От ыйын 1 күнүгэр Түбэй нэһилиэгэр олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн, Бүлүү эбэбит кытылыгар бэрт сэргэх күрэс буолан ааста. Күрэс сыала-соруга үүнэр көлүөнэни, оҕону балыктааһыҥҥа көҕүлээһин, балыксыт үрдүк аатын чиэстээхтик өрө тутууну көрдөрүү. Барыта уонтан тахса сааһыттан тутулуга суох балыксыттар спинниннээх, балыктыыр тэриллээх, ох курдук оҥостон кэлэн икки чаас устата күрэхтэстилэр. Ким тулуурдаах, дьулуурдаах, сатабыллаах балык арааһын хабарга холонно. Ол курдук, балыктааһын түмүгүнэн:
Кыргыттарга: 1 миэстэ — Виктория Денисова, 2 — Жанна Чалбанова.
Уолаттарга: 1 миэстэ — Юра Борисов , 2 — Марат Илларионов, 3 — Маркел Лукавин.
Ону таһынан, анал ааттар «Саамай элбэх балык»- Виктория Денисоваҕа , «Саамай улахан балык»- Юра Борисовка, «Саамай эдэр балыксыт»- Эрсан Максимовка, «Кыра балык» — Жанна Чалбановаҕа иҥэрилиннилэр.
Олохтоох, аҕам саастаах дьон «оҕо интэриэһин тардар, балыктыырга үөрэтэр сыаллаах үчүгэй күрэс инникитин даҕаны ыытыллар тэрээһиҥҥэ кубулуйара буоллар” диэн баҕа санааларын эттилэр.
ВАЛЕНТИН ЧАЛБАНОВ,
спортинструктор