Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Атырдьах ыйын 5-11 күннэрэ

Хой

Уопсастыба санаатын утары барартан толлума. Дьон тылыттан куттанан бэйэни туттунуу үтүөҕэ тириэрдиэ суоҕа. Тиһэҕэр сөптөөҕү этэриҥ ырылыччы көстүө. Олоххо аналгын көрсөргө тоҕоостоох кэм. Сүрүнэ ис таайан көрөр дьоҕургар эрэниэххин наада.

Оҕус

Уоппусканы атаарарга бэртээхэй түгэннэр тосхойуохтара. Ыраах айаҥҥа турунуохтааҕар кэми чугас дьоҥҥун кытта атаарбытыҥ ордук. Таптал, истиҥ сыһыан чааһыгар болҕомто киинигэр буолуоҥ, элбэхтэн биири талар түгэн үүнүөн сөп. Доруобуйа туруга этэҥҥэ буолуо.

Игирэлэр

Бэрт сотору ханна эрэ айаҥҥа турунар туһунан толкуйдуоххун сөп. Уһуннук-киэҥник бэлэмнэммэккэ, санаа хоту сынньана барар ордук буолуо. Сонун билсиһии, сэргэх алтыһыы үгүс буолуо эрээри, дьоһун сыһыаҥҥа тириэрдиэхтэрэ суоҕа. Бу күннэргэ аскын-үөлгүн болҕойбутуҥ ордук.

Араак

Көһүппэтэх өттүгүттэн түгэннэр элбэх буолуохтара. Ыраах кэми хабар былааннары ырыҥалаабат ордук, ситэн-хотон толорорго иллэҥ кэмиҥ тиийиэ суоҕа. Соччо-бачча билбэт киһигэр бүччүм санааҕын арыйбатыҥ ордук. Өрөбүл күннэргэ кэми дьиэҕэ-уокка атаарарга кыһан.

Хахай

Кимиэхэ эмэ тугу эрэ эрэннэрэртэн туттуммутуҥ ордук. Тылга турарга бириэмэ булар уустук буолуо. Кими эрэ умсугута сатаан ымманыйыаҥ иннинэ бу киһиҥ хайдах хаачыстыбаны ордорорун билбитиҥ ордук. Билигин баар үбү-харчыны былааннаан, сөпкө аттаран туттарга кыһан.

Кыыс

Тугу эрэ тосту уларытыаххын баҕаран кэлиэҥ. Ол эрээри, маны олоххо киллэрэр арыый да уустук буолуо. Кыраттан саҕалыырга кыһан. Биир санаалаах, тэҥ интэриэстээх доҕоруҥ долгутан ылыан сөп. Көннөрү сөбүлүү көрүүнү тапталы кытта бутуйбатыҥ ордук.

Ыйааһын

Үлэҕэ-хамнаска ситиһиилэнэр сыалтан биир санаалаахтаргыныын түмсэ сатаа. Ситэ билбэт киһигэр сыаналаах бэлэҕи оҥорортон бакаа туттунарыҥ ордук. Уоппуска ылан сынньана, үлэттэн аралдьыйа түһэргэ тоҕоостоох кэм. Чугас дьоҥҥунуун сыһыан эриэ-дэхси буолуо.

Скорпион

Урукку идиэйэлэриҥ, соруктарыҥ биир кэмҥэ кэлэн умсугуппат буолан хаалыахтарын сөп. Уларыйыыга дьулуһуугун хам баттаама. Саҥа дьоннуун билсиһэртэн дьаарханыма. Үлэттэн хал буолуу, сылайыы биллэн ылыан сөп. Кыра кэмҥэ аралдьыйыы барытын орун-оннугар түһэриэ.

Охчут

Дьону кытта алтыһарга дьүккүөрдээх, юмордаах кэпсэтии ордук табыллыа. Хайа эрэ кэмҥэ баһылыыр-көһүлүүр оруолланыаххын сөп. Үрдүк эппиэтинэһи дьоҥҥо сөбүлэтэр майгыгынан кыайа тутуоҥ. Кэм олус түргэнник барарыттан мунчааран ылыаххын сөп. Ол эрээри былааҥҥын барытын ситиһиэҥ.

Чубуку

Бу күннэргэ эрдэ турары кыайа туттаххына үгүһү ситиһиэҥ. Эрдэ турууну үгэс да оҥостуоххун сөп. Чугас доҕоруҥ туохха эрэ хомотон ылыа. Санааҕын кыйыттыынан биллэрбэккэ, баар кыһалҕа ис төрүөтүн кэпсэппит ордук. Бу күннэргэ үп-харчы киириитэ үчүгэй буолуо.

Күрүлгэн

Кимиэхэ эрэ сыана быһартан, кириитикэлииртэн туттуммут ордук. Санааҕын эппиккиттэн баар балаһыанньа уларыйбата, оттон киһини кытта сыһыан буорту буолара чуолкай. Дьон быыһыттан ураты чорбойон көстөрү сатаатаххына, санаабыккын, соруккун ситиһиэҥ.

Балыктар

Уруккуттан баар кыһалҕалары быһаарарга саҥа суоллары тобуларга кыһан. Буолар быһыыга-майгыга сөп түбэһэн, халбаҥнаан биэрэр майгыҥ ситиһиигэ эрэ сирдиэ. Чугас доҕоргун дьоһун быһаарыныыны ылынарын ыгылыппатыҥ ордук. Үлэттэн ордон сынньанары умнума.

Читайте дальше