Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Атырдьах ыйын 19-25 күннэрэ

ХОЙ. Тугу санаабыккын барытын олоххо киллэрэн иһэр хорсун санааланыаҥ. Олус ситиһиилээх нэдиэлэ, онон сөптөөхтүк дьаһаннаххына, үп-харчы, дьиэ кэргэҥҥэ үөрүүлээх түгэннэр үгүс буолуохтара. Бары дьыалаҕа көхтөөхтүк кыттан ис диэн сулустар сүбэлииллэр.

ОҔУС. Бу нэдиэлэ устата харчыгын кэмчилээн тутун, былаана суох улахан малы-салы атыылаһыма. Улахан ороскуот сэргэх тэрээһиннэргэ сырыттаххына, доҕоттору кытта көрсүһүүгэ тахсыан сөп, онон өр кэм устата сиэбиҥ кураанах буолуон баҕарбат буоллаххына, маннык көрсүһүүлэртэн туттунарыҥ наада.

ИГИРЭЛЭР. Ситиһиилээх кэм. Дьиэ кэргэҥҥэр эриэ-дэхси. Ол эрээри аһары холкутуйума. Соһуччу ыалдьыттар эбэтэр саҥа этиилэр киирэн уу-нуурал холку олоххун уйгуурдуохтарын сөп. Ол эрээри, бу барыта үтүө эрэ өттүнэн эргийиэҕэ.

АРААК. Үлэнэн үлүһүйэҕин, атыҥҥа аралдьыйа сатаабат буолбуккун. Ол түмүгэр чугас дьонуҥ өйдөөмүөхтэрин сөп. Чугас киһиҥ күнүүлүү саныан, онтон сылтаан иһигэр хом санаа тутуон сөп. Майгыгын-сигилигин көрүнэ сырыт.

ХАХАЙ. Дьон болҕомтотун тардаҕын. Дьон эн санааҕын ылынар. Бу талааҥҥын туһанаҥҥын элбэҕи ситиһиэххин сөп. Өр кэм устата кыыһырса сылдьыбыт киһигин кытта сыһыаныҥ тупсууһук, биир уопсай дьыала, үлэ санааҕытын ситимниэҕэ.

КЫЫС. Үлэни-хамнаһы үмүрүтүү, үгүс кыһалҕаны быһаарыы бу нэдиэлэҕэ эн соруккунан буолуоҕа. Чугас дьоҥҥор болҥомтоҥун уур. Дьон-сэргэ ортотугар сылдьан сэргэхсийиэххин сөп. Ол эрээри, дууһаҥ муунтуйуутун, ис санааҥ кистэлин сатаан чугас киһигэр тиэрдибэккэ, бэйэҥ эрэ эрэйдэнэҕин.

ЫЙААҺЫН. Уруккуттан былааннаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тиэрдэргэр уолдьаспыт. Ити дьиэ кэргэҥҥэр, тус олоххор, биисинэскэ сыһыаннаах. Онон урукку-хойукку доҕотторуҥ көмөлөрүнэн үгүһү ситиһиэххин сөп. Сүрэҕэлдьээбэккэ дьаһаннаххына, барыта этэҥҥэ буолуоҕа.

СКОРПИОН. Тус олоххор ситиһиилээх кэм үүммүт. Урукку өттүгэр саарбахтыы сылдьыбыт санааларгыттан дьэ, босхолонууһуккун. Олус интэриэһинэй уонна сэргэх кэм үүммүт. Ол эрээри, үлэҕэ, үөрэххэ болҕомтолоох буолуу ирдэнэр.

ОХЧУТ. Олоҕу олус чэпчэкитик ылынар буолбуккун. Онтон үлэҥ, дьиэҥ-уотуҥ, доҕоттору кытта сыһыаныҥ барыта уларыйбыт, тупсубут курдук. Өр сыллар усталара быһаарыллыбатах дьыалаҥ дьэ, хамсыыһык. Туох барыта санааттан тутулуктааҕын өйдүөҕүҥ.

ЧУБУКУ. Санааларгын сааһылаан, былааннаммыккын торумнаан истэххинэ, санааҥ да чэпчииһик. Ардыгар дьиэ-уот кыһалҕата кыһарыйыа. Чугас дьоҥҥуттан көмө көрдүүртэн кыбыстыма. Эн кинилэр өйөбүллэригэр наадыйаргын эттэххинэ, өйдүөхтэрэ. Үүнэр өрөбүллэри туһалаахтык атаарарга кыһалын.

КҮРҮЛГЭН. Үлэҥ-хамнаһыҥ табыллар кэмэ. Чугас дьонуҥ да өйүүллэр. Доруобуйаҕын бөҕөргөтөн битэмииннээх аһылыгы аһаан, сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан чэбдигириэххин наада. Дьиэ иһинээҕи кыһалҕаны туора дьоҥҥо ыһа-тоҕо кэпсээмэ.

БАЛЫКТАР. Тус олоххор уустук кэм. Доҕоргунуун өйдөспөккүн, тулалыыр дьону кытта уопсай тылы булбаккын. Арыый искэр бүгэн бэйэҕин иһиллэнэн, өйгүн-санааҕын сааһыланыаххын наада буолбут. Ый саҥата ыйааһыҥҥын аһары түһэрэр наадата суох, доруобуйаҕар охсуон сөп.

 

Читайте дальше