Арассыыйаҕа биллэриллибит Педагог уонна Аҕа сүбэһит сылын чэрчитинэн, ону сэргэ, бүгүн, алтынньы 1 күнүгэр Аан дойдуга Музыка күнэ бэлиэтэнэринэн Сунтаардааҕы оҕо искусствотын оскуолатын фортепиано кылааһын үрдүкү таһымнаах уһуйааччыта, СӨ култууратын туйгуна, СӨ Учууталларын учуутал, Светлана Исаева туһунан ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит.
Светлана Максимовнаны кытары кэпсэтэрбэр аан бастаан саха сиэринэн хантан хааннааҕын токкоолостум. Ол курдук, Светлана 1948 сыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр Чурапчыга Пермяковтар диэн ыалга бастакы оҕонон төрөөбүт. Кини кэнниттэн бу ыал өссө түөрт оҕолоноллор. Онон Светлана биэс оҕолоох ыал улаханнара буолан урукку кэм сиэринэн балыстарын, сурдьуларын бүөбэйдээн туһугар эмиэ кинилэргэ ийэ оруолун толорор. Элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Анна Николаевна Федорова сэрии сылларын кэмигэр – 1942 сыллаахха Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищеҕа ырыа отделениетыгар үөрэммит. Онон Светлана бу эйгэни олоҕун аргыһа оҥосторугар, музыканы таптыыр, араас инструменнары билэр, оонньуур дьарыга ийэтиттэн бэриллибит буолуохтаах. Онтон аҕалара Максим Максимович Пермяков Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, сэрии кэмигэр разведчик-связист эбит. Сэрии кэнниттэн Покровскайга, Чурапчыга, Жатайга, Дьокуускайга милииссийэ уорганыгар таһаарыылаахтык үлэлээбит байыаннай киһи. Света киниттэн эппиэтинэстээх, сорудаҕы лоп-бааччы толорор, дьиссипилиинэлээх буолуу курдук киһиэхэ бэриллэр үрдүк хаачыстыбалары иҥэриммит.
Света Пермякова 3-с кылааска үөрэнэ сылдьан өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы музыкальнай оскуолаҕа — Покровскай куоракка фортепиано кылааһыгар үөрэнэр. Дьэ мантан саҕаламмыта кыыс музыканан күүскэ дьарыктаныыта, музыка инструменнарын араас дьэрэкээн тыаһын истэ үөрэниитэ. Кэлин, оскуоланы бүтэрэн баран, олохпун музыканы кытары ситимниир эбиппин диэн Светлана биир тулхадыйбат санааны ылынар.
Бу баҕатын толорон Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищены 1968 сыллаахха “муусука учуутала, сольфеджио преподавателэ” идэлээх бүтэрэр. Ол кэннэ Саха сирин култууратын министиэристибэтэ анааһынынан үлэтин биографията Сунтаар оройуонугар саҕаланар. Светлана Максимовна Сунтаарга музыкальнай оскуолаҕа хайа күн биһиги оройуоммутугар ананан кэлиэҕиттэн үлэлиир. Оскуолатын аата эрэ уларыйда. Ол курдук урут «музыкальнай оскуола» диэн буоллаҕына, билигин «оҕо искусствотын оскуолата» диэн ааттанна. Эдэр педагог манна үлэлии-үлэлии үөрэҕин үрдэтинэн Хабаровскайдааҕы искусство уонна култуура академиятын 1983 сыллаахха эрдэ Дьокуускайга ылбыт идэтигэр эбии “хор салайааччыта” диэн эбииликтээх дьупулуом тутар.
Үлэлиир оскуолатыгар саабыстыыр даҕаны, дириэктэринэн да таһаарыылаахтык үлэлиир. Кини дириэктэрдиир кэмигэр хореография, фольклор, прикладной айымньы, ырыа кылаастара аһылланнар, билигин да оҕолор манна сылдьан үөрэнэллэр, үүнэллэр-сайдаллар.
Светлана Максимовна билиитин-көрүүтүн мэлдьи хаҥатта сылдьар, араас сэминээргэ, маастар-кылааска сылдьан элбэххэ үөрэнэр, атыттары үөрэтэр, эдэрдэргэ бэйэтин баай уопутуттан үллэстэр үтүө майгылаах үлэһит.
Үгүс элбэх, сыралаах үлэтэ сыаналанан Арассыыйа таһымнаах грамоталарынан бэлиэтэнэр, СӨ култууратын туйгуна буолар.
«Ханнык баҕарар ааттааҕар-суоллааҕар, хайҕабыллааҕар үрдүк наҕараада – үөрэнээччилэрим ситиһиилэрэ» диир “СӨ култууратын туйгуна” бочуоттаах аат хаһаайката Светлана Максимовна. Ол курдук, кини үөрэтэр оҕолоро улуус, өрөспүүбүлүкэ, дойду, о.д.а. таһымнаах араас күөн-күрэскэ ситиһиилээхтик кытталлар. Чугастааҕыттан ылан билиһиннэрэр буоллахха, бу сылга Мииринэй куоракка “Северная звезда” куоҥкуруска иитиллээччитэ Семенова Лиза дипломант буолбута. Бу куоҥкурус зонатааҕы күрэһигэр Тихонова Николина уонна Семенова Лиза эмиэ дипломант буолбуттара. Оттон “Новые имена Якутии” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ Лиза дипломант, Игнатьева Ариша лауреат буолан учууталларын үөрдүбүттэрэ.
“Розовая чайка” норуоттар икки ардыларынааҕы куоҥкуруска 2022 сыллаахха Иванова Майя ситиһиилээхтик кыттан, учууталын, төрөппүттэрин үөрдүбүтэ. Үөрэнээччилэр ситиһиилэрин маннык өссө да ааҕа туруохха сөп, ол эрээри хаһыаппыт иэнэ кыратынан тохтуум дуу. Биир тылынан эттэххэ, талааннаах учуутал үрдүк таһымнаах күрэстэргэ үөрэнээччилэрин ситиһиитэ элбэх.
Аны, Светлана Максимовна биир эмиэ киэн туттар бочуоттаах аата «Учууталлар учууталлара» диэн буолар. Бу үрдүк ааты учуутал киһиэхэ иҥэрии кини үөрэппит оҕолоруттан учуутал идэтин талан таһаарыылаахтык үлэлии сылдьааччылар ахсааннарыттан буолуохтааҕа буолуо. Онон Светлана Максимовна бу ааты чиэстээхтик сүгэр. Кини үөрэппит, дьарыктаабыт, уһуйбут оҕолоро учууталларын суолун батыһан оҕону кэрэҕэ – ырыаҕа, муусукаҕа үөрэтэр идэни талан, билигин өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлии-хамныы сылдьаллар. Ол курдук, В.И.Мойтохонова – “Мозаика” оҕо, “Көҕүөр”, “Өрөгөй” ырыа ансаамбылларын уус-уран салайааччылара, А.Н.Гуринова – “Чебурашка” оҕо сайдар киинин музыкальнай салайааччыта, Г.Ю.Попова үрдүкү музыкальнай оскуола преподавателэ, пианисткалар Ольга Иванова, Валентина Расторгуева о.д.а.
Светлана Максимовнаттан “үйэ аҥаарыттан ордук үлэлээбит кэмҥэр ордук умнуллубакка өйгөр хаалбыт көрүдьүөс түгэннэртэн кэпсии түспэккин ээ” диэн көрдөстүм. Маныаха кини “оо, оннук түгэн олус элбэх бөҕө буоллаҕа. Олортон биири кэпсиим дуу. Урут, хас сыллаахха эбитэ буолла, өссө чуолкай өйдөөбөт эбиппин, Мииринэй куоракка УАЗ массыынанан биир эмиэ киһи холугар сөп куоҥкуруска бардыбыт. Биһигини кытары Лариса Семенова-Нуурал суруналыыс быһыытынан барыста. Элбэхпит. Биир кыыспар барыам иннинэ эн түүппүлэҕин уларытаар, уруккуҥ кыччаабыт этэ диэтим. Аҕатыгар эмиэ бу туһунан эттим. Өссө соҕотох аҕа буолан, мин атыылаһарга көмөлөһүүм диэн тылламмыппын аҕата барахсан бэйэбит көрөн ылыахпыт диэн аккаастанна. Мииринэйгэ куоҥкуруспут саҕаланна. Били кыыспытын сценаҕа ыҥырдылар. Арай көрбүтүм, барахсаным сцена ортотугар диэри атаҕын соһон таҕыста. Музыкальнай инструменыгар олордо эрээри, сиргэ атаҕа олох тиийбэт курдук. Өйдөөбүтүм, кыыһым бэйэтигэр олус улахан түүппүлэ кэппит, аҕата икки размерынан улаханы атыыласпыт эбит. Ол эрээри кыыһым санаатын түһэрбэккэ, олус бэркэ оонньоото. Кэнсиэр тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ инбэлиит оҕолооххут эбит диэн кыыспын сүрдээҕин аһынна. Дьэ ити курдук кэнсиэрдээн, куоҥкуруска кыттан, кыыһым түмүккэ дипломант буолан дойдубутугар төнүннүбүт. Аара кэлэн иһэн, Нуурал күлэр: “Чэ, туох буолуой, атахпыт таҥаһа улахана, төһө да доҕолоҥнооторбут, кылаабынайа, өттүк харалаах баран иһэбит” диэн күллэрбитин билигин да саныыбын. Уопсайынан, Алексеевна олус да көрүдьүөс буолааччы ээ. Ити кэпсиир кыыһым билигин сүрдээх үлэһит, ситиһиилээх. Пианистка бэрдэ”.
Мин Светлана Исаева туһунан кылгас бэлиэтээһин оҥороору олорон төрөөбүт сылын, сылын өйдөөн көрбүтүм доҕоттоор, оруобуна үбүлүөйдээх күнэ эбит дии. Ол курдук Учууталлар учууталлара, дэгиттэр талааннаах киһи 75 сааһын туолбут. Онон Светлана Максимовнаны үбүлүөйдээх күҥҥүнэн ааҕааччылар ааттарыттан истиҥник эҕэрдэлээтэҕим буолуохтун. Доруобуйа, үөрүү, ситиһии эрэ эйигин кытары эҥээрдэстиннэр!
Ааптар: Яина Власьева