Хой
Бу күннэр хой бэлиэлээх дьоҥҥо олус туһалаахтык уонна ситиһиилээхтик ааһыахтара. Үөрэ-көтө сылдьар майгыгыт уонна күүһү-кыаҕы сөпкө туһанар сатабылгыт туруоруммут сыалгытын ситиһэргитигэр көмө буолуохтара. Бу уһулуччу кэми туһанан хаалыҥ — суолталаах быһаарыныылары ылынарга тоҕоостоох кэм.
Оҕус
Үүммүт күннэр-дьыллар түһүүлээх-тахсыылаах соҕустук ааһыахтара. Дьону тылгытыгар киллэрэр дьоҕургут сөхтөрүө. Онон бу кэмҥэ дуогабар, сөбүлэҥ түһэрсэр ордук диэн сулустар билгэлииллэр эбит. Ол эрээри, дьоһун боппуруостары сыта-тура ырыҥалааҥ, толкуйдааҥ. Чугас дьоҥҥутун, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэргитин хомотуоххутун сөп.
Игирэлэр
Игирэлэр бу нэдиэлэҕэ былааннаммыттарын барытын олоххо киллэриэхтэрэ. Бэл, киһи сиэригэр баппат, киһиттэн таһынан даҕаны былаан туолан хаалан соһутуон сөп. Дьиэни-уоту өрө тардарга, наадата суох малы-салы быраҕарга тоҕоостоох кэм кэлбит. Сынньалаҥы толкуйдуур, былаанныыр уолдьаспыт.
Араак
Уһун кэмҥэ утаарыллыбыт, уталытыллыбыт быстах-остох кыра дьыалалары ситиһиэххит. Маныаха өйгүтүгэр оҕустарбатах даҕаны киһигит көмө буолан илиитин утары уунуоҕа. Кылгас айан суола күүтэр. Олус бэһиэлэй айан буолуоҕа, үөрэ-көтө барсаргытыгар сулустар сүбэлииллэр.
Хахай
Олоххутугар уһуну-киэҥи толкуйдуур кэмҥит тирээн кэлбит. Дьиэни-уоту, үөрэҕи, үлэни, ол быыһыгар сынньалаҥы былааннааҥ, дьиэ кэргэҥҥитин кытта сүбэлэһиҥ. Санааҕыт туохха сытарын, бэйэҕит тугу сөбүлүүргүтүн инники күөҥҥэ тутуҥ. Бу — эһиги саамай сөптөөх быһаарыныыгытынан буолуоҕа.
Кыыс
Кыыс бэлиэлээхтэр бу нэдиэлэҕэ түргэнник быһаарыныы ылынар, сөпкө хамсаныылары оҥорор кыахтаныаххыт. Ол сүпсүлгэҥҥэ сылдьан олус айманымаҥ, санаабыккыт барыта табыллан иһиэҕэ. Харчыгытын сөбө суохха матайдаамаҥ, уурунуҥ, наада буолуоҕа. Сулумах кэрэ аҥаардары дьылҕаны уларытар көрсүһүү күүтэр.
Ыйааһын
Бэйэҕитин үтүө өттүнэн көрдөрөргө саамай тоҕоостоох нэдиэлэ үүммүт. Үлэҕитигэр даҕаны, дьиэҕитигэр даҕаны үүт тураан олох. Олоххутугар саҥаны, сонуну киллэрэртэн куттанымаҥ, барыта табыллыаҕа. Доруобуйаҕыт этэҥҥэ, ол эрээри сэрээккэни оҥорор, кыралаан сүүрэр, хаамар туһаҕа эрэ барыаҕа.
Скорпион
Уустук нэдиэлэ үүммүт. Ис туруккутугар болҕомтото ууруҥ. Күүс-уох суох курдук, кыраттан настарыанньаҕыт алдьаныан сөп. Ол эрээри, санаарҕаамаҥ, бэнидиэнньиккэ соһуччу үөрүүлээх сонуну истиэххит, харчыгыт халыҥыаҕа. Чугас дьоҥҥутун кытта элбэхтэ кэпсэтиҥ, сүбэлэһиҥ. Эһиги сүбэҕитигэр-амаҕытыгар олус наадыйаллар.
Охчут
Табыгастаах сиргэ, тоҕоостоох кэмҥэ баар буола түһэр адьынаккыт муҥуутуу сылдьар күннэрэ үүммүттэр. Ханна даҕаны тиийиҥ, болҕомто барыта эһиэхэ буолуоҕа. Онтон бэйэҕит олус астыныаххыт, үөрүөххүт-көтүөххүт. Наһаа «сулус» ыарыытыгар бэринимэҥ, чугас дьоҥҥутун, дьиэлээхтэргитин сытыы тылгытынан хомотуоххутун сөп.
Чубуку
Уруккуттан баҕарбыт баҕа санааҕыт соһуччу олоххо киирэн үөрүүгүт үксүөҕэ. Үөрэнэргэ, маастар-кылааска сылдьарга, бэйэҕэ саҥа дьоҕуру арынарга тоҕоостоох нэдиэлэ буолбут. Уһун айаны былааннаамаҥ, суолга сэрэхтээх буолуҥ. Арыылааҕы-сыалааҕы аһаамаҥ, ис туруккутун кэтэнэ сылдьыҥ. Тапталгытыгар табыллыаххыт.
Күрүлгэн
Чугас дьоҥҥутун кытта өйдөспөт буолан ылыаххытын сөп. Эһиги кинилэри буруйдуу саныаххыт, ол эрээри бу барыта үтүөнү баҕарар санааттан маннык быһыы-майгы тахсарын билиэх тустааххыт. Санааны сааһылыырга, инники олоҕу былаанныырга, дьиэни-уоту тупсарарга олус үчүгэй нэдиэлэ үүнэр.
Балыктар
Балыктарга бу күннэр сүпсүлгэн быыһыгар ааһыахтара. Тугу эрэ ситэ оҥорботох, кимҥэ эмэ тугу эрэ эппэтэх курдук сананан ылыаххыт, онтон сылтаан дьону кытта өйдөһүмүөххүтүн сөп. Доруобуйаҕытыгар болҕомтото ууруҥ. Аймахтары кытта көрсөн ирэ-хоро кэпсэтэргэ, уруккуну-хойуккуну санаһарга олус үчүгэй күннэр тирээн кэлбиттэр.