Ньургун Иванов байыаннай параадка кытынна

Дьаархан нэһилиэгэр биир үөрүүлээх сонун, киэн туттуу түгэнэ Улуу Кыайыы79 сылын бэлиэтиир күммүтүгэр буолла.

Ол курдук, киэҥ Арассыыйа Владивосток куоратыгар ыытыллыбыт байыаннай параадка биһиги нэһилиэкпит, улууспут киэн туттар спортсмен уола Ньургун Иванов модун тиэхиникэни — анал оҥоһуулаах Т-80 Б таанканы ыытан кытынна. Өссө үөрүүлээҕэ Арассыыйа тэлэбиидэнньэтин ханаалыгар олус үчүгэйдик Ньургун таанка ыытан иһэрин, аатын ааттаан туран, толору көрдөрдүлэр.

Ньургун былырыын 2023 сыл бэс ыйыгар сулууспатын Владивосток куоракка Тиихэй акыйааннааҕы байыаннай морской флотун сатыы сэриитин байыаһынан сулууспатын саҕалаабыта. Кыра эрдэҕиттэн тиэхиникэҕэ сыстаҕас буолан, улахан массыына ыытар баҕатын толорон, Төҥүлүгэ суоппар үөрэҕэр үөрэнэн бүтэрээт, билиҥҥи уустук кэмҥэ аармыйаттан саһа-куота сатаабакка военкамакка тиийбитэ. Ньургун ийэтэ Татьяна Иванова нэһилиэкпитигэр биэксэринэн үтүө суобастаахтык үлэлиир, аҕата Геннадий Иванов эмиэ араас тимир көлөҕө сыстаҕас суоппар, тырахтарыыс бэрдэ, индивидуальнай предприниматель. Ньургуну кыра эрдэҕиттэн сиэтэ сылдьан тиэхиникэҕэ, булка-аска үөрэппитэ. Ол да иһин тыһыынчанан механик танкистартан үчүгэйтэн үчүгэйдэр, чулууттан чулуулар эрэ талыллан кыттар байыаннай параадтарыгар кыттыыны ыллаҕа.

Ньургун ийэлээх аҕатыгар уолларын көнө сүрүннээх, бары үлэҕэ сыстаҕас уолу иитэн таһаарбыттарынан итии-истиҥ эҕэрдэ буоллун. Уолбут сулууспатын этэҥҥэ түмүктээн дьиэтигэр кэлэр үөрүүлээх күнүн долгуйа кэтэһэбит.

Павел КЫРЕЛОВ, Дьаархан

Читайте дальше