Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Бэс ыйын 24-30 күннэрэ

Хой

Бу нэдиэлэни быһа хой бэлиэлээхтэр сынньалаҥҥа, көргө-нарга, романтикаҕа уйдаран сылдьар былааннаахтар. Дьиэ кэргэн кыайтарбат кыһалҕата, суһал үлэ-хамнас суох буоллаҕына, ол барыта кыаллыан сөп. Сынньалаҥ, айар үлэ, таптал, ыраах айан… Оттон кэргэннээхтэр төттөрүтүн дьиэ иһинээҕи сыһыаҥҥыт уустугурар кутталлаах. Дьиэ кэргэн иннигэр эппиэтинэһи өйдөөн, тулуурдаах буоларгыт наада.

Оҕус

Дьиэҕин-уоккун тупсарар туһугар күүскүн-кыаххын барытын түмэриҥ ирдэнэр. Дохуотуҥ улаатан, наадалаах малы-салы атыылаһыаҥ. Сырдатар тэрил, лаампа, хартыына, сибэкки, киэргэл ылан дьиэҥ көстүүтүн тупсар. Дьиэ кэргэн иһигэр сыһыаҥҥыт – ааттаах. Ол иһин ханна да сылдьыаххын, дьиэҕиттэн тахсыаххын баҕарбаккын Бу нэдиэлэ сүрүн кыһалҕата – доруобуйа туруга.

Игирэлэр

Дьону-сэргэни кытта алтыһыаххын олус баҕараҕын. Тулалыыр дьоҥҥо истиҥ иэйиилэниэҥ. Сатаспат дьоҥҥунуун эйэлэһэргэр ордук тоҕоостоох кэм. Иллээх сыһыаны бастакынан саҕалаа. Тапталга, истиҥ иэйиигэ ыбылы куустаран сылдьар игирэлэргэ бу бэрдэ суох кэм. Олус үчүгэйдик, истиҥник саҕаланан испит сыһыан тымныйан хаалыан сөп.

Араак

Чуумпуга соҕотоҕун олорон уоскуйуоххун, налыйыаххын баҕараҕын. Туох да мэһэй, тардыылык суох буоллаҕына, ыраата сынньана барар туһунан толкуйдаа. Айылҕаҕа сылдьан кутуҥ-сүрүҥ сынньаныа. Үгүһү үөрэтэргэ,  бэрт элбэҕи чинчийэргэ тоҕоостоох кэм. Ол эрээри, төрөппүттэргин, дьиэ кэргэҥҥин кытта сыһыаҥҥа кэккэ уустуктар үөскүөхтэрин сөп.

Хахай

Доҕотторгун кытта ыкса алтыһыы күүтэр. Ханнык эрэ уопсай бырааһынньыкка, көргө-нарга ыҥырыахтарын сөп. Бу нэдиэлэҕэ дьону кытта элбэхтик кэпсэтии, алтыһыы, дьон ортотугар сылдьыы үтүөнэн эрэ аҕыа. Үүт-үкчү бэйэҥ курдук санаалаах дьону кытта булсар кыах үөскүө. Ол быыһыгар элбэх мөккүөр, кырдьыгы дакаастааһын күүтэр.

Кыыс

Бу күннэргэ ис санааҕын кимиэхэ да кэпсээбэтиҥ ордук. Төрөппүттэргин, ытыктыыр дьоҥҥун кытта сыһыаҥҥын тупсараргар тоҕоостоох кэм. Суут-сокуон дьыалатыгар, үп-харчы боппуруоһугар сыһыаннаах кыһалҕаны доҕотторуҥ быһаарыахтара. Кинилэр итэҕэллэрин түһэн биэримэ, өрө баран иһииттэн туттунарыҥ ордук.

Ыйааһын

Саҥаны-сонуну билиэххин-көрүөххүн баҕарар буоллаххына, ханна эрэ ыраах айаҥҥа барыаххын баҕарыаҥ. Ол эрээри барар-кэлэр былааннаргын күннээҕи дьиэ-уот кыһалҕата мэһэйдиэн сөп. Ону кыйахаммакка, кыһыыгын-абаҕын атын дьонунан таһаарбакка быһаара сатаа, ол кыаллыаҕа. Ол кэннэ дьэ ол ыраламмыт айаҥҥар барыаххын сөп.

Скорпион

Доруобуйа туруга мөлтөөн ылар чинчилээх. Санааҕар, ким эрэ эйигин соруйан ыарытарын, мэһэйи үөскэтэ сатыырын курдук өйдөбүл үөскүө. Бэйэҕэр эрэлиҥ намыраан, уйулҕаҥ сатарыйан ылыан сөп. Ол быыһыгар тапталга-имэҥҥэ дьулуур муҥутуо. Үрдүк таһымнаах, балаһыанньалаах дьону кытта чугасаһар түгэн күүтэр.

Охчут

Дьиэ кэргэни кытта сыһыан, өйдөһүү муҥутуурдук тупсуо. Бу кэми баттаһа урукку иирсээни, кыыһырсыыны барытын быһаарсан кэбиһэр ордук. Оттон айымньылаах үлэнэн бу нэдиэлэҕэ дьарыгырбат ордук.  Оҕолоруҥ тугу гыналларын кыраҕытык көрө, сэмээр кэтии сырыт. Доҕоттору кытта сыһыаҥҥа сатаспат буолуу бүрүүкүөн сөп.

Чубуку

Доруобуйаҕар улахан болҕомтону уур, көрдөрүн. Дьиэлээхтэргэр уонна кэллиэгэлэргэр аһара өсөһүмэ, бириинсиптэһимэ, сымнаан биэр. Туох эрэ кыайтарбатах буоллаҕына, онтон аһара самнар, кыйыттар үтүөҕэ тириэрдиэ суоҕа. Тохтуу түһэн сынньаммытыҥ, тыын ылбытыҥ ордук. Бу түгэн бэрт соторунан ааһарын умнума.

Күрүлгэн

Тапталга, дьиэ кэргэн сыһыаныгар уу-нуһараҥ кэм. Таптаһар дьону олус элбэх үөрүүлээх, истиҥ-иһирэх, долгутуулаах түгэн күүтэр. Сыһыаҥҥыт өссө ыкса буоларыгар дьоһун хардыы оҥоһуллуон сөп. Доруобуйа туруга да этэҥҥэ. Арай айанҥа турунартан туттуммутуҥ, тимир көлөттөн сэрэммитиҥ ордук,  суол быраабылатын эҥкилэ суох тутус.

Балыктар

Олус элбэх дьиэ-уот түбүгэ күүтэр эрээри,  үлэни үмүрүтүү дуоһуйууну эрэ аҕалыа. Тулаҕын барытын сааһылыаххын, бэрээдэктиэххин баҕараҕын. Ол сааһылаатаҕыҥ аайы дууһаҥ эмиэ ырааһыран, чэбдигирэн иһиэ. Ону дьиэ кэргэниҥ эмиэ өйүө, өйдүө. Оҕуруот үлэтин үмүрүтэргэ ааттаах кэм. Баар барыта аһара бэрт буолуоҕун, арай, харчы кэмчитэ атахтыа.

Читайте дальше