Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Тохсунньу 8-14 күннэрэ

Хой

Бу нэдиэлэҕэ күүс-кыах толору буолуо. Дьоһун боппуруостарга хаһааҥҥытааҕар да быһаарыныылаах буолуоҥ. Толкуйдаабытыҥ олоххо киириитэ түргэтиэ. Чугас дьонуҥ эн өйөбүлгэр наадыйыахтарын сөп. Көмөлөһөртөн куотумматыҥ ордук.

Оҕус

Муус холку буолуоҥ. Ис таайан көрөр дьоҕуруҥ сөптөөх быһаарыныы ылынаргар көмөлөһүө. Ол эрээри кутталлаах быһыыга-майгыга киирэн биэрэртэн туттунарыҥ ордук. Сыалы-соругу туруорунарга, былаанныырга табыгастаах кэм.

Игирэлэр

Дьону кытта уопсай тылы булар дьоҕуруҥ үгүһү ситиһэргэр көмөлөһүө. Кэми тус бэйэҕэр аттарары умнума, сынньанартан туттунума. Элбэх тэрээһин, барыы-кэлии көһүтэр. Бу күннэргэ айар үлэ табыллар чинчилээх.

Араак

Араак бэлиэлээхтэри үгүс үлэ, түбүк-садьык күүтэр. Дьаныаргынан, былааннаах дьаһаныыгынан элбэҕи ситиһиэҥ. Доруобуйаҥ туругун кэтэн, сиэри таһынан элбэх түбүгү сүгүмэ. Чугас дьоҥҥунуун сыһыан тупсуо.

Хахай

Дьону тылгар киллэрэр кыаххынан, бэйэҕэ эрэлгинэн элбэҕи ситиһиэҥ. Саҥаны, сонуну саҕалыырга табыгастаах кэм. Үлэҕэ-хамнаска салайар талааҥҥын сыаналыахтара. Үбү-харчыны сөптөөхтүк былаанныырыҥ ордук.

Кыыс

Атын дьон санаатын, тылын-өһүн тулуйан истэргэ дьулус. Бииргэ үлэлиир дьоҥҥунуун сыһыан тупсууһу. Доруобуйаҥ туругун болҕой. Чугас дьоҥҥунуун аһаҕас, аламаҕай буоларга кыһан.

Ыйааһын

Санааҥ элбэхтик уларыйыа. Сонун уларыйыыларга сөп түбэсиһэр, түргэнник үөрэнэр кыаҕыҥ үгүһү ситиһиннэриэ. Үлэҕэ үтүө өттүгэр уларыйыы күүтэр. Уйулҕаҥ туругун болҕой, санааҕын сааһылан.

Скорпион

Көһүппэтэх өттүгүттэн уларыйыылар соһутуохтарын сөп. Судургута суох балаһыанньаҕа быһаарыныылаах буолууҥ абырыа. Үпкэ-харчыга болҕомтолоох буоларга кыһан, барытын толкуйдаан дьаһан.

Охчут

Үөрэнэргэ, саҥаны ылсарга табыгастаах кэм. Дьону кытта тапсар, биир тылы булар майгыҥ ситиһиигэ сирдиэ. Атыттартан ураты, эриэккэс буолартан толлума. Хамсаныы, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыы туруккун тупсарыа.

Чубуку

Бу нэдиэлэҕэ дьаныардаах, кыһамньылаах буолуугуттан үгүс тутулуктаныа. Доруобуйаны көрүнэри, сынньанан ылары умнубатыҥ ордук. Саҥа бырайыактары ылсыаххын сөп. Үлэҕэ дьаныаргын, сыраҕын  болҕойуохтара.

Күрүлгэн

Судургута суох соруктары булугас өйгүнэн туоруоҥ. Эппиэтинэстээх буолары умнубатаххына, барыта эриэ-дэхси сатаныа. Сонун идиэйэлэри олоххо киллэрэргэ табыгастаах кэм. Бу күннэргэ сыаналааҕы атыылаһартан туттунар ордук.

Балыктар

Сөптөөх быһаарыныылары ылынарга ымпыктаах толкуйуҥ көмөлөһүө. Тус олоҕу уонна үлэни сөпкө аттарарга кыһан. Чугас дьоҥҥун кытта сыһыаны тупсарарга, өйдөспөт түгэни быһаарарга табыгастаах кэм.

 

Читайте дальше