Оҕо тыла-өһө сайдыытыгар төрөппүт сүрүн болҕомтотун ууруохтаах

Ааспыт бээтинсэҕэ С.А.Зверев-Кыыл Уолун улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр эдэр ийэлэргэ оҕо иитиитигэр Төгүрүк остуол буолла. Бу тэрээһини улуустааҕы дьахтар сэбиэтэ (салайааччы Александра Иванова) уонна логопед-педагог идэлээх, элбэх оҕолоох ийэ Марианна Сидорова   бииргэ сүбэлэһэн тэрийдилэр. Марианна Яновна кэлиҥҥи сылларга төрөөбүт оҕолорго тылларын сайдыытыгар кэһиллии улаханын туһунан кэтээн көрүүлэрин кэпсээтэ. Оннук оҕолордоох дьону кытта үлэлээн саҕалаабытын иһитиннэрдэ. Оҕо тылыгар туһалаах дьарыктары көрдөрдө. Бэйэтэ таһаарбыт сүбэлэрин буклетын барыбытыгар бэлэхтээтэ. Кини араас  сүбэтин истэн элбэҕи билбэппитин иһиттибит, биллибит.

Сунтаар оройуонун педиатра М.А.Игнатьева, дьиэ кэргэн уонна ыччат социальнай-психологическай өйөбүлүн киинин улуустааҕы филиалын педагог- психолога Татьяна Антипина, оҕо бибилэтиэкэрин кылаабынай библиотекара Марфа Спирова олус интэриэьинэй бэсиэдэ оҥордулар. Ону таһынан  Тускулаана Горохова-Кобельянова оҕо иитиитигэр уонна төрөөбүт тылбытын дьиэ кэргэҥҥэ сөпкө туттуу туһунан бэйэтин санаатын үллэһиннэ. Онтон мин дьиэ кэргэҥҥэ сыһыан уонна уол оҕону иитиигэ аҕа оруола суолтатын туһунан кэпсээтим. Педагог, остуол оонньууларын баһылаабыт элбэх оҕолоох ийэ Таисия Ксенофонтова  оҕолору остуол оонньууларыгар дьарыктаата.

Дьэ, бу курдук, үөрэх дьыла аһыллаары турдаҕына төрөппүттэргэ туһалаах көрсөһүү буолла.

Кэлбит төрөппүттэр интэриэһиргиир боппуруостарыгар туьалаах субэ-соргу истэн, астынан тарҕастылар.

Оҕолорбут — олохпут кэскиллэрэ, этэҥҥэ чэгиэн-чэбдик буола улааттыннар, сайдыылаах  дьон буолуохтара диэн эрэниэҕиҥ. Тускуо!

 

Альбина ПРОКОПЬЕВА, дьахталлар улуустааҕы сэбиэттэрин чилиэнэ

Читайте дальше