Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин “Кыайыы саллаата”аахсыйаны тэрийдэ

Москва куоракка Кыайыы түмэлигэр Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылаахтарын ааттара, бойобуой суолларын толору дааннайдара биир базаҕа киирэ сылдьар дааннай тиһигэ (база данных) баар. Бу соторутааҕыта Н.М.Родионова аатынан оҕо дьоҕурун сайыннарар киин үлэһиттэрэ оҕолору илдьэ бу түмэлгэ бара сылдьан ол хомуурунньугу илэ харахтарынан көрөн, үөрэтэн кэлбиттэрэ. Ону тэҥэ, өр сылларга сэрии кыттыылаахтарын туһунан муспут докумуоннарын анал идэлээх чинчийээччилэргэ көрдөрөн үйэтитиигэ сүҥкэн үлэни ыыта сылдьалларын туһунан хайҕабыл тыл үтүөтүн истибиттэрэ бу улахан ситиһии, үөрүү.

Салгыы бу мантан кынаттанан “Кыайыы саллаата” диэн аахсыйаны тэрийдилэр. 5 сыл устата цифровизацияҕа үлэлээбит дааннайдарын быһа Кыайыы түмэлин информационнай базатыгар киллэрэргэ сүҥкэн үлэни ыытан саҕалаатылар. Уопсайа 2700-тэн тахса саллаат аатын киллэриэхтээхтэр. Билигин оҕо дьоҕурун сайыннарар киин үлэһиттэригэр улахан көмөнү оҕолор оҥоро сылдьаллар.

1№ -дээх оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ Игорь Свинобоев “Мин бэҕэһээ, бүгүн компьютерга саллаат аатын-суолун киллэриигэ үлэлээтим. Дойдубут историятын билиэхтээхпит.  Аҕа дойду улуу сэриитин туһунан дириҥник үөрэтиэхпин баҕардым”. Эмиэ бу оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ Кэскил Семенов маннык акция буола турарын истэн бэйэтин баҕатынан кэлэн үлэлии олорор “Акцияҕа көмөлөһө кэлбит оҕолорго эрдэ бэлэмнэммит саллаат аата-суола, хаһан, хантан сэриигэ ыҥырыллыбыта тиһиллибит дааннайдары биэрэллэр. Биһиги шаблон быһыытынан, сааһылаан угабыт. Хомойуох иһин дьон аата умнуллан эрэриттэн харааһынным. Саллаат туһунан информация олус аҕыйах”. Кыраайы үөрэтээччи Галина Лидочен Н.М.Родионова аатынан оҕо дьоҕурун сайыннарар киин педагога “Бу аахсыйабытыгар СПТЛИ, 1№-дээх оскуола, Гимназия үөрэнээччилэрэ икки күн үлэлээн уопсайа 234 саллаат аатын дааннай тиһигэр киллэрдилэр. Оҕолор ис санааларыттан кэскиллээх үлэни оҥоро сылдьалларын көрөн дойдубут инникилээх эбит диэн бэлиэтиибит. Дьон тыыннааҕын тухары маннык ыар сүтүгү аҕалбыт сэрии умнуллуо суоҕа…” Аахсыйа ыам ыйын 15 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Манна ким баҕалаах кэлэн үлэлиир, көмөлөһөр. Ону тэҥэ, сэрии толоонугар сылдьыбыт дьонноох буоллахтарына аатын суолун саллаат дааннайдара хомуллубут тиһигэр киллэриэхтэрин сөп.

Мира АФАНАСЬЕВА

 

Читайте дальше