Биһиги бииргэ төрөөбүт эдьиийбит Софронова Наталия Егоровна быйыл от ыйыгар төрөөбүтэ 100 сылын туолла. Быйыл Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы, өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылынан,  үйэлээх сааһыгар үлэлээн-хамсаан, олоҕун үлэҕэ анаабыт, эдэр дьону сүбэтинэн-аматынан идэтигэр такайбыт киһи туһунан ахтан-санаан ааһарбыт тоҕоостоох дии саныыбыт.

Наталия Егоровна Егор Иванович, Александра Афанасьевна Софроновтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон төрөөбүтэ. Оскуолаҕа түөрт кылааһы бүтэрбитэ. Сэрии сылларыгар 1942-1946 сс. үлэ фронугар Дьокуускайга “фабрично-заводское обучение” (ФЗО) диэҥҥэ хабыллан, Сунтаартан Ксенофонтова Евдокияны, Данилова Дарияны кытта барбыта. Онно олох мас, остуол, ыскаап оҥоһуутугар, өрөмүөнүгэр, атын да үлэҕэ сылдьыбыт. Дьокуускайтан кэлэн баран “Партизан” холкуоска чилиэнинэн киирэн үлэлээн барбыт.

“Софронова Наталия 1949 сылга хортуоска сыыс отун ыраастаата – 1,92 га – 16 көлөһүн күнэ, ат сиэттэ – 5 га – 6,2 көлөһүн күнэ. 402 түүтэх бурдугу баайда, от муста. Софронов Егор бөрөгүөстээтэ, уу баста, кыраабыл оҥордо, буола оҕуста. Софронов Иван оҕус сиэттэ, сир бороонньулаата” диэн биригэдьиир биир лиискэ суруммута баар. “Бартыһаан” холкуос Бадьыайка (Фадейка) диэн сиргэ хортуоппуй, турнепс, эриэппэ, моркуоп, луук, помидор, оҕурсу олордор этэ. Онно биригэдьиир Громов Василий Осипович, агроном Им Миралия Гаврильевна, Егоров Степан, Сергеев Семен Федотович үлэлээбиттэрэ. Ол саҕана оскуола оҕолоро оҕуруокка хото үлэлииллэр этэ.

1950-с сылларга үчүгэй үлэтин иһин иккитэ миэтэрэлээх таҥаһынан бириэмийэлэнэн турар. 1955 с. “Бартыһаан” холкуос биригэдьиирэ В.О. Громов уонна эдьиийбит Н.Е. Софронова оройуоннааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттыбыттара. Онно кыттыбытын туһунан 248 нүөмэрдээх сибидиэтэлистибэ баар.

“Сталин суола” хаһыат 1956 с. олунньу 15 күнүнээҕи нүөмэригэр: “Бартыһаан” холкуос оҕуруотун биригээдэтигэр ССКП ХХ съеһин чиэһигэр социалистическай куоталаһыыга киирсэн, көһүйэни оҥорууга Н.Софронова, Т.Лекяева, В.Бечехова күннээҕи сорудахтарын 120-150% толордулар. Васильев И.Н. оҥорбут станогунан үлэ оҥорумтуота 50% үрдээн, 40 тыһ. оннугар 103 тыһ. буор-кунус көһүйэ оҥоһуллубут. А.Донской” диэн иһитиннэрии тахсыбыт.

1959 с. сайын мин балтыбын Уляны, эдьиийбит уола Софрону кытта эдьиийбитин батыһан Бадьыайкаҕа парникка уу кутуһан, буолаҕа сыыс оту үргээн, күһүн оскуолаҕа киирэрбит саҕана, көлөһүн күнүнэн буолбакка, уу харчынан хамнас төлөөбүттэрин олох умнубаппын. Ол саҕана холкуостаахтарга көлөһүн күнүн оннугар уу харчынан төлөһүү саҕаламмыт кэмэ буолуо.

1965 с. Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин уонна сулууспалаахтарын профсойууһун уобаластааҕы кэмитиэтин Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаламмыт. Онно” судаарыстыбаннай сортоиспытательнай хайысхаҕа үчүгэй үлэтин иһин” диэн этиллэр.

Эдьиийбит Наталия уола Софронов Софрон Николаевич 1951 сыллаах төрүөх. Ахсыс кылаас кэнниттэн “Бордоҥ”, “Сунтаар” сопхуос Бартыһааннааҕы отделениетыгар тиэйэр-таһар үлэҕэ, оҕуруокка рабочайдаабыта. Музыкаҕа сыстаҕас этэ, хоһоон суруйуутугар холоноро. Хомойуох иһин, 1978 с. күн сириттэн күрэммитэ.

Эдьиийдэрбит Наталия, Мария “кириэстии”, “гладью” ньыманан быысабайдыыллара, араас сабынан сыттык сабыытын (накидашка), покрывало баайаллара. Өссө атын кыргыттары кытта (Мария, Маргарита Софроновалар, Бороскуой, Таня, Маша Лекяевалар, Зоя Ксенофонтова) куоталаһа-куоталаһа баайар, тигэр курдуктар этэ. Холкуоска, сопхуоска үлэлии-үлэлии, дьиэ үлэтиттэн быыс булан, түүн-күнүс дьарыгырар сүрэҕи-бэлэһи, бириэмэни эрэйэр буоллаҕа. Ити айымньылаах үлэ биир көрүҥэ этэ. Тикпитэ, баайбыта билигин да баар ээ, уура сылдьабыт.

Биһиги эдьиийбит Наталия Егоровна үлэлээн ааспыт туоһулара элбэх бочуотунай грамота, “В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан”, “Үлэ бэтэрээнэ”, Сталин төбөлөөх мэтээллэр, Кыайыы 30, 50 сылларынааҕы юбилейнай мэтээллэр, “Тыыл бэтэрээнэ” бэлиэ – үчүгэй үлэтин кэрэһиттэрэ.

Наталия Егоровна үйэтин тухары оҕуруокка үлэлээбитэ. Өр сылларга Сунтаардааҕы сортоиспытательнай учаастак солбуллубат үлэһитэ этэ. Кэлин сааһыран баран сопхуос хонтуоратыгар остуорастаабыта. 1995 с. уһун ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта.

Сэбиэскэй былаас саҕана боростуой үлэһит киһи сыаналанарын биһиги эдьиийбит үлэлээн ааспыт үлэтин кэрэһиттэрэ буолан, араас наҕараадаларын уура сылдьабыт. Эдьиийбит Наталия Егоровна Софронова төрөөбүтэ 100 сылын туолбутунан ахтан-санаан ахтыы суруйдум.

 

Роберт СОФРОНОВ.

Читайте дальше