Үөрэх дьыла саҕаланан, оскуола, уһуйаан оҕолоро көҥүл көччүйэ сылдьыбыт сайыҥҥы канкулларыттан үөрэх, билии эйгэтигэр «умса» түһэллэр.
Сунтаардааҕы «Ньургуһун» оҕону сайыннарар киин (сэб. Татьяна Саввинова) үөрэх дьылын сыллата олох уратытык саҕалыыр.
Былырыын кырачааннары уһуйаан үлэһиттэрэ пилот таҥастаах көрсүбүт буоллахтарына бу сырыыга эмиэ умнуллубат түгэни бэлэхтээтилэр.
Быйылгы үөрэх дьылын «ньургуһуннар» циркэ тематынан арыйдылар. Оҕолору, төрөппүттэри көрүөхтэн кэрэ циркэ көстүмнэрин кэтэн уонна хас биирдии иитиллээччигэ билиэттэри туттардылар.
Санатар буоллахха, «Ньургуһун» оҕо сайдар киинэ быйылгы үөрэх дьылыгар 240 оҕолоох.
Аныгы кэм тэтимнээхтик сайдарын курдук билигин хас биирдии педагог, иитээччи саҥаттан саҥа ньымалары тобулан оҕо саас биир умнуллубат үөрүүлээх түгэннэрин бэлэхтииргэ кыһаналлар.
Сылын аайы бу «ньургуһуннар» аныгылыы креативнай толкуйдарын олохтоохтор сэргии, сэҥээрэ истэллэр, оттон бу киин иитиллээччилэрэ детсаттарыгар бараары ыксыыллар, үөрэ-көтө кэлэллэр. Үөрэх, билии маҥнайгы күнүн бу кииҥҥэ саамай көҕүлээччинэн музыкальнай салайааччы Надежда Спиридонова буолар. Кини идеяларын тута өйөөн, эбэн-сабан бүтүн кэлэктиип тута олоххо киллэрэн умнуллубат үөрүүлээх түгэни бэлэхтииллэр.
Юлия-Айархаана АЛЕКСЕЕВА.