр фабрикатын диэки бааһыналаах эбит. Аҕабыт эһэбитин кытта кэриэйдии кэпсэтэллэрэ.
Улууспутугар Окс диэн араспаанньа хантан кэлбитин, туох төрүттэрдээхтэрин билсэбит. Ол курдук, Людмила Окс кэпсииринэн, кини кэргэнэ Людвиг аҕата Чехияттан Томпо оройуонун Хаандыга бөһүөлэгэр кэлэ сылдьан, Тааттаттан төрүттээх кыыһы кэргэн ылбыт. Хаандыга сиригэр-уотугар ыал буолан, оҕо-уруу төрөтөн, үлэлээн-хамсаан олорбуттар. Оттон 1970 с. улахан кыыстара финансовай үөрэҕи бүтэрэн Сунтаарга ананар, төрөппүттэрэ кыыстарын кытары кэлсэн манна олохсуйаллар. Оттон Аллыҥаттан төрүттээх Людмила Федоровна кэргэнин Людвиг Людвиговичтыын 1975 с. дьоллорун холбоон, Окс диэн араспаанньалаах дьиэ кэргэн Сунтаарбыт улууһугар баар буолбут. Уопсайынан бу Окс араспаанньаҕа араас омук сыдьааннара бааллар эбит.
Галина Ли-до-чен Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо: “Биһиги Ли-до-ченнар араспаанньабыт 1915 с. Бодойбоҕо көмүс хостооһунугар үлэлээбит Василий Лидочен диэн Шаньдун провинциятыттан сылдьар кытай киһититтэн саҕаланар. Ол эрэн, бу араспаанньабыт баар буолбута туспа остуоруйалаах, кэпсээннээх буолан биэрдэ. Василий Лидочен дьиҥнээх араспаанньата Ван Чин диэн буолуон сөп дииллэр. Ол курдук, урукку бирикээсчик биһиги эһэбитигэр Лидочен диэн бииргэ үлэлиир омук киһитин аатын сыыһа суруйан кэбиспит. Ол иһин Ван Чин Лидочен буолан хаалбыт. Биһиги эһэбит Ли До Чен курдук ааттаах кэриэй Ньурбаҕа олорбута дииллэр. Василий Ли-до-чен Сунтаар Бүлүүчээниттэн төрүттээх Данилова Ольга Михайловна диэн саха кыыһын кэргэн ылан Ли-до-ченнар буолаллар. Билигин Ли-до-ченнар Сунтаарга ууһаан-тэнийэн олоробут. Онон биһиги бэйэбитин кытай норуотуттан төрүттээхпит диэн ааттанабыт”.
Корея дойдутугар Тен диэн киэҥник тарҕаммыт араспааньа биһиги улууспутугар 1933 с. баар буолбут. Дьылҕа хаан киһи барахсаны кимиттэн-тугуттан тутулуга суох уһун үйэтигэр буулаҕа мас курдук мускуйан, үөл талах курдук эрийэн, тургутан ылар кэмнэрдээх. Ол курдук, Корея Мен-Чан-Гун провинциятыттан төрүттээх Тен Ун Чун аҕатын кытта Саха сиригэр 1927 с. көһөн кэлбиттэр. Чэпчэкитэ суох уһун айаны тутан, Алдан куоракка кэлэн биир сыл онно олохсуйбуттар. Алдаҥҥа Тен Ун Чун көмүс хостооһунугар үлэлээбит. Онтон кэлин Дьокуускайга, Өлүөхүмэҕэ олорон иһэн, Сунтаар сиригэр-уотугар айаны туталлар. Хомойуох иһин, Тен Ун Чун аҕата аара суолга тыына быстан, олохтон туоруур. Инньэ гынан, уол чороҥ соҕотох Сунтаарга кэлэр. Кини киэҥ көҕүстээх, дьаныардаах, тулуурдаах буолан, сэбиэскэй гражданствоны ылан паспорыгар Дмитрий диэн ааттанар. 1952 с. олохтоох кыыһы Елена Николаевна Кими көрсөн, сүрэхтэрин холбоон ыал буолан оҕо-аймаҕы төрөтөн, ууһаан-тэнийэн бараллар. Билигин кини биэс сиэн уола Тен араспаанньаны киэн тутта сүгэллэр, аатын ааттаталлар.
Юрий О Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо, култуура үлэһитэ: “Мин ийэм О (Очосова) Елена Мунгиевна 1914 с. Иркутскай уобаласка Бэтинчэҕэ төрөөбүтэ. Аҕата (ол аата мин эһэм) О Чо Си – 1873 сыл төрүөх уонна ийэм ийэтэ ( ол аата мин эбэм) Ким Сан Е – эмиэ 1873 сыл төрүөх Кореяттан 1908-1910 с. Арассыыйаҕа кэлбиттэр. Онтон Сунтаарга Ленскэйтэн көһөн кэлэн 1934 с. Куокуну нэһилиэгэр Элгээн диэн сиргэ олохсуйбуттар. Эһэм Сунтаарга сылдьан дьону кытта кэпсэтэригэр, сурукка-бичиккэ илии баттыырыгар О Чо Си диир эбит. Дьэ, ол иһин мин араспаанньам сахалыы уларыйан Очосов диэн буолбут. Ити эһэм О Чо Си диирэ эмиэ туспа дьикти остуоруйалаах. Мин эһэм дьиҥинэн аата Мун Ги диэн. Ийэм отчествота ол иһин Мунгиевна диэн. Кореяҕа эһэм «Чо Си» диэн экзамен туттарбыт. Бу экзамены туттардахтарына звание биэрэллэр эбит «Чо Си» диэн, онтукабыт нууччалыыта «госслужащий» диэн буолар. Эһэм дьону кытта билсэригэр «О Чо Си» дэниэхтээх. Онтон званиетын эппэккэ холобур «О Мун Ги» диэтэҕинэ кинини култуурата суох диэн сыаналыыллар эбит. Дьэ, ол иһин мин эһэм Сунтаарга кэриэйдэр быраабылаларын кытаанахтык тутуһан О Чо Си диэнинэн биллэр.
Мира АФАНАСЬЕВА