«Быйыл миэхэ 3-с нүөмэрдээх оскуола оҕолоро күүс-көмө буолан, дьиэм таһын халыҥ хаарын ыраастаан улахан көмөнү оҥордулар. Махталбын тириэрдиэм этэ бу оҕолору үөрэтэ-такайа сылдьар учууталларга, оскуола кэлэктиибигэр. Ордук чуолаан ахсыс кылаас кэлэктиибигэр» диэн махтанан суруйар Сунтаар олохтооҕо Исаева Светлана Максимовна.
Ол курдук, бу күннэргэ Сунтаардааҕы 3-с нүөмэрдээх оскуола оҕолоро кылаас салайааччыта Наталья Николаевна, завуч Евгения Николаевна салалтатынан Сунтаар нэһилиэгэр олорор аҕам саастаах Светлана Максимовнаҕа баран көмөлөстүлэр, дьиэтин таһынааҕы хаарын ыраастаан биэрдилэр.
Бу маннык аҕам саастаах дьоҥҥо түмсэн көмө субуотунньуктарынан тахсар дьон, ордук оҕо дьон, үтүө быһыылара үөрдэр, бука барыбытыгар холобур буолар.
«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата.