Арассыыйаҕа педагог уонна аҕа сүбэһит сыла
Ааспыт нэдиэлэттэн биһиги улууспутугар СӨ Олоҥхо тыйаатырыттан Саха сирин биир бастыҥ олоҥхону толорооччута, тыйаатырга уһуйааччы маастарынан үлэлиир, СӨ үтүөлээх учуутала Никандр Тимофеев уонна тыйаатыр артыыһа Дмитрий Иванов кэлэ сылдьалларын көрсөн, улууспутугар кэлбит сыалларын-соруктарын туһунан ыйыталастым:
Никандр Тимофеев:
– Мин Олоҥхо тыйаатырыгар эдэр артыыстарга сахалыы тойугу уобарастарынан сөпкө туойалларыгар көмөлөһөөччү, сүбэлээччи-амалааччы курдук дуоһунаска үлэлии-хамсыы сылдьабын. Быһата наставниктара буолабын. Ону таһынан олоҥхону сөпкө толоророрго үөрэтэн, ону дьоҥҥо иһитиннэрэр курдук уонна кинилэр олоҥхолообуттара кэлэр көлүөнэлэргэ хааларын курдук толору олоҥхолоон (биһиги өбүгэлэрбит ити үгэстэрин тутуһан олоҥхолотон) Муусука уонна фольклор түмэлигэр анал пуондаҕа уурдарабын.
Билиҥҥитэ уһуйар артыыстарым соччо элбэҕэ суохтар, уончалар. Кинилэртэн икки киһи олоҥхотун уһултаран, пуондаҕа уурдарбытым. Кинилэр билигин иккис олоҥхолорун үөрэтэ, дьарыктана сылдьаллар. Онон билигин кинилэр бары олоҥхону толоро, олоҥхолуурга бэлэмнэнэ сылдьаллар.
– Онтон Сунтаарга кэлбит сыалыҥ-соругуҥ туһунан билиһиннэрбэккин ээ?
– Сахабыт сирин улуустарыгар баар Олоҥхо дьиэлэрин биир ситимҥэ киллэриэхтээхтэр. Онно киллэрэн кинилэргэ Олоҥхону испэктээк курдук туруоран норуокка көрдөрөллөрүгэр харчы көрүөхтээхтэр. Сүрүн сыала итиннэ сытар. Сунтаар улууһугар ити үп көрүллүбүт буолуохтаах. Ол иһин «Олоҥхо боотурдара» сиэрийэҕэ тахсыбыт Митрофан Захарович Мартынов «Уол Дуолан бухатыыр» олоҥхотун туруорарга бэлэмнэнии үлэтэ саҕаланан эрэр. Дьэ, онно оонньуохтаах дьону сүүмэрдээһиҥҥэ үлэлэһэ сылдьабыт. Истиигэ кэлбит сорох эдэр дьон тойукка олох сыстыбатах буолаллар. Ону кинилэргэ хайдах туойулларын, куолас, кылыһах аһылларый диэҥҥэ манна баар исписэлиистэри сыһыаран эрчийэбит, сүбэлэтэбит.
Сүүмэрдээһин үлэтэ билигин салҕанан бара турар. Сорох оруолларга син тыыппалаах дьону буллубут, атын оруолларга дьону була иликпит. Бу үлэ салҕанан барыаҕа. Ол барыта ситтэҕинэ, мин баҕа санаам, туруорбут олоҥхо испэктээкиллэрин улуус нэһилиэктэринэн уонна Бүлүү бөлөх улуустарынан гастрольнай туур оҥороннор, дьон дьүүлүгэр, көрүүтүгэр таһаараллара буоллар диэн. Ити буолар Сунтаарга кэлбит сүрүн сыалым диэн.
Дмитрий Иванов:
– Сунтаар улууһугар кэлиибит диэ… Дьиҥинэн испэктээк турбута хас эмэ сыл буолла. Туох да кистэл буолбатах, үбүлүөйтэн үбүлүөйгэ биһиги – култуура үлэһиттэрэ – саҥаттан-саҥа идея көрдүүбүт, «өссө тугу гынабытый» диэн толкуй буолар. Ол курдук, маннааҕы култуура управлениетын тэрээһининэн ааспыт үлэ кэнниттэн манна исписэлиистэри эҥин мунньан кэпсэтиһии буолбута. Сунтаарга Сэргэй Сибиэрэптэн саҕаламмыт үлэ-хамнас күн бүгүнүгэр диэри сайдан кэллэ диэн түмүккэ кэлбиппит. Биллэн турар, ол ийэлэрбит аҕаларбыт, эһэлэрбит эбэлэрбит өҥөлөрө буоллаҕа. Оттон билиҥҥи биһиги көлүөнэ дьон тугу гыныахпытын сөбүй, кэнчээри ыччакка тугу эмэ хаалларыахтаахпыт диэн бары биир өйгө-санааҕа кэлэммит, «Уол Дуолан бухатыыр» олоҥхону туруоруохха диэн буолбута. Тоҕо диэтэххэ, Саха сиригэр олоҥхону сайыннарыы үлэтэ саҕаламмыта син добуочча кэм буолла. Ол быһыытынан ЮНЕСКО испииһэгэ диэн баар. Онно ханнык улууска төһө элбэх олоҥхолор бааллара суруллар. Испииһэги көрдөхпүнэ Сунтаар-Олоҥхо дойдута диэн ааттанар. Ол быһыытынан, дьиҥинэн, олоҥхобут элбэх буолуо диэммин, дьиҥэр, испэр эрэнэ санаабытым. Ону баара испииһэги көрдөххө сэттэ эрэ олоҥхо аата баар. Дьиҥэр, фольклору, историяны ырытан, үөрэтэн көрөөччүлэр суруйалларынан, улууспутугар элбэх олоҥхоһут баара биллэр эбит. Ол гынан баран, хомойуох иһин, олоҥхолорун тиэкистэрэ суруллан хаалбыта суох, ону таһынан маннык-маннык олоҥхоһут олорон ааспыта диэн баар эрээри, олоҥхотун аата ситэ чуолкайдамматах, биллибэт курдук буолан хаалбыт. Оттон толору суруллубут олоҥхолорго эмиэ туһунан кэккэ уустуктардаах буолан биэрдэ. Арай «Уол Дуолан бухатыыр» эрэ испииһэккэ толору олоҥхо быһыытынан сылдьар. Өссө олоҥхону анал үөрэхтээх дьон толору ырыппыттар этэ. Арай бу кэнники сылларга өссө атын олоҥхолор көстүбүт буолуохтарын сөп. Ол эрээри билиҥҥи кэмҥэ олоҥхо эйгэтин дьоно бары ылынан өйдүүллэрин курдук, бары киэбинэн барытынан олоҥхоҕо эппиэттиир айымньы буолуохтаах. Манна сыһыаннаан сорохторго Сэргэй Сибиэрэп үбүлүөйүгэр кыҥаан, тоҕо кини айымньыта турбатый эҥин диэн санаа киириэн сөбө буолуо. Ол эрэн, мин бэйэм толкуйдуурбунан, төһө да атын киһи айымньыта буолбутун иһин, син биир Сэргэй Сибиэрэп тэлбит суолун батыһааччылара буоллахтара дии. Туох да диэбит иһин, биһиги улууспут былааҕа — Сэргэй Сибиэрэп. Онон Сунтаар иһиттэн төрүттээх дьон ханна да тиийэн ыллыы-туойа сылдьыбыппыт иһин, син биир Сибиэрэп сиэннэрин курдук ылыналлар. Онон бу аны икки сылынан буолаары турар Сэргэй Сибиэрэп төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар атын айымньы да турдаҕына син биир Сэргэй Сибиэрэп үлэтин түмүгэ диэн сыаналаныахтаах уонна ылыныллыахтаах.
Гаврил АНДРЕЕВ.