Балаҕан ыйын 30 алтынньы 6 күнүгэр диэри ИДьМ Сунтаар улууһугар отделын миграционнай пууна тас дойдуттан кэлбит дьону бэрэбиэркэлиир, терроризмы бохсор, буруй тахсыытын сэрэтэр сыаллаах “Нелегал-2024” диэн операция ыытта. Бүгүҥҥү күн туругунан Сунтаар улууһугар 180 омук дьоно учуокка турар. Бу дьон үксүлэрэ үлэ дуогабарынан кэлбиттэр. “Нелегал-2024” операция түмүгүнэн 175 омук дьонун, 20 эбийиэги бэрибиэркэлээтилэр. 5 административнай буруйу кэһии тахсыбыта бэлиэтэннэ.
Ол курдук, Күүкэйгэ икки омук дьоно Сунтаардааҕы миграционнай пууҥҥа учуокка турбакка эрэ үлэлии сылдьыбыттара көһүннэ. Ону тэҥэ, Сунтаар улууһун биир бөдөҥ тэрилтэтигэр ситэ докумуоннарын тиксэрбэккэ эрэ үлэлии сылдьар дьону туттулар. Бу дьон билигин дойдуларыгар утаарылларга бэлэмнэнэллэр.Санатан этэр буоллахха, омук дьоно үлэлии кэлэр түгэнигэр 7 күн иһигэр миграционнай пууҥҥа учуокка туруохтаахтар.
Мира АФАНАСЬЕВА