Олоҥхо ыһыаҕар «Күөрэгэйдэр» көрсүһүүлэрэ

Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар «күөрэгэйдэр» көрсүһүүлэрэ буолан ааста
“Муона чараҥын” чээлэй күөх хонуулаах ырааһыйата кичэллээхтик, араас тутууларынан дьиктитик оҥоһуллан киэркэйбит. Сахалар төрөөбүт-үөскээбит төрүт култуурабыт, былыргы историябыт, тылбыт-өспүт, олохпут-дьаһахпыт сиһилии көрдөрүллэн сырдатылынна.
«Күөрэгэйдэр» көрсүһүүлэрин Сунтаар “Күөрэгэй” түмсүүлэрин салайааччыта Сардаана Афанасьева, Туйаара Алексеева тэрийдибит. Ону таһынан, «Күөрэгэй» хамсааһын кыттыылаахтара Дьокуускай, Ленскэй куораттан, «Кэрэ эйгэ» Мииринэй куорат кэрэ куолара кыттыыны ыллылар.
«Сэһэн түһүлгэтин түстээн» диэн атах тэпсэн олорон дьиэ кэргэн иһинээҕи эйгэни тупсарар ньымалар тустарынан кэлбит ыалдьыттары кытта сэһэргэһии, санаа атастаһыыта олохтонно. Оҕону иитии боппуруоһугар, балысханнаах сайдыылаах кэммитигэр Ийэ тылбыт инники кэскилин тула санаа үллэстиитэ буолла. Ону таһынан, бэйэ-бэйэбитигэр үтүө сүбэлэрбитин атастастыбыт.
Кэпсэтии түмүгүнэн «Сэһэн түһүлгэтигэр» кыттыбыт дьон хас Олоҥхо ыһыаҕын ахсын Ийэ тылбыт туһугар үлэлэһэр үтүө сүбэһиттэрбит кыттыылаах олохтоох кэпсэтиини салгыах, тэрийиэх буоллубут.
Аммаҕа буолан ааспыт XVII Олоҥхо ыһыаҕа өтөр-наар умнуллубат үтүө өйдөбүлү хаалларда.

Сардаана АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше