Хой
Уларыйыыларга табыгастаах кэм үүммүт. Эрдэ кыаллыбакка сылдьыбыт дьыала дьэ табыллыыһы. Буолар быһыыны-майгыны кытта тэҥҥэ хардыылаан истэххинэ, сыалгын-соруккун ситиһиэххин сөп. Нэдиэлэ ортото туора дьон кыыһырсыытыгар кыттыспатыҥ ордук, буруйдаах буолуоҥ.
Оҕус
Үчүгэй сонуннары истиэҥ. Чугас дьонуҥ ситиһиилэрэ үөрдүө. Нэдиэлэ саҥата эппиэтинэстээх дьыалаҕа ылсыаххын сөп. Уларыйыылартан куттаныма, буолар быһыы-майгы барыта үтүөнү эрэ түстүөҕэ. Аһара үлэнэн үлүһүйбэккэ, тус олоххор, доруобуйаҕар болҕомтото уур.
Игирэлэр
Үтүө кэм үүммүт. Уруккуттан баҕа санаа ымыыта оҥостубут дьыалаҥ табыллыан сөп. Үгүс кыһалҕаны быһаарарга туораттан көмө кэлиэн сөп. Санааҕын түһэрэн олорон эрэ хаалыма. Дьону кытта сыһыаҥҥа ыксаллаах түмүктэри оҥорортон туттунар наада.
Араак
Табыгастаах, ситиһиилээх нэдиэлэ үүммүт. Бэйэҥ этиилэргин, санааҕын дьоҥҥо сатаан тиэртэххинэ, таба тайаныаҥ. Саҥа саҕалааһыннар үтүөнү түстүөхтэрэ. Онон эрдэ ситэрбэккэ сылдьыбыт дьыалаҕын үмүрүтэ охсон, саҥа былааннарга ылыс.
Хахай
Болҕомтолоох буол. Нэдиэлэ саҕаланыыта уустук буолууһу. Ол эрээри, уустугу, киирсиини, сыалы ситиһиини сөбүлүүр хахайдарга бу сэниэни, толкуйу эрэ эбиэҕэ. Арай кыайбат, сатаан толорбот дьыалаҕын дьоҥҥо эрдэттэн эрэннэримэ.
Кыыс
Дьону кытта көрсүһүүлэр ситиһиини түстүөхтэрэ. Доҕотторгор, чугас дьоҥҥор көмөлөһөртөн аккаастаныма. Ис санааҕын иһит, албыннатыаҥ суоҕа. Нэдиэлэ ортото хаста даҕаны былааныҥ ыһыллыан сөп, манна барытыгар бэлэм буол.
Ыйааһын
Ыксаллаах быһаарыныы ылынаргар, ким эрэ туһунан быһаччы сыана быһаргар сыта-тура толкуйдаа. Нэдиэлэ саҥата уустук курдук буолуо, ол эрээри, тулуурдаах уонна сыаллаах-соруктаах буоллахха, барыта кыаллыа. Ситиһиилэнэриҥ бэйэҕиттэн эмиэ тутулуктаах.
Скорпион
Быһаарыныылаах хардыылары оҥороргор тоҕоостоох нэдиэлэ үүммүт. Дьиҥ майгыгын, үлэҕэ кыаххын көрдөрөр кэмиҥ. Эбии харчылаһар дьыалаттан туора турума. Дьиэ-уот кыһалҕатынан аһара муҥурданыма, элбэх дьону кытта алтыһыаххын наада.
Охчут
Туох даҕаны саҥаны былааннаабат дьоҥҥо уустук нэдиэлэ буолсу. Элбэх дьонноох сиргэ сылдьан бэйэҕин көрдөрүөххүн наада. Алтыһар, кэпсэтэр дьонуҥ бөлөхтөрүн уларытыаххын сөп. Ол эрээри, түмүк оҥосторго, дьоҥҥо сыана быһарга ыксаама.
Чубуку
Нэдиэлэ үгүс көрсүһүүнү тосхойуо. Доҕотторуҥ хомотуохтарын, ол оннугар урукку өттүгэр эрэммэт дьонуҥ соһуччу үтүө дьыаланы оҥорон үөрдүөхтэрин сөп. Онон дьикти нэдиэлэ буолууһу. Билиини хаҥатарга тоҕоостоох кэм. Уустук эрээри, интэриэһинэй нэдиэлэ буолуо.
Күрүлгэн
Саҥа көрсүһүүлэр күүтэллэр. Тулаҕар буолар быһыыга-майгыга болҕомтолоох буол. Олус элбэх үлэни былааннаама, сороҕун сатаан ситэн оҥоруоҥ суоҕа. Нэдиэлэ ортото сынньалаҥҥа наадыйыаҥ. Айылҕаҕа тахсан хаамыы, чугас дьону кытта алтыһыы туһалаах буолуоҕа.
Балыктар
Быһымах быһаарыныылартан туттунарыҥ ордук. Соһуччу түгэннэр буолуохтара. Дьону кытта кыыһырсартан туттун, элбэх уларыйыы күүтэр. Ол кэриэтэ дьиэҕин-уоккун тупсарыынан, дьиэ кэргэҥҥин кытта сыһыаны бөҕөргөтүүнэн дьарыктан.