Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Олунньу 5-11 күннэрэ

Хой

Эн саҕа сэрэх киһи суоҕун кэриэтэ, ол эрээри дьоҥҥо эрэнэриҥ сүр. Эн ити хаачыстыбаҕын дьон хото туһанар. Саҥа билсибит дьоҥҥуттан сэрэхтээх буол.

Оҕус

Аскын-үөлгүн көрүммэккэ сырыттаххына, доруобуйаҕар оҕустарыаххын сөп диэн сулустар этэллэр. Онон аһы-үөлү көрүнэн, хамсанан-имсэнэн сырыттаххына, үлэни да кыайыаҥ, дьыалаҥ да табыллыа.

Игирэлэр

Эбии дохуот көстөн, санааҥ көтөҕүллүө. Ол эрээри тус олоҕуҥ туһунан умнума. Элбэх дьонноох сиргэ сыл­дьан соһуччу кимниин эрэ билсиэххин сөп. Бу билсиһии олоххун тосту уларытыан сөп.

Араак

Айар үлэҥ табыллар. Тиэхиньикэҕэ сыһыаннаах эбэтэр оҥорон таһаарыыга үлэлиир буоллаххына, дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтото уур.

Хахай

Доҕотторгун кытта көрсүбэтэҕиҥ ырааппыт. Аһары бүгэҥҥин дьон хараҕын далыттан сүппүккүн. Бэйэҕин көрдөрөр кэмиҥ кэлбит. Туохтан да иҥнибэккэ, саҥа былааннары, соруктары туруор.

Кыыс

Ситиһиилээх кэм. Дьиэ кэргэҥҥэр эриэ-дэхси. Ол эрээри аһары холкутуйума. Соһуччу ыалдьыттар эбэтэр саҥа этиилэр киирэн уу-нуурал холку олоххун уйгуурдуохтарын сөп. Ол эрээри, бу барыта үтүө эрэ өттүнэн эргийиэҕэ.

Ыйааһын

Таптал, истиҥ сыһыан өйгүн-санааҕын бутуйуон сөп. Саҥа билсиспит киһиҥ барыта доҕор буолбатах. Бэйэҕин көрүнэ, туттуна сырыт.

Скорпион

Үлэ-хамнас таһаарыылаах буолар кэмэ. Дуоһунаһыҥ үрдүүрэ салалтаҕын кытта сыһыаҥҥыттан улахан тутулуктаах. Дьоҥҥо сэнэбиллээхтик сыһыаннаһыма, күҥҥүн-дьылгын сөптөөхтүк туһанаргар уолдьаспыт.

Охчут

Уруккуттан былааннаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тириэрдэргэр уолдьаспыт. Ити дьиэ кэргэҥҥэр, тус олоххор, биисинэскэ сыһыаннаах. Онон урукку-хойукку доҕотторуҥ көмөлөрүнэн үгүһү ситиһиэххин сөп. Сүрэҕэлдьээбэккэ дьаһаннаххына, барыта этэҥҥэ буолуоҕа.

Чубуку

Нэдиэлэ устата чуумпутук сырыт. Дьаҥҥа хаптарар куттал баар, онон элбэх дьонноох сиртэн тэйэ туттан, дьиэҕэ бүгэр кэм. Үлэҕэр да соччото суох балаһыанньа күүтэр. Онон бэйэ бодотун тардынар ордук.

Күрүлгэн

Олоххор улахан уларыйыылар буолаары тураллар. Тус олоххор саҥа хардыылар, үлэҕэр саҥа этиилэр киириэхтэрэ. Мантан кыратык төбөҥ эргийиэн сөп. Уһуну-киэҥи санаан туран быһаарыныы ылынарыҥ наада.

Балыктар

Күүрээннээх үлэ кэмэ саҕаламмыт. Саҥа былааннар, бырайыактар элбэхтэр. Ону барытын саҕалыахха эрэ наада. Тус олох туһунан кыратык умна түс, ол оннугар ситиһии кэллэҕинэ, астына-дуоһуйа сын­­ньалаҥна бэйэҕэр бэлэхтээр.

Читайте дальше