Хой
Саҥа кыахтар аһыллыахтарын, тургутан көрөр түгэннэр үөскүөхтэрин сөп. Салайар дьоҕургун, кыаххын көрдөрөргөр тоҕоос көстүө. Түргэн кэмҥэ быһаарынарга, сорунуулаах буоларга кыһан. Үүнэргэ-сайдарга сонун суолу тутуһартан толлума.
Оҕус
Нэдиэлэ саҥа билсиһиилэри тосхойуо, алтыһыыҥ эйгэтэ кэҥиэ. Кэпсэтинньэҥ, ис киирбэх майгыҥ дьону тулаҕар угуйуо. Туһата суох түбүктэргэ кэми бараабакка, тус соруктаргын болҕойбутуҥ ордук. Өрөбүллэргэр дьиэтээҕи түбүгү үмүрүтэргэ кыһан.
Игирэлэр
Сонун идиэйэни ылсарга, тугу эрэ саҕалыырга иэйии киириэ. Айар үлэни ылсыаххын, тус санааҕын онон тириэрдиэххин ис сүрэххиттэн баҕарыаҥ. Ол эрээри күүскүн-кыаххын барыыр курдук үлүһүйбэтиҥ ордук. Чугас доҕоргунуун сыһыан истиҥ буоларыгар кыһан.
Араак
Иэйиигэ ылларар, уйарҕыыр кэмиҥ. Ол эрээри холкутуйууга дьулус, саппах санааларга баттатыма. Туох барыта ааһар кэмнээҕин, баар ыарахаттары туоруур кыахтааххын умнума. Өрөбүллэри дьиэҕэ-уокка, сынньалаҥнык атаарбытыҥ ордук.
Хахай
Өрө күүрүүлээх, олус сэргэх нэдиэлэ күүтэр. Үлэҕэ-хамнаска саҥа чыпчааллары дабайыаҥ. Дьону кытта сыһыаҥҥын болҕой: доҕордуу, эйэҕэс буоларга кыһан. Дьиэтээҕилэргэр болҕомто тиийбэт курдук. Өрөбүллэри чугас дьоҥҥун кытта атаарарга дьулус.
Кыыс
Судургута суох, ол эрээри бэрт интэриэһинэй, сэргэх күннэр үүнүөхтэрэ. Хамаандаҕа үлэлиир кыаххынан, идэтийииҥ таһымынан үгүс соругу ситиэҥ. Сынньанан ылары, доруобуйа туругун болҕойору умнума. Чугас доҕоргун кытта сыһыан истиҥ буоларыгар кыһан.
Ыйааһын
Сүрүн болҕомтоҕун тус олоххор ууруоҥ. Чугас дьоҥҥун, доҕотторгун кытта сыһыаныҥ лаппа тупсууһу. Тус бэйэҥ умсугуйаргын, кэрэхсииргин туора уурума, бэйэҥ интэриэскин тумнума. Доруобуйаҥ туругун кэтэнэн, кэмигэр сынньана сылдьары умнума.
Скорпион
Нэдиэлэ үбү-харчыны кытта ситимнээх буолуо. Дохуоту үксэтэргэ кыах көстүө. Ол эрээри кутталлаах, иннэ-кэннэ биллибэт дьыалаҕа киирэн биэрбэт курдук дьаһан. Тус олоххор барыта эриэ-дэхси буолуоҕа. Өрөбүллэри чугас дьоҥҥун кытта атаар.
Охчут
Сонун билсиһии, сэргэх көрсүһүү элбэх буолуо. Биир интэриэстээх дьоҥҥунуун алтыһыаххын сөп. Хайа да түгэҥҥэ туора дьон дьайыытыгар киирэн биэрбэккэ, тус санааҕынан салайтарбытыҥ ордук. Дьиэҕэ-уокка тохтоон ылан, дьиэ үлэтин үмүрүтэргэ кыһан.
Чубуку
Сайдарга, билиини хаҥатарга ааттаах кэм. Бу күннэргэ иҥэриммит билииҥ, үөрүйэхтэриҥ инникитин туһалаах буолуохтара. Чугас дьоҥҥор болҕомто уурары умнума, сынньанартан аккаастаныма. Өрөбүллэр бэрт сэргэхтик, көхтөөхтүк ааһар чинчилээхтэр.
Күрүлгэн
Уопсастыбаннай үлэнэн үлүһүйүөҥ. Сэргиир тэрээһиннэргэр, бырайыактаргар кыттыаххын сөп. Ол эрээри тус олоххор эмиэ болҕомто уурарга кыһан. Дьиэҕэ-уокка тохтоон ылан, чугас дьоҥҥунуун алтыһан ылары умнума. Чугас доҕоргунуун сыһыан тупсуо.
Балыктар
Иэйиигэ ылларар, санааҥ өрө күүрэр кэмэ. Туохтан эрэ олус долгуйууһугун. Санаа ытыллыытын кыайа тутарга кыһан. Эт-хаан чэбдигириитин таһынан, ис кутуҥ бөҕөх буоларыгар дьулус. Өрөбүллэргин дьиэ кэргэҥҥин кытта атаарбытыҥ ордук.