Сунтаарга бу кэлиҥҥи күннэргэ биллэ элбэх хаар түһэн чааһынай дьиэлээхтэргэ түбүк өссө эбилиннэ.
Сылын аайы аҕам саастаах, кырдьаҕас кыаммат дьоҥҥо оҕолор, ыччаттар көмөлөһөн абырыыллар.
Биһиги бэтэрээммит Ульяна Егоровна Софроноваҕа бүгүн оҕолор кэлэн көмөлөһөн барбыттарын, кинилэргэ махтанарын суруйар:
— Бүгүн, Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын 8 «а» кылааһын оҕолоро (сал. Лилия Петровна Попова) кэлэн күүлэбит хаарын түһэрэн, тиэргэн хаарын таһан биэрдилэр. Кинилэргэ тимуровскай көмөлөрүн иһин барҕа махтал тылларын этэбит. Кыһалҕалаах, кыаммат, кырдьаҕас дьоҥҥо ити курдук үөрэ-көтө көмөлөһө сылдьыҥ.
«Сунтааар сонуннара» улуус хаһыата