Дьон улууска ыытыллар үлэни биһириир, дьаһалта үлэтин сэргиир

Улуус  дьаһалтата  ааспыт 2023 сылга үлэтин отчуотун нэһилиэнньэ иннигэр түөрт бөлөҕүнэн сылдьан туруорар.  Ол курдук, бөлөхтөрү улуус баһылыга Анатолий Григорьев, бастакы солбуйааччы Николай Александров, экономикаҕа уонна стратегическай былааннааһыҥҥа баһылыгы солбуйааччы Борис Васильев, баһылыгы социальнай  боппуруостарга уонна имиджевай политикаҕа солбуйааччы Гаврил Еремеев салайан сылдьаллар. Отчуоту туруоруу бүгүн иккис күнэ.

Бүлүүчээн. Тохсунньу 10 күнэ.  Улуус баһылыга Анатолий Григорьев салайааччылаах бөлөх Бүлүүчээн, Наахара, Кириэстээх нэһилиэктэригэр үлэлээтэ. Бөлөххө улуус тэрилтэлэрин бары салайааччылара сылдьан, нэһилиэнньэ санаатын-оноотун иһиттилэр, ыйытыыларыгар хоруйдаатылар, үлэ-хамнас туһунан үгүһү кэпсээтилэр. Дьон мунаахсыйар боппуруостарыгар быһаарыы биэрбиттэрин олохтоохтор сэргээтилэр, улуус, тэрилтэ үлэтэ-хамнаһа хаһыатынан, интэриниэт ситимнэригэр мэлдьи тахсар, бэчээттэнэр эрээри, син биир, били, этэргэ дылы, атах тэпсэн олорон быһаарсар, кэпсэтэр олох табыгастаах диэн этэллэр.

Бүлүүчээҥҥэ отчуоту истэ элбэх киһи сырытта, мунньах сэкирэтээрдэрэ  бэлиэтэммиттэринэн — 77 киһи.  

Сүрүн дакылаат кэнниттэн олохтоохтор ыйытыыларын биэрдилэр. Ордук элбэх ыйытыы доруобуйа харыстабылын тула буолла. Онон сиэттэрэн, улуус кылаабынай бырааһа Анатолий Назаров доруобуйа харыстабылыгар ыытыллыбыт үлэлэри иһитиннэрдэ. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа» национальнай бырайыагын чэрчитинэн барар үлэни билиһиннэрдэ.

Нэһилиэккэ быраас туруорсубуттара ыхаһыс да сыла, быйыл да бастакы ыйытыыларынан бу буолла. Ону сэргэ улуус киинигэр балыыһалар үлэлэрин тула ыйытыы биэрдилэр. Холобур, сорох сытар балыыһа тымныыта ахтылынна. Поликлиникаҕа көрдөрөр кыаммат дьоҥҥо олус эрэйдээҕин эттилэр, бэл, пандус көрүллүбэтэ сөхтөрөр дииллэр. Манна кылаабынай быраас эппиэтэ маннык буолла: «Кырдьык, ити этэргит баар суол. Ону туоратарга үлэ уочарат быһыытынан барар. Онтон эһиги нэһилиэккигэр быраас көрдүүбүт эрээри, ыраах диэн олох кэлбэттэр. Бу кыһалҕаны быһаарарга олохтоох дьаһалта, оскуола, төрөппүт эмиэ бииргэ үлэлэһиэххитин наада. Бэйэҕит оҕолоргутун үөрэттэрэн, куоракка да быраас идэлээх биир дойдулаахтаргыт бааллара буолуо, кинилэри кытары кэпсэтэн, ыкса сибээстэһэн. Ону сэргэ исписэлиис олорон үлэлиир усулуобуйатын тэрийиэхпитин наада. Бу ааспыт сылга улуус киинигэр аһыллыбыт биэлсэрдэри, сиэстэрэлэри бэлэмниир үөрэххэ Бүлүүчээнтэн суохтара эмиэ дьиксиннэрэр. Эбэтэр оҕолор киин сирдэргэ олохсуйа хаалаллар, эбэтэр үлэ ситэ ыыппаппыт дуу?»

Улуус тутууга управлениетын начаалынньыга Дмитрий Саввиновтан Агдаары муостатын тутуутун ыйыттылар. Манна Дмитрий Сергеевич  чинчийии-көрдөөһүн үлэтэ барда, экспертизаҕа  хос бэрилиннэ диэн эппиэт биэрдэ. Понтон муоста кэлбит эрээри, хаачыстыбата мөлтөх диэн буолла.

Нэһилиэккэ оскуола тутуутун, картиннай галерея өрөмүөнүн, аптека, о.д.а. туруорустулар

Алексей Максимов баһылыктаах Наахара нэһилиэгэр улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуотун 22 киһи кэлэн иһиттэ.

Улуус баһылыга Анатолий Григорьев сүрүн дакылаатын кэннэ олох-дьаһах тула ыйытыылар киирдилэр. Быйыл нэһилиэктэригэр түргэн интэриниэттэнэн олохтоохтор улуус ыытар үлэтин барытын билэ, ааҕа олорор буоланнар эбитэ дуу, ыйытыы кэмчи соҕус курдук буолла.

Людмила Дмитриева, Наахара олохтооҕо: «Нэһилиэккэ уопсай дьиэ тутуллуо дуо? Маннык дьиэ баар буоллаҕына, исписэлиис кэлэн олохсуйуо да этэ. Ону сэргэ ыйытыы доруобуйа харыстабылыгар баар. Биһиги улуус киинигэр киирэрбит-тахсарбыт күчүмэҕэйдээх буолааччы. Онон мобильнай биригээдэ кэлэн манна миэстэтигэр көрөрө-истэрэ олус туһалаах буолуо этэ. Ону сэргэ, диспансеризацияны сатанар буоллаҕына, Наахараҕа кэлэн оҥороргут буоллар» — диэн ыйытар, санаатын этэр хабааннаах кэпсэттэ. Нэһилиэк олохтооҕун ыйытыыларыгар тустаах үлэһиттэр хоруй биэрдилэр.

Улуустааҕы социальнай управление салайааччыта Михаил Тимофеевтан наахаралар социальнай өйөбүллэр тустарынан ыйыталлар. Холобур, элбэх оҕолоох ыал ылыахтаах уһаайбатын оннугар харчынан ылыы усулуобуйатын, ийэ хапытаалын, социальнай хантараак тустарынан. Михаил Федорович бу сыллааҕы уларыйыылары  билиһиннэрэн туран, ыйытыыга хоруй биэрдэ. Оттон улуус баһылыга Анатолий Григорьев социальнай харысхал салайааччытыгар бу боппуруоска өссө төгүл  сырдатыыны, иһитиннэриини кэҥэтэллэригэр сорудахтаата, дьону кытары көрсүһүүлэри тэрийэллэригэр эттэ.

Кириэстээх. Отчуоту истэ, дьүүллэһэ, этиилэрин этээри 107 киһи сырытта. Маны улуус баһылыга Анатолий Григорьев нэһилиэнньэ олоххо, үлэҕэ-хамнаска көхтөөҕүн көрдөрөр диэн сыаналыыр.

Ааспыт сылга улууска ыытыллыбыт үлэ сүрүннэрин Анатолий Григорьев кэпсээтэ. Ол кэннэ управление  салайааччылара биир биир бэйэлэрин эйгэлэригэр туох-ханнык үлэ барбытын, инникитин туох былаан баарын тустарынан билиһиннэрдилэр. Ол кэннэ ыйытыы, этинии, туруорсуу буолла.

Биэнсийэлээх Альберт Данилов Тойбохой балыыһатыгар сытан эмтэммитин, кыһамньылаах эмчиттэргэ махталын этэн туран, Тойбохойго балыыһа хаһан тутулларын ыйытта. Ону сэргэ улуус киинигэр поликлиникаҕа көрдөрүнэ кэлээччилэргэ  дьиэҕэ туалет суоҕа олох өйдөммөт диэн санаатын этэр.

Орто оскуола учуутала Мария Иванова: «Биһигинэн федеральнай суолталаах суол ааһар. Бу манна аспаал хаһан кутуллуой?» диэн ыйытыытыгар баһылык Анатолий Васильевич «федеральнай суол буолан манна биһиги муниципальнай үптэн-харчытэн да уурбаппыт, атын да хамсааһыны оҥорор кыахпыт суох. Онон маны салгыы СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотугар эмиэ туруорсалларыга» диэн эттэ.

Быйыл дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Ил Дархаммыт Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас, оттон улууспут баһылыга Анатолий Григорьев улууспутугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылларын биллэрдилэр. Онон бу үһүөн бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр анабыл сылларга үлэ дойдубут бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит «Демография» национальнай бырайыагын тула барыахтаах диэн этэн туран, олохтоохтор нэһилиэккэ баар ууну ыраастыыр ыстаансыйа үлэтин тула кэпсэттилэр, өрөмүөн сотору ыытыллыаҕар эрэллээхтэрин биллэрдилэр, Бүлүү өрүһү ырааһырдыыга, өрүскэ үөскүүр харамайдары – балыктары дэлэтиигэ үлэ барыаҕар эрэнэллэрин эттилэр. Бэйэ олохтоох бородууксуйатын, бэйэбит тыабытыгар, уубутугар үөскүүр кыыллар, харамайдар эттэринэн аһыыр киһи доруобуйа буолара биллэр дииллэр. Ону сэргэ балыыһаҕа сүрүн көрдөрүнээччинэн оҕолор уонна сааһырбыт дьон буолабыт, онон Тойбохойго балыыһа тутуутун, кыаллар буоллаҕына, нэһилиэкпитигэр сытан эмтэнэр балыыһа күүскэ туруорсабыт диэн эттилэр. Кириэстээххэ оҕо саадын тутуутун,   доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо социальнай көмө, аптека,  заправка,  култуура эйгэтигэр исписэлиистэринэн хааччыллыы тустарынан, о.д.а. хайысхаларга элбэх ыйытыы, туруорсуу киирдэ.

Бүлүүчээннэр, наахаралар, кириэстээхтэр улуус дьаһалтатын ааспыт сыллааҕы үлэтин биһирииллэрин биллэрэн, мунньахха сылдьыбыт дьон бары илиилэрин өрө көтөхтүлэр, ытыстарын тыаһын да харыстаабатылар.

 

 

Яина ВЛАСЬЕВА