Хой
Бу нэдиэлэ дьону кытта алтыһарга табыгастаах буолуо. Чугас дьонуҥ көмө көрдөөтөхтөрүнэ, аккаастаабатыҥ ордук. Дьулуурдаах буоллаххына, үлэҕэ-хамнаска ситиһиилэниэҥ. Өрөбүллэргэ иэтэн кэлбит курус санааны кыйдыырга дьулус.
Оҕус
Дьону кытта төһө тапсаргыттан элбэх тутулуктаныа. Нэдиэлэ ортотун диэки кырдьыккын дакаастаан мөккүһэртэн туттун. Бээтинсэ күн үлэ ноҕуруускатын кыччатарыҥ, доҕоттору кытта алтыһарыҥ үтүө түмүктээх буолуо.
Игирэлэр
Сүргэҥ көтөҕүллүбүт, күүһүҥ-кыаҕыҥ күүрбүт кэмэ буолан, үгүһү кыайа тутуоҥ. Сэргэх дьоннуун алтыһыыҥ эбии үп киллэрэргэр көмөлөөх буолуо. Бу күннэргэ хайа да харгыһы толкуй көмөтүнэн туоруур кыахтааххын.
Араак
Бу нэдиэлэҕэ үлэни-хамнаһы өрө тутуоҥ. Оптуорунньукка айан-сырыы табыллар чинчилээх. Ыһыктынан кэбиспэтэххинэ, хайа баҕарар харгыһы туоруоҥ. Үлэ элбэх буолуо, үп-харчы да хамныа. Бээтинсэ, субуота доҕоргунуун көрсөргө табыгастаах күннэр.
Хахай
Үлэттэн холкутуйууну түүлгэр эрэ көрүөҥ. Улахан суолталаах докумуоннары болҕомтолоохтук тутарыҥ, үлэни-хамнаһы уталыппатыҥ ордук. Өрөбүл күн соһуччу үлэҕэр ыҥырыахтарын сөп: кыйыттыма, бу түгэн үп-харчы киллэринэргэ туһалыа.
Кыыс
Сэрэх уонна толкуйдаах буолуу наадалара тириэн сөп. Салайар үлэлээхтэр атааннаһыыларыгар орооспотуҥ ордук. Бээтинсэҕэ сылайыыттан-элэйииттэн кыйыттан туран кэлиэххин сөп. Өрөбүллэргин тыйаатырга, кинигэ ааҕыытыгар аныырыҥ ордук.
Ыйааһын
Өрө көтөҕүллэн сылдьыыҥ дьону аттыгар угуйуо. Кутталлаах, саарбах дьыаларга кыттыспат буола сатаа. Сонуну, саҥаны ылсартан туттунар ордук. Нэдиэлэ иккис аҥаарын дьиэҕэ-уокка, чугас дьоҥҥор анаа. Аймахтардыын көрсүһүү күүтэр.
Скорпион
Олоҕуҥ араас түгэнинэн толору буолуо. Туһата суох сыһыаны тохтоторго тоҕоостоох кэм. Үбү-харчыны аҕалар барыстаах этии киириэн сөп. Кыыһырыыны-кыйыттыыны таска таһаарбат буоларга кыһан.
Охчут
Үлэ-хамнас үксүүр чинчилээх. Хайа да түбүк үгүс кыаҕы эрэйиэ. Сэрэдэҕэ, чэппиэргэ тус олоҕу умнан туран үлэни өрө туппатыҥ ордук. Ыалдьыттата ыҥырдахтарына, аккаастаныма, кэми бэһиэлэйдик атаарыаҥ.
Чубуку
Туох эрэ үтүөнү, аламаҕай быһыыны оҥоруоххун баҕарыаҥ. Бу быһыыҥ дьоҥҥо туһалааххын итэҕэтиэ. Бэнидиэнньиккэ дьоһун үлэни былааннаабат ордук. Сылатар дьонтон тэйиччи тутта сатаа. Бээтинсэҕэ болҕомто киинигэр буолуоххун сөп.
Күрүлгэн
Туохха барытыгар орто сүнньүн талан холкутук сылдьыбытыҥ ордук. Кэлэктиип иһигэр ордук хос чорбойортон туттун. Үлэ-хамнас хаамыыта биир күдьүс буолуо. Өрөбүллэргэ дьиэҕэ-уокка мунньуллубут түбүгү үмүрүтүөҥ.
Балыктар
Сүрэҕэлдьиири кыайа туттаххына, туох барыта табыллар кыахтаах. Этиилэргин, идиэйэлэргин үллэстэртэн туттунума, олоххо киирэр кыахтаахтар. Туох эрэ саҥаны, сонуну ылыстаххына, билииҥ хаҥаабытыттан манньыйыаҥ.