Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Тохсунньу 22-28 күннэрэ

Хой

Бу күннэргэ сүргэҥ көтөҕүллэ сылдьыа. Доҕоттору кытта көрсүһүүлэр, сэргэх айан, сонун билсиһиилэр күүтүөхтэрин сөп. Тус олоххо соһуччу романтика баар буолуо. Үлэҕэ идэтийииҥ таһыма үрдүгүн көрдөрөргөр кыах бэриллиэ, сыаналыахтара.

Оҕус

Көһүппэтэх үөрүүлээх түгэннэр тосхойуохтара. Туруоруммут соруктары ситэргэ, былааны толорорго тоҕоостоох кэм. Үп-харчы өттүгэр барыстаах кэпсэтиилэр, сэргэх этиилэр күүтүөхтэрин сөп. Чугас дьоҥҥун кытта алтыһыыттан дуоһуйуоҥ.

Игирэлэр

Саҥардыы, үүнүү-сайдыы кэмнэрэ. Кистэлэҥ талааннаргын арыйарга тоҕоостоох кэм. Үлэҕэ-хамнаска саҥа бырайыактар, сонун соруктар баар буолуохтара. Тус олоххор соһуччу үөрүүлээх түгэн, долгутуулаах көрсүһүү күүтүөн сөп.

Араак

Бу нэдиэлэҕэ тулалыыр эйгэни кытта дьүөрэлиир турукка киирэргэ дьулуһуоҥ. Үлэни уонна тус олоҕу сөпкө аттарарыҥ кыаллыа. Бэйэҕэ эрэллээх, холку буолуоҥ. Үп-харчы өттүгэр үтүө уларыйыы күүтүөн сөп. Сонун сыһыаны саҕалыырга табыгастаах кэм.

Хахай

Болҕомто киинигэр буолуоҥ, элбэх хайҕабылы истиэҥ. Абылыыр тас көрүҥҥэр, тус бэйэҕэр эрэллээх буолуоҥ. Олоххун тосту уларытар дьоһун быһаарыныыны ылыныаххын сөп. Үп-харчы өттүгэр ситиһии күүтэр.

Кыыс

Мүччүргэннээх, соһуччу түгэннэрдээх нэдиэлэ күүтэр. Саҥаны саҕалыырга, олоҕу уларытарга бэлэм буолуоҥ. Үлэҕэ үөрүйэххин, сатабылыгын көрдөрөн хайҕаныаххын сөп. Тус олоххор барыта уу нуурал, холку.

Ыйааһын

Үөрүү-көтүү, дьол аргыстаах нэдиэлэ күүтэр. Олохтон дуоһуйуу, дьоллоохтук сананыы иэйиитэ баһыйыа. Үлэҕэ-хамнаска барыта санаа хоту сааһыланыа. Чугас дьоҥҥутун кытта сыһыан сылаас, истиҥ буолуо.

Скорпион

Ыра санаалары олоххо киллэрэргэ табыгастаах кэм. Бэйэ кыаҕар эрэллээххин, саҥаны ылсарга бэлэмҥин. Үлэҕэ-хамнаска интэриэһинэй бырайыактар, соло үрдүүрүгэр тоҕоостоох түгэннэр баар буолуохтара. Тус олоххор аналыҥ буолар киһини көрсүөххүн сөп.

Охчут

Үүммүт нэдиэлэ чаҕылхай иэйиинэн, мүччүргэннээх түгэннэринэн толору буолуо. Саҥа дьоннуун билсэргэ, сонун кыахтары ылсарга толору бэлэм буолуоҥ. Үлэҕэ үгүс түбүк күүтэр – барытын кыайа тутуоҥ, сөптөөх сыанабылы ылыаҥ.

Чубуку

Олоххор туох эмэ саҥардыыны, уларытыыны киллэрэрэгэ дьулуһуоҥ. Урут уталыппыккар сөптөөх быһаарыныыны ылыннаххына, олоххун үтүө өттүгэр уларытыаххын сөп. Үлэҕэ-хамнаска сонун бырайыагы ылсыаҥ. Тус олоххор саҥа таптал сыһыана үөскүүр чинчилээх.

Күрүлгэн

Үтүө санааны, иһирэх иэйиини үөскэтэр түгэннэр тосхойуохтара. Доҕоттору, чугас дьону кытта сэргэх алтыһыы, сынньалаҥ аргыстаах үгүс кэми атаарыаххын сөп. Үлэҕэ күөрэйэр кыһалҕалары дьулуурдаах майгыгынан этэҥҥэ аһарыныаҥ.

Балыктар

Бу нэдиэлэҕэ барыта эриэ-дэхси, уу нуурал буолбутун билиэҥ. Бу олоххо ылар миэстэҕин, тугу баҕараргын чопчулуоҥ. Үлэҕэ атын дуоһунаска көһөргө эбэтэр соло үрдүүрүгэр тоҕоос көстүөн сөп. Тус олоххор чугас доҕоргунуун сыһыаны тупсарыаҥ.

 

Читайте дальше