Доруобуйаларыгар хааччахтаах күн сирин көрөр оҕолор сыллата ахсааннара элбиир диэн туһааннаах исписэлиистэр бэлиэтииллэр. Сунтаарбыт нэһилиэгэр биир ураты хайысхалаах үөрэх кыһата, коррекционнай интэринээт-оскуола буолар. 40-тан тахса сыл иитэр-үөрэтэр эйгэҕэ үлэлээбит уопуттаах, сатабыллаах салайааччы Анисия Игнатьевалыын кэлэктиибин үлэтин-хамнаһын туһунан ис киирбэх, интэриэһинэй сэһэргэһии буолла. Барыта 58 оҕо үөрэнэр, 51 үлэһит, олортон 27-тэ педагог, исписэлиистэринэн толору, олигофренопедагог, психолог, логопед, о.д.а. биир дьиэ кэргэн курдук үлэлээн-хамсаан олороллор.
Биир сүрүн хайысхаларынан медицинскэй өттүнэн үлэ буолар диэн физиокабинет сиэстэрэлэрэ Александра Кислая, Агния Копылова кэпсииллэр.
Сүрүн сыаллара оҕо доруобуйатын тупсарыы, бөҕөргөтүү, онно анаан араас профилактическай үлэлэри ыытыы буолар. Ол курдук, массаж, эти-сиини сайыннарар дьарыктар, эмтээх отторунан доруобуйаны тупсарыы, ону тэҥэ, анаммыт кылаастарынан куруһуоктары тэрийэллэр. Оҕолор саамай сөбүлээн дьарыктанар, сынньанар, аралдьыйар сирдэринэн – туус хоһо. Туус хоһун тэрилтэ бэйэтин күүһүнэн оҥорон үлэҕэ киллэрбитэ киһини сөхтөрөр. Туустарын Кэмпэндээйиттэн ыланнар, үлэһиттэр анал килиэйинэн сыһыаран барытын бэйэлэрин кыахтарынан, сатабылларынан үлэҕэ киллэрбиттэр. Туус салгынынан тыынан оҕолор доруобуйалара бөҕөргүүр, тупсар.
Оҕо сайдар эйгэтэ таба тэрилиннэҕинэ элбэх сатабылы иҥэринэр, билиитэ хаҥыыр, санаатын сайа этэр, дьону кытта сатаан алтыhар буолар диэн санаанан салайтараннар, тэрилтэ толору хааччыллыылаах кэбиниэттэринэн, хосторунан тэринэн олороллор. Ол курдук, араас элбэх методическай босуобуйаны оҕо тыла сайдарыгар дьарыктарга туттарга аналлаах оонньууру, бэйэ илиинэн оҥоһуллубут көмө, тирэх оҥоһуктары логопед Ольга Назарова көрдөрөн кэпсээтэ.
Технологияҕа үлэ араас үөрүйэхтэрин, сатабылларын иҥэрэн инники олоххо бэлэмнииллэр, манна оҕолор оҥоһуктара элбэх.
Учууталлар Октябрина Черепанова, Октябрина Данилова 5-с кылаастан 10-с кылааска диэри кыргыттары иискэ үөрэтэллэр. Бу манна оҕолор быысыбайдыырга, иистэнэргэ уһуйулланнар араас күрэххэ кытталлар. 9-с кылааһы бүтэрэллэригэр оҕолор олус үчүгэй иистэнэр массыына хаҕын аттаран тикпиттэр уонна презентация, бырайыак оҥороннор көмүскээбиттэр. Уолаттар уһаналларыгар эмиэ анал хостоохтор, кинилэри араас инструмены туттарга, уһанарга үөрэтэллэр.
Психолог Альбина Егорова релаксацияҕа анаммыт хоһо оҕо ис туругун бөҕөргөтөр, уоскутар сыаллаах оҥоһуллубут.
Салайааччы көҕүлээһининэн, норуот педагогиката оҕону иитиигэ тэҥҥэ барыахтаах диэн сыалтан «Дьиэ кэргэн – иитэр кыһа» диэн 2013 сыллаахха түмэл тэрийбиттэр. Экспонаттары үлэһиттэр бэйэлэрин кыахтарынан, кимиэхэ туох баарынан мунньубуттар. Түмэл үлэтин сыала – оҕо дьиэ кэргэнин туһунан билиитин кэҥэтии, төрөөбүт дойдуга тапталы иитии, гражданскай өйү-санааны иҥэрии, өбүгэ үгэһин, кинилэр олохторун-дьаһахтарын үйэтитии. Түмэл түөрт хайысхалаах: “Дьиэ кэргэн – иитэр кыһа”, “Дьиэ кэргэн бибилэтиэкэтэ”, “Дьиэ кэргэн туттар мала-сала”, “Оҕо сааһым – ойор күнүм”. Бу хайысхалар бары тус-туһунан дириҥ ис хоһоонноохтор. Ол курдук, Дьоруой ийэлэр тустарынан, элбэх сыл бииргэ олорбут ыаллар, оҕо иитиитигэр бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрбит дьиэ кэргэттэр историялара баар. Ытык ыалларга анаммыт муннук, оҕону иитиигэ аналлаах матырыйааллар, өбүгэлэрбит тутта сылдьыбыт сэдэх малларыттан саҕалаан сэбиэскэй саҕанааҕы иһит-хомуос, туттар тэрил эгэлгэтин көрүөххэ сөп. Оҕо саас умнуллубат эйгэтигэр урукку кэмнээҕи оонньуур арааһа бу манна баар. Түмэли оскуола психолога Альбина Егорова салайар.
Оскуола-интэринээт сэбиэдиссэйэ Анисия Игнатьева оскуолатын туһунан маннык кэпсиир:
– Быйыл дойдубутугар Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас, улууспутугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сыллара биллэриллэн бэйэ-бэйэтин кытта ситимнээх олус үчүгэй сыл буолуо диэн эрэнэбит. Дьиэ кэргэни кытта уопсастыбаннай иитии тэҥҥэ бардаҕына эрэ ситиһиилээх үлэ тахсар. Оҕону иитии силиһэ-мутуга дьиэ кэргэҥҥэ сытар, онон сиэттэрэн, бииргэ ону тутан үлэлиибит.
Оҕону былыр-былыргыттан норуот муудараһынан, талаанынан, кыаҕынан иитэн кэлбитэ. Бу норуот педагогиката дэнэр, оҕону иитиигэ улахан суолталаах. Дьиэ кэргэн хайдах оҕону иитэрэ, кини үгэстэрэ, тэринэн олороро, ийэ, аҕа, эһээ, эбээ сыһыана, өйдөбүллэрэ улахан оруоллаах. Оҕо булгуччу ийэтин эмиийин эмэн улааттаҕына бэйэ-бэйэлэригэр ситимнэрэ күүһүрэр. Оҕо тирэнэр тирэхтэрэ ийэтэ, аҕата, дьиэ кэргэнэ буолар. Сатабыллаах сатаан уһанар, иистэнэр олоххо толору бэлэмнээх дьону иитэн таһаарар биһиги сорукпут.
Оскуоланы бүтэрэллэригэр оҕолорбут сибидиэтэлистибэ ылаллар уонна начаалынай профессиональнай үөрэххэ салгыы үөрэниэхтэрин сөп. Иистэнньэҥ, повар, кондитер, атах таҥаһын улларааччы, парикмахер, компьютернайга киирбит оҕолор бааллар.
Биир сүрүн үлэбитинэн араас бырайыактары айан, толкуйдаан ыытабыт. Олортон биирдэстэрэ “Биһиги бииргэбит”, “Танцуют все”, “Элбэҕи ааҕабыт, үгүһү билэбит”, «Саҥарар оҕо саас», о.д.а. Манна бары үлэһиттэр ким да ордубакка оҕолору кытта үлэлэһэн, бэлэмнэнэн кыттыыны ылаллар. Бары биир санаанан түмсэн үлэлээтэххэ, үлэ түмүктээх, кыайыылаах буолар.
Оскуолабыт дьиэтэ-уота, усулуобуйата тупсарыгар элбэх үлэ барар. Куокунуттан остолобуой дьиэтин көтүрэн киллэрэн мастарыскыай туппуппут, аан бастакы улахан үөрүүбүт этэ. Ол кэннэ икки этээстээх, 12 кыбартыыралаах дьиэни көтүрэн киллэрэн бэйэ күүһүнэн успуорт саалатын туттубуппут. Саҥа таас интэринээти үөрэх министиэристибэтэ, улуус дьаһалтата, үөрэх салаата өйөөн, туттаран, оҕолор сырдык, ыраас, сылаас дьиэҕэ, хоско 4-түү буолан олороллор.
Саҥаттан саҥа, сонун көрүү баар буоллаҕына үлэлииргэ интэриэһинэй буолар. Ол курдук, 2008 с. радиостудия арыйан үлэлэтэ олоробут, салайааччы – Ольга Назарова. Быйылгы ситиһиибит улуустааҕы радиоспектакль күрэҕэр “Чаачахаан уонна Алаа Моҥус” айымньынан Гран-при аатын ылан олус үөрдүбүт. Маны таһынан, телестудиялаахпыт, салайааччы Надежда Семенова, тэттик киинэлэри, ойуулуктары, биэриилэри устабыт. Холобур, “Саллаат уола Чооруона” киинэбит «Потомки Победы” бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ 3-с миэстэ буолан турардаахпыт. «Оҕо туйгун» диэн Егор Евсеев олоҥхотунан ойуулук, «Тоҕус төгүл тоҕо» киинэни оҥорон таһаарбыппыт. Ону тэҥэ, оскуола тыйаатыра тэриллэн эмиэ ситиһиилээхтик үлэлиир. Билигин киноконцерт устаары бэлэмнэнии үлэтэ барар. Педагогтар профессиональнай таһымнарын үрдэтэр сыалтан араас күрэстэргэ кытталлар, куурустарга үөрэнэллэр. Ол курдук, профессиональнай күрэстэр кыайыылаахтара «Лучший учитель РС(Я)-2013» – дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Марфа Федорова, “Лучший дефектолог РС(Я)-2022” – Оксана Попова, “Воспитатель года РС(Я)-2023” – Марфа Рожина. Үлэһиттэрбит бары олус талааннаахтар олортон биирдэстэрэ, физкультура учуутала, Аан дойду мас тардыһыыга чемпиона Федор Федоров, илиилэригэр дьоҕурдаах үлэ учууталлара Семен Поскачин, Прокопий Иванов, Алексей Иванов, энтузиаст тренер Афанасий Тимофеев буолаллар.
Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕо кыра эрдэҕиттэн тустаах оскуолаҕа үөрэннэҕинэ, анал үөрэҕи, көрүүнү-истиини ыллаҕына сайдарыгар улахан олук ууруллар. Бүлүү бөлөх улуустарыгар соҕотох коррекционнай оскуола-интэринээт Сунтаарбытыгар баара бу бэйэтин кэминээҕи салайааччылар киэҥ көрүүлэринэн, сатабылларынан салайыллан үлэҕэ киирбитэ буолар. Биһиги саамай улахан үлэбит, сыалбыт-сорукпут оҕону кыратыттан бэйэтин көрүнэ, тулалыыр эйгэни, атын дьону-сэргэни кытта алтыһа үөрэнэрэ буолар. Кыра да ситиhииттэн саҕалаан оҕо бэйэтин кыаҕар эрэлин улаатыннаран, оҕо тус бэйэтэ, кыаҕар сөп түбэһэр, сайдар эйгэтин тэрийэн, бэйэлэригэр эрэллэрин улаатыннаран, социальнай актыыбынастарын үрдэтэн үлэлииргэ кыһаллабыт.
Доруобуйатыгар хааччахтаах оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ исписэлиистэр этэллэринэн, оҕо эмиэ сайдар кэмнээх. Ол бириэмэтэ ааһан хааллаҕына, ыараханнык ылынар буолар. Онон ол үөрэнэр, чэпчэкитик ылынар кэмин аһарбакка, төрөппүт маҥнай доруобуйатыгар хааччахтааҕын билбит буоллаҕына, тутатына анал оскуолаҕа үөрэтэрэ ордук. Оччоҕуна дьэ, оҕо сайдыыта тупсан, сөптөөхтүк барар.
Бу курдук, бүгүн биһиги ураты, айымньылаах үлэлээх, саҥа саҕахтары арыйарга бэлэм, түмсүүлээх, бары да талааннаах, оҕо туһа диэн кыһаллан үлэлии-хамсыы сылдьар оскуола кэлэктиибин кытта алтыһан аастыбыт. Кинилэр үлэлэрин, оҕолор сатабылларын көрөн сөхтүбүт. Бу чэпчэкитэ суох үлэҕитигэр өссө да ситиһиини, тулууру, дьулууру баҕарабыт.
Хаартыскаҕа үөрэнээччилэр үлэлэрин көрөҕүт:
Алена ИВАНОВА