Олохтоох, төрүт бородууксуйабыт дойду тэбэр сүрэҕэр сыаналанна

Арассыыйаҕа биир улахан агропромышленнай «Көмүс күһүн» диэн быыстапка үгэскэ кубулуйан, быйыл 26-с төгүлүн Москуба куоракка буолан ааста. Бу быыстапка тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар сүҥкэн оруоллаах. Быйылгы «Көмүс күһүн» агропромышленнай быыстапка «Тимирязев киин» баараҕай комплексыгар ыытылынна.

Маннык улахан таһымнаах быыстапкаҕа Сунтаар улууһуттан Антонида Барашкова салайааччылаах «Тирэх» уонна Уһун Күөл нэһилиэгиттэн Римма Семенова салайааччылаах «Благо 8» кэпэрэтииптэр ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Бу туһунан сиһилии «Тирэх» кэпэрэтиип салайааччыта Антонида Николаевна кэпсээтэ. «Дойду тэбэр сүрэҕэр — Москуба куоракка биһиги бэйэбит оҥорон таһаарар бородууксуйабытын киэҥ көрүүгэ таһаардыбыт. Ол курдук, сугун уонна морошка барыанньабытыгар кыайыылааҕынан ааттанан, кыһыл көмүс уонна үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаланан үөрүүбүт үксээн сылдьар. Бу быыстапкаҕа Саха сириттэн элбэх хаһаайыстыба кыттыыны ылан, бары да ситиһии кынаттанан кэллэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан агро хайысхалаах оскуолалар, кэпэрэтииптэр, олор истэригэр биһиги биир дойдулаахпыт Римма Павловна салайааччылаах «Благо 8» кэпэрэтиип бэйэлэрэ оҥорон таһаарар арыыларынан эмиэ ситиһиилээхтик кытыннылар. Маны сэргэ, араас пленарнай мунньахтар буоллулар. Манна бэйэбитигэр наадалаах, интириэһиргиир, кыһалҕабытын быһаарар мунньахтарга сылдьан, элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Инники үлэбитигэр хайдах торумнаахтык үлэлиирбитин уонна онно сыал-сорук туруорунан кэллибит. Маны таһынан, «АГРОПРОДМАШ» тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын астыыр-үөллүүр салааҕа аналлаах араас тэрил быыстапката тэрилиннэ. Манна тас дойдуттан уонна Арассыыйа иһигэр араас бородууксуйалары оҥорор тэриллэри көрдөрдүлэр. Мантан бэйэбит оҥорон таһаарар бородууксуйабыт хаачыстыбатын тупсарыыга үгүһү, туһалааҕы билэн, саҥа тупсаҕай тэриллэри оҥорор тэрилтэлэри кытары кэпсэтэн, дуогабар түһэрсэн кэллибит».
Бу курдук, биһиги улууспутугар олохтоох, төрүт бородууксуйабытын оҥорон таһаарар кэпэрэтииптэр баалларынан уонна бу салааҕа үлэлэһэр дьоннорбутунан киэн туттабыт.

Елизавета ТИТОВА.

Читайте дальше