Алтынньы 27 күнүгэр “Бартыһаан” култуура театрализованнай киинигэр Сунтаар нэһилиэгин “Сомоҕо” түөлбэтэ “Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута” диэн улуустааҕы фольклорнай бэстибээл күрэһигэр көхтөөхтүк кытынна. Манна Сунтаардааҕы 3 №дээх орто оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлара, “Алгыс” бэтэрээннэр кулууптара түөлбэлэрин көмүскээтилэр. Оҕолор чабырҕах, үгэ, тойук, дэгэрэҥ ырыаны, оһуокай оонньуутун оройуттан туттулар, С.А. Зверев-Кыыл Уолун “Оһуорун” үҥкүүтүн үҥкүүлээн көрдөрдүлэр. Алын сүһүөх 2-с кылааһын үөрэнээччилэрэ — “Эйгэ» фольклорнай бөлөх оҕолоро, (кыл. сал. Иванова С.М. уус-уран сал. Алексеева.Т.А.) “Төрөөбүт төрүт тыл” чабырҕаҕы, Кирилл Николаев “Кулунчук”дэгэрэҥ ырыаны, Кристина Егорова “ Эһэ уонна куобах”- диэн үгэни толорон көрөөччү биһирэбилин ыллылар. “Уолан” тойуксуттар бөлөхтөрө, 3-с кылаас үөрэнээччилэрэ ини-бии бырааттыылар Данил, Ярослав Евсеевтар, Эльдар Ераскумов (кыл.сал. Кириллина Н.А, уус-уран сал. Алексеева.Т.А) “Олоҥхо дойдута Сунтаарым” тойугу дорҕоонноох куоластарынан доллоһута туойдулар. Ортоку, үрдүкү сүһүөх үөрэнээччилэрэ “Оһуор”үҥкүүнү үрдүк таһымнаахтык толорон түөлбэ кэнсиэрин ситэрэн-хоторон биэрдилэр (“Түһүлгэ” ансаамбыл салайааччыта. Лазарева М.В.).
Учууталлар “Сомоҕо тойуксуттара” Иванова С.М, Кушатова Ф.Ю, Мыреева С.Р. Күндэ тылыгар “Төрөөбүт тыл” хоһоонугар тойук туойан көрөөччүлэр ытыс тыастарынан доҕуһуолланнылар. Сахалыы үнүстүрүмүөн төрүт дорҕоонугар “Кырыымпа” бөлөх — Анна Сергеева, уонна үс көлүөнэ Ефим, Егор, Арсен Тартаковтар дьиэ кэргэттэрэ кырыымпа ураты тыаһынан дьон дууһатын туттулар.
Оҕолорго кэскиллээх тойуксут, оһуокайдьыт Дэвид Васильев “Аар Баҕах”тойуга ыһыаҕы санатта (сал. Тамара Спиридонова). Ефрем Афанасьев ырыаны-тойугу, үгэни, чабырҕаҕы, оһуокайы өрө тутан кэрэхсэттэ. Аҕам саастаах Далбар Хотуттар Мария Иванова, Елизавета Догойдонова чыыбы-чаабы чабырҕаҕы чаҕылыччы эттилэр (сал. Галина Васильева). Егор Музарбаев “Ахтылҕан айана” дэгэрэҥ ырыанан эҕэрдэтин тириэртэ.
Кэнсиэр оһуокай оонньуутунан түмүктэннэ. Саҥа этээччи Оксана Петрова кылыһахтаах кэрэкэ куолаһа кылыгырыы дьиэрэйдэ.
“Сомоҕо” түөлбэ салайааччыта Константин Тотонов кэнсиэр кыттыылаахтарыгар туоһу сурук, грамота туттартаата. Инникитин даҕаны түөлбэ араас тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытта сылдьалларыгар баҕа санаатын эттэ.
Туйаара АЛЕКСЕЕВА, УНАК фольклорга исписэлииһэ