Быйылгы үөрэх дьылын аҥаара бэлиэр түмүктэнэн, үөрэнээччилэр үһүс чиэппэргэ үктэннилэр. 9-с уонна 11-с кылааһы бүтэрээччилэргэ ордук эппиэттээх кэмнэр саҕаланнылар. Ол курдук, оҕолор быйыл сүрүн (ОГЭ) уонна биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэни (ЕГЭ) туттарарга бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Биһиги эксээмэннэри туттарыы, быйыл туох сонун уларыйыы киирбитин туһунан Сунтаардааҕы үөрэҕирии управлениетын уопсай үөрэхтээһиҥҥэ салаатын салайааччыта Алексей Иванову кытта кэпсэттибит.
– Алексей Иннокентьевич, сүрүн уонна биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэннэр хайдах балаһыанньанан баралларын сырдата түһүөҥ дуо?
– Билигин 9-с кылааһы бүтэрээччилэр 2 булгуччу эксээмэни (нуучча тыла уонна математика) уонна 2 талбыт предметтэрин туттараллар. 11-с кылааһы бүтэрээчччилэр аттестат ылар иһин эмиэ 2 булгуччу эксээмэни (нуучча тыла уонна математика) туттараллар. Оттон орто уонна үрдүк үөрэххэ киириэн баҕалаах оҕолор талбыт предметтэригэр эмиэ эбии эксээмэн туттарыахтарын сөп.
– Бу үөрэх дьылыгар улуус үрдүнэн хас оҕо эксээмэн туттарыай?
– Бүгүҥҥү күн туругунан улуус үрдүнэн 9-с кылааһы 402 оҕо бүтэриэхтээх, 11-с кылааһы – 229 оҕо. Эксээмэн буолар сирдэрэ чуолкайдаммыттара: 9-с кылаастарга 11 оскуолаҕа эксээмэн туттарар пуун олохтонно, былырыыҥҥыттан биир пуунунан элбээтэ. 11-с кылаастарга – 7. Пууннар харгыһа суох үлэлииллэригэр сөптөөх миэрэлэр ылылланнар бэлэмнэнии үлэтэ бара турар.
– Бу үөрэх дьылыгар эксээмэни тутууга туох эбии уларыйыы киирдэ?
– Быйылгы эксээмэннэр сүрүн уратылара диэн 9-с кылаастарга оҕолор үлэлэрэ үлэлээбит аудиторияларыттан тута сканерданан барыа. Бу иннинээҕи сылларга, эрдэ, барыта биир сиргэ түмүллэн, штабтан сканерданан барар этэ. Ол иһин бу үөрэх дьылыгар эксээмэн тутар пууннар сканердарынан толору хааччылыннылар. Оттон 11-с кылааһы бүтэрээччи эксээмэннэригэр уларыйыы суох.
– Эксээмэннэри туттарыы болдьоҕо чопчуланна дуо?
– Эксээмэннэргэ киирэргэ 9-с кылаас оҕолоро бастаан түмүктүүр собеседованиены ааһыахтаахтар. Быйылгы собеседование олунньу 14 күнүгэр буолар, маны кыайан ааспатах үөрэнээччилэргэ кулун тутар 13 уонна муус устар 15 күннэригэр ааһалларыгар эбии кыах бэриллэр.
Сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэн (ОГЭ) тутаах этаба ыам ыйын 21 күнүттэн, биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэн (ЕГЭ) ыам ыйын 23 күнүттэн саҕаланаллар. Эксээмэннэр буолар күннэрин үөрэҕирии салалтатын, эбэтэр оскуолалар сайтарыгар көрүөххэ сөп.
– Эксээмэн туттарааччыларга тугу этиэҥ этэ?
– Быйыл оскуоланы бүтэрэр үөрэнээччилэргэ, кинилэр төрөппүттэригэр уонна учууталларыгар ситиһиини баҕарабыт. Оҕолор долгуйбакка, аймаммакка, бары быраабылалары тутуһан, ситиһиилээхтик түмүктүүр эксээмэннэрин туттарыахтара диэн эрэнэбит. Эксээмэннэргэ туһааннаах ыйытыылаах буоллаххытына, 21-0-19 нүөмэргэ эрийэн билсиэххитин сөп.
Татьяна Маркова, РФ иитиигэ уонна үөрэҕириигэ бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Арассыыйа бастыҥ учуутала-2018» бириэмийэ кыайыылааҕа, «Сунтаар улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй үрдүкү категориялаах математикаҕа учуутала:
– Тиһигин быспакка үөрэммит, бэлэмнэммит оҕоҕо эксээмэни туттарыы, дьиҥэр, улахан аймалҕана, долгутуута суох түгэн. Оттон көтүтүүлээх үөрэнээччи, биллэн турар, долгуйар, куттанар даҕаны. Мин санаабар, эксээмэни туттарааччы оскуолаҕа ылар билиитин таһынан бэйэтэ “самостоятельно” эбии дьарыктанара ордук. Уруогу, консультациялары таһынан эбии дьарыктаныахтарын, онлайн куурустарга үөрэниэхтэрин сөп. БКЭ туттарааччылар 10-11-с кылаастарга икки сыл күүскэ дьарыктаныахтарын наада. Биир үксүн үгүс оҕо 9-с кылаас кэннэ, 10-ска киирэн баран, “быйыл эксээмэммит суох” диэн ыһыктынан кэбиһээччилэр. Математика учууталын быһыытынан этиэхпин сөп, бу 10-с кылаас бырагырааматыгар БКЭ-ҕэ туттарар тиэмэлэрин 75%-нын үөрэтэллэр. 11-скэ 25 эрэ %-на хаалар. Ол иһин бу кылааска көтүппүт оҕо 11-скэ ыараханы көрсөр. Аны туран, атын-атын киһи быһаарарын оҕо араастаан ылыныан сөп. Онон атын альтернативнай дьарык син биир наада. Төрөппүт өттүттэн ыгыы-түүрүү суох буолуохтаах. Ол оннугар сөптөөх эрэсиими, аһааһыны тутуһуннарыылара, холкутук сыһыаннаһыылара, өйөөһүннэрэ үтүө эрэ өрүттээх буолуо. Олус долгуйар оҕолор баар буолаллар. Бэйэлэригэр ирдэбиллэрэ аһара кытаанах буолан, предмети билбиттэрин да иһин, долгуйан кыайан эксээмэни туттарыа суохтарын сөп. Эппиэттээх түгэҥҥэ аймалҕаҥҥа ылларан ыһыллан хаалааччылар эмиэ бааллар. Оҕолорго туһаайан өссө төгүл этиэм этэ, олох сыал-сорук оҥостон “самостоятельно” эбии дьарыктанарга дьулуһуҥ.
Светлана Иванова, А.П.Павлов аатынан Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын 9 «б» кылааһын салайааччыта:
– Оскуола үөрэнээччилэрэ ОГЭ-ҕа уруок аайы бэлэмнэнэллэр дии саныыбын. Үөрэтэ сылдьар темалара барыта эксээмэн сорудаҕар сыһыаннаах. Ону таһынан бэлэм эбэтэр учуутал оҥорбут тестэрин толороллор. Бастакы пробнай эксээмэннэрин туттарбыттара. Ордук үчүгэй көрдөрүүнү нуучча тылыгар ылбыттара. Үлэлэрин объёмун 100% толорботохторуттан намыһах баллаахтар элбэхтэр. Билигин 100% толорор кыахтара да суох. Өссө да үөрэтэ илик темалара элбэх. Онон эксээмэҥҥэ диэри өссө хаста да холонон көрөн эбиллэн иһиэхтэрэ.
Мин кылааһым үөрэнээччилэрэ нуучча тылын уонна математиканы таһынан үксүлэрэ обществознаниены талбыттара. Элбэх араас үөрэххэ киирэргэ обществознание наада диэн талбыттар. 11-с кылааска даҕаны обществознаниеҕа ЕГЭ туттараары холонон көрөллөр. Биирдиилээн оҕолор информатиканы, географияны, биологияны, омук тылын талбыттара. Физиканы, химияны биир да оҕо талбатаҕа.
Эксээмэннээх оҕолордоох төрөппүттэргэ учуутал уонна бэйэм төрөппүт быһыытынан сүбэм диэн оҕолор оскуола кэнниттэн уруок ааҕалларын, дьиэҕэ эбии дьарыктаналларын курдук усулуобуйа оҥоһуллуохтаах. Бу эппиэтинэстээх үөрэх сылыгар аһара элбэх айаннаах, аралдьыйыылаах күрэхтэһиилэринэн үлүһүйүүнү аҕыйатар ордук. Оскуолаҕа үөрэтэр учууталларыттан ураты репетиторга эбии дьарыктаныы практиката уруккуттан баар. Онлайн репетитордар, босхо онлайн вебинардар интэриниэккэ арааһыттан бааллар. Онтон оҕону кытта көрөн бэйэҕитигэр сөптөөҕү талан дьарыктаныҥ. «Решу ОГЭ» диэҥҥэ киирэн оҕолор күн аайы талбыт предметтэринэн тест толорон эрчиллэ сылдьаллара үчүгэй.
Ньургун Николаев, Артем Ефимов, Настя Федорова:
– Биһиги үһүөн атын-атын оскуолаҕа үөрэнэбит. Маҥнай ОГЭ диэни истэ-истэ хайдах эрэ куттана, толло саныыр этибит. Бары обществоны уонна биологияны талбыппыт. Уруоктары көтүппэккэ, болҕомтолоохтук үөрэниэххэ наада. Сорох оҕолор репетитор бөҕөтүгэр дьарыктаналлар, ол эрэн көтүмэхтик сыһыаннаһааччы элбэх. Эбии интэриниэккэ дьарыктар элбэхтэр, биһиги онтон элбэхтик туһанабыт, эрчиллэбит. ОГЭ-лээх оҕолорго ситиһиилэри баҕарабыт!
Анна Петрова, элбэх оҕолоох ийэ:
– Биһиги 5 оҕолоохпут. Икки улаханым устудьуон. Орто уолбут ОГЭ-лээх. Тус бэйэм ийэ киһи быһыытынан, бастатан туран, оҕону ЕГЭ, ОГЭ диэн өй-санаа өттүнэн наһаа хам баттаабаппын, аһара долгуппаппын. Бастатан туран, оҕо эрэсиимин хонтуруоллуубут. Сөптөөхтүк утуйан, сынньанан, тыа оҕото таһырдьа үлэлээн-хамсаан, иҥэмтиэлээх аһы аһаан сылдьыахтаах. Билигин интэриниэт үйэтигэр араас эбии дьарык элбэх. Оҕону кытта төрөппүт ыкпакка-түүрбэккэ холкутук кэпсэтэ-ипсэтэ сылдьыахтаах. “Оо, дьэ, ОГЭ, оо, дьэ ЕГЭ” дии сырыттахха оҕо төттөрүтүн айманан, ыһыллан, эксээмэнигэр уустуктары көрсүөн сөп.
Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА, Марфа ИВАНОВА