Оҕо  сүрэҕэр төлөнү  саҕааччылар: пионерияттан эбии үөрэхтээһин саҥа саҕахтарыгар 

Н. М. Родионова аатынан Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайыннарар киин (Пионердар дьиэлэрэ) 65 сыл­лаах үбүлүөйүнэн кулун тутар 27 күнүгэр  Дьокуускай-Өктөм-Хатас-Жатай-Сунтаар маршрутунан автобуһунан экспедицияҕа айаҥҥа туруннубут. Бэлиэ сылбыт үөрүүтүн үллэстэн улууспут эбии үөрэхтээһинин икки тэрилтэтиттэн  – «Ситис» интеллектуальнай киин дириэктэрэ Марианна Григорьева, солбуйааччыта Галина Прокопьева, Элгээйитээҕи айылҕа музейын дириэктэрэ Анна Иванова, педагог Нюргустана Иванова  экспедиция кыттыы­лаахтара, үтүө аргыс буоллулар. 

(суоллааҕы бэлиэтээһиннэр)

Бүлүүгэ 

Суолбут ортотугар Н.Г. Чернышевскай аатынан  Бүлүүтээҕи педагогическай колледжка эбии үөрэхтээһин педагогун (ПДО) идэтигэр үөрэнэр устудьуоннардыын көрүстүбүт, колледж түмэлигэр ыалдьыттаатыбыт.  Дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Надежда Владимировна, ПДО завуһа  Анастасия Афанасьевна  үөрэх кыһатын туһунан билиһиннэрдилэр. СЦДТ-быт туһунан кэпсээн, өйдөбүнньүк бэлиэбитин бэлэхтээн, үөрэнээччибитин Дайаана  Саввинованы көрсөн, дуоһуйа кэпсэтэн баран айаммыт суолун салҕаатыбыт.

Дьокуускайга 

Кулун тутар 28 күнүгэр, эбиэт кэнниттэн «Юные якутяне» өрөспүүбүлүкэтээҕи тирэх кииҥҥэ (дир. Ирина Черкашина) сылдьан эбии үөрэхтээһин бүгүҥҥү үлэтин билистибит, санаа атастаһан баар кыһалҕалар, ситиһиилэр тула аһаҕас кэпсэтии ыытылынна.  

Сарсыныгар  Ф. И. Авдеева аатынан оҕо айымньытын дыбарыаһыгар (дир. Татьяна Иванова) баай ис хоһоонноох экскурсияны Наталья Дмитриевна ыытта. Дыбарыас музейыгар  бары ытыктыыр учууталбыт  Варвара Сергеевна Иванова (Зверева) баай ис хоһоонноох кэпсээнин иһиттибит, түмүккэ Надежда Михайловна киирбит педагогическай энциклопедиятын иккис уонна алтыс томнарын бэлэх уунна.  

Дьокуускай куорат саамай бөдөҥ оҕону сайыннарар дыбарыаһын салалтата, педагогтара  Фаина (Фатия) Иннокентьевна Авдеева 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ыытыллар үлэ былаанын, бырайыактарын билиһиннэрдилэр, биһиги дэлэгээссийэбит үтүө киһи сырдык аатыгар сүгүрүйэн сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. 

 Интэриэһинэй көрсүһүүлэр, сэргэх тэрээһиннэр быыстарыгар «Күн дьоно» театрализованнай дьүһүйүүгэ, Национальнай художественнай музей  быыстапкалыыр саалатыгар  экскурсияҕа, «Сэргэлээх уоттара” сынньанар кииҥҥэ кэргэннии үҥкүүһүттэр айар киэһэлэригэр  о. д. а. сырыттыбыт.    

Өктөмҥө 

Экспедиция кыттыылаахтара муус устар 1 күнүгэр ытык мааны Эркээйи хочотугар Өктөмҥө СӨ бастакы бэрэсидьиэнин М.Е.Николаев киинигэр архыып-бибилэтиэкэҕэ, Наукалар аччыгый академияларыгар сырыттыбыт. Николаев-кииҥҥэ биир дойдулаахпыт Оксана Харитонова көрсөн  олус интэриэһинэй экскурсияны ыытта, элбэҕи биллибит.  

  Ол кэнниттэн ректор Василий Павловтыын көрсөн МАН устун экскурсиялаатыбыт. «КосмоМАНиЯ» аан дойдутааҕы  үөрэтэр бырагыраама кыттыылаахтара стратосфернай спутнигы көтүтэр историческай түгэннэригэр кыттыыны ыллыбыт.  

Эбиэт кэнниттэн Николаев киин салайааччыта Юрий Семеновтыын «Өксөкүлээх Өлөксөй суолунан» диэн дириҥ ис хоһоонноох төгүрүк остуолга түмүстүбүт. Төгүрүк остуолга А. Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй  аймахтарыттан  Светлана Дарбасова (Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнин Рива Реасовна кийиитэ) уо. д. а. кыттыыны ыллылар.  Дириэктэрбит Ангелина Антонова Өксөкүлээх Өлөксөй Сунтаарга сырыытын туһунан сырдатар, чинчийэр бырайыактыыр үлэ торумун билиһиннэрдэ.  Юрий Иванович, Светлана Дмитриевна бырайыагы болҕомтолоохтук истэн баран сүбэ-ама биэрдилэр, көмөлөһөргө бэлэмнэрин эттилэр.  

Өктөмҥө көрсүһүүлэртэн кынаттанан айар-тутар санаа, элбэх толкуй, истиҥ иэйии барыбытыгар уһуктубутугар саарбахтаабаппын.  

Хатаска 

Муус устар 2 күнүгэр «Ситим» айымньы дьиэтин дириэктэрэ Бордоҥтон төрүттээх Саргылана Стручкова кэлэктиибин кытта биһигини үөрэ-көтө көрүстүлэр. Оҕону эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр Хатастан уонна Дьокуускай куораттан 1800-чэ оҕо кэлэн дьарыктанар эбит. Икки этээстээх үөрэнэр мас  дьиэҕэ уонна мастарыскыайга сылдьаммыт оҕолор, педагогтар үлэлэрин сэргии көрдүбүт. «Уран уус», «Утум» маһынан уһаныы (педагог Лаппаров А.Г.), »Юный инженер» о. д. а куруһуоктары көрөн-истэн баран маастар-кылаастарга сырыттыбыт. Авиамоделированиеҕа көтөр аал арааһын оҕолор энтузиаст учуутал Семен Егорович көмөтүнэн оҥорбуттарын сөҕө-махтайа көрдүбүт. Кылтан, сиэлтэн кыра оҥоһуктары эрэ буолбакка сахалыы иһити-хомуоһу чорооннору, кытыйалары өрбүттэрин кэрэхсээтибит. Шерсть сабы тыытан, наардаан оҥоһуллубут куукулалар, хартыыналар көрүөхтэн кэрэлэр. Мастан чочуйуллубут эти-сиини сайыннарар оонньуурдар — сымса тарбах, таба тап, остуол оонньуулара, сайылык, балыктааһын барыта оҕо сайдарыгар, өбүгэтин кытта ыкса ситимнээх буоларыгар туһуламмыттар. Биир идэлээхтэрбит үлэлиир дьиэбит кыараҕас, эргэ диэбэккэ айым­ньылаахтык үлэлии-хамсыы, айа-тута, үөрэтэ олороллоруттан олус диэн астынныбыт. 

Дьокуускайга 

Экспедициябыт тосхолугар былааһы кытта көрсөн кэпсэтии сүрүн миэстэни ылара. Муус устар 3 күнүгэр  Ил Түмэҥҥэ биһиги бары ытыктыыр, киэн туттар биир дойдулаахпыт Ил Дархан сүбэһитэ Игорь Николаев түбүктээх үлэтиттэн быыс булан,  болҕомто ууран истиҥ көрсүһүүнү тэрийдэ. Аан бастаан Ил Түмэн устун интэриэһинэй экскурсияны Марина Голикова ыытта. Билэрбит курдук быйыл Ил Түмэн 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит, өссө Саха сирин автономията төрүттэммитэ 100 сыллаах бэлиэ датаҕа анаммыт баай ис хоһоонноох Саха сирин парламенын историятын музейыгар, пресс-кииҥҥэ, дьокутааттар мунньахтыыр аччыгый саалаларыгар үс этээһинэн экскурсиялаатыбыт, бу күн төрдүс этээскэ парламентарскай истиилэр буола тураллара. Өрөспүүбүлүкэбит сүрүн сокуона ылыллар, бигэргэнэр маанылаах уораҕайыгар өйдүү-саныы сылдьаары хаартыскаҕа түстүбүт.  

Көрсүһүүбүтүн дьокутааттар аччыгый мунньахтыыр саалаларыгар салҕаатыбыт.  Игорь Игнатьевич Саха сирин үрдүкү суутун  судьуйатынан эппиэтинэстээх үлэҕэ өр сыл үлэлээбит киһи олус кэпсэтинньэҥ, аламаҕай киһи буолан биэрдэ. Оҕо сааһын, үлэтин-хамнаһын, олоххо бэйэтин көрүүлэрин туһунан киэҥник анааран сэһэргээтэ, ыйытыыларбытыгар  хоруйдаата. «Судьуйа аараан аартыктарынан» диэн саҥа кинигэтин сэргэ хас да кинигэни бэлэх уунна.  Бүтэн бараары сылдьан социология билимин дуоктарын Ульяна  Винокурованы  соһуччу көрсөн, кэпсэтэн хаартыскаҕа түстүбүт.  

Эстрада театрыгар 

Театрга кэнсиэрт көрө буолбатах, эстрада музыкальнай салонугар  65 сыллаах үбүлүөйбүтүн бэлиэтии, ыллыы-туойа, үҥкүүлүү муус устар 3 күнүгэр муһуннубут. Бу түгэни экспедиция кыттыылаахтара бары да өр долгуйа күүппүт күммүт этэ. Элбэх эҕэрдэ тыл этилиннэ, тамадабыт Аркадий Саввич  көҕүлээһининэн көрдөөх оонньуу арааһын оонньоотубут. Саха эстрадатын биллиилээх ырыаһыттара Клавдия, Герман Хатылаевтар, Эрхан, Н. Ренанто, филармония маанылаах куоластара Валентина Готовцева – альт, Сардана Шараборина – сопрано уонна биир дойдулаахпыт Тамара Попова-Хадаана эҕэрдэлээн ылбаҕай ырыаларын, хомус кутуллар дорҕоонун бэлэх ууннулар 

Пионердар дьиэлэрэ, СЦДТ 65 сыллаах үбүлүөйдээх минньигэс тордун, бу күн төрөөбүт күнүн бэлиэтиир биир идэлээхпитин Марианна Григорьеваны эҕэрдэлээн туран, Ангелина Владимировна дохсун ытыс тыаһынан быста уонна бары дьол, үөрүү, ситиһии туһугар амсайдыбыт. Дьокуускай куораттан  бэтэрээммит Надежда Ивановна, биир идэлээхтэрбит Ольга Софронова,  Андриан Максимов, выпускниктарбыт устудьуоннар Дарима Антонова, Дархан Афанасьев уонна эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр бииргэ алтыһар Элгээйитээҕи айылҕа музейын дириэктэрэ Анна Иванова, педагог Нюргустаана  Иванова үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэһиннилэр. Үбүлүөйдээх тэрээһиннэрбит салҕаналлар, иннибитигэр сэргэх көрсүһүүлэр, саҥа билсиһиилэр күүтэллэр. 

«Квартал труда» креативнай клас­терга уонна ИТ-Техно­паркаҕа 

Муус устар 4 күнүгэр Дьокуускайга аныгы информационнай технологиялар муҥутуурдук сайдыбыт, киһи хараҕа көрөн ман­ньыйар кыраһыабай эйгэни үөскэтэр сирдэрэ – “Квартал труда” креативнай кластерга уонна ИТ технопаркаҕа экскурсиялаатыбыт. Харах халтарыйар кэрэтэ ХR устуудьуйаҕа Вилюян истиэнэни бүтүннүү сабардаабыт экраҥҥа видео клип устуутун туһунан, Алексей светокоррекция устуу­дьуйатыгар өҥнөр дьүөрэлэһиилэрин кистэлэҥин,  онтон  тыас-уус, саҥа-иҥэ устуудьуйатыгар Аркадий “Егор Чээрин” сахалыы киинэттэн быһа тардыыны көрдөрө-көрдөрө кэпсээтилэр.  

Жатайга 

Жатайдааҕы техникум устун дириэктэр, биир дойдулаахпыт, Владимир Тихонов уонна эбии үөрэхтээһин сэбиэдиссэйэ, дириэктэр сүбэһитэ Надежда Жураховская арыаллаан интэриэһинэй экскурсияҕа сырыттыбыт. «Техникумҥа 1000 устудьуон үөрэнэр, уопсай дьиэлээхпит, быйыл эргэ үөрэнэр корпуска капитальнай өрөмүөн ыытыллыахтаах,”- диэн Владимир Иванович кэпсиир. Үөрэнэр кэбиниэттэр “Үөрэҕирии” национальнай бырайыак иитинэн толору хааччыллыбыттар, устудьуоннар судостроение о.д.а. оробуочай орто анал идэлэргэ үөрэнэллэр. Иллэҥ кэмнэригэр вокальнай инструментальнай ансаамбыл, үҥкүү, айар үлэ мастарыскыайыгар дьарыктаналлар эбит.  Манна идэ ылбыт исписэлиистэр ЛОРП (Өлүөнэтээҕи өрүс пароходствотын холбоһугар) капитаннар 180 тыһ., механиктар 160 тыһ., электромеханиктар 120 тыһ. хамнаска үлэлиир кыахтаналлар. Олохтоох каадырдары бэлэмнээн таһаарар соруктаах үлэ үөһүгэр сылдьар техникум эрэллээхтик иннин диэки хардыылыыр.   

Түмүк 

Отучча буолан тутуспутунан уопут атастаһан, сонун көрүүлээх, интэриэһинэй кэпсээннээх саҥа дьоннуун билсиһэн, күүс-уох ылынан айаммытын түмүктээтибит. Ытык киһибит Бастакы бэрэсидьиэн М.Е.Николаев төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар тиийэн, көмүс уҥуоҕар сүгүрүйэн сибэкки дьөрбүтүн уурбуппут олохпут умнуллубат түгэнинэн хаалыаҕа. Өбүгэ сир ахтылҕана ааспатын, хас биирдии саха киһитэ төрөөбүт сиригэр-уотугар ытыктабыллаах сыһыанын эрэйэр “Сайылык” испэктээги Саха театрын Алампа аатынан аччыгый саалатыгар көрбүппүт элбэҕи толкуйдатар. Онтон эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр олохторун барытын анаабыт, өр сыл дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбит Н.М.Родионова 80 сылынан уонна Дьокуускайдааҕы оҕо айымньытын дыбарыаһын дириэктэрэ Ф.И. Авдеева 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ыытыллыахтаах тэрээһиннэргэ биһиги экспедициябыт сөп түбэспитэ бэйэтэ үөһэттэн ыйыллыбыт бэлиэ курдук буолла. 

 Экспедиция кыттыылаахтара интэриэһинэй маастар-кылаастарга сырыттылар, саҥа бырайыактары олоххо киллэриигэ кэпсэтиилэри ыыттылар, үлэлэрин торумнаатылар. Тус бэйэм санаабар дьиэ кэргэнинэн (кэргэним суоппардаан, уоллаах кыыһым сааскы каникулларыгар сынньана) биир идэлээхтэрбин кытта бастакы айаным буолла. «Суол доҕордоох, айан аргыстаах» диэн өс хоһооно этэринии сырыыбыт табылынна, тимир көлөбүт этэҥҥэ дьиэбитигэр аҕалла.  Айан амарах аргыстара Бүлүү гимназиятын автобуһун  суоппара, завхоһа икки төгүл аара суолга көмөлөһөн эрэллээх илиилэрин утары ууммуттарыгар истиҥник махтанабыт.  

Айна ЯКОВЛЕВА 

 

Читайте дальше