Хой
Бу нэдиэлэҕэ саҥа кыах, сонуну арыйыы күүтэллэр. Талааҥҥын, дьоҕургун көрдөрөр кэмиҥ кэлбит. Бу үлэҕэр, тус олоххор ситиһиилэнэргэр көмөлөһүө. Үбү-харчыны өйдөөн-төйдөөн тутун. Өрөбүллэргэ доҕотторгун кытта көрсүһүөххүн сөп.
Оҕус
Бу нэдиэлэ наһаа чэпчэкитэ суох буолар чинчилээх, ол эрэн дьулуургунан, тулуургунан барытын туоруур кыахтаныаҥ. Үлэҕэ олус умса түспэккэ, доруобуйаҕар болҕомто уурарыҥ наада. Олоххор уларытыыны киллэрэри былаанныыр буоллаххына, сыта-тура толкуйдаа.
Игирэлэр
Нэдиэлэ олус интэриэһинэй, араас тэрээһиннэр күүтэллэр. Билииҥ-көрүүҥ хаҥыа, элбэҕи билиэҥ. Тус эбээһинэстэргин умнубакка, атыҥҥа аралдьыйбакка сылдьарга кыһан. Баҕа санааҥ, ыралаабытыҥ туоларыгар табыгастаах кэм.
Араак
Бииргэ үлэлиир дьоҥҥун кытта сөптөөх сибээһи тутарыҥ наада. Таптал, романтика нэдиэлэтэ. Өр сылларга бииргэ буолар доҕоргун көрсүөххүн сөп. Чугас дьоҥҥор болҕомтоҕун уураргын умнума. Ыраах айан күүтүөн сөп.
Хахай
Үлэҕитигэр саҥа кыах көстүө. Бэйэҕит идэҕитигэр сатабылгытын үрдэтэр, саҥаны билэр-көрөр кэм. Бэйэҕит интэриэскитин, сөбүлүүр дьарыккытын умнумаҥ. Доҕотторгун кытта көрсөн долгуйар боппуруостаргын быһаарсыаххын сөп.
Кыыс
Туһааннаах боппуруостары быһаарар кэм. Сөпкө дьаһанар кыаххынан элбэҕи ситиһиэҥ. Кыра кэмҥэ санааҥ түһэн, туохха да кыһаммат буолан ылыаххын сөп. Санньыйыыга бэринимэ. Сынньанаргын умнума, эниэргийэҕин, доруобуйаҕын харыстаа.
Ыйааһын
Нэдиэлэ олус интэриэһинэй араас тэрээһиннэрдээх буолуо. Чугас дьонуҥ көмөтүнэн баҕа санааҕын, былааҥҥын толоруоҥ. Сөбүлүүр хоббигынан дьарыккытанан дуоһуй уонна сынньаныҥ. Бээтинсэҕэ сылайар курдук үгүс үлэни сүгүмэ.
Скорпион
Бу нэдиэлэҕэ үп-харчы боппуруоһун быһаарарга, тупсарарга тоҕоостоох кэм. Элбэх харчыны киллэриэххин, инникигэ уурунуоххун сөп. Ол эрэн суоттаан-учуоттаан туттар наада. Тус олоххор болҕомто уурары умнума.
Охчут
Үлэҕэ, урбааҥҥа, ырыынак эйгэтигэр үрдүк ситиһии күүтэр. Кыаҕы таһынан үлэлээбэккэ доруобуйаҕын көрүнэ сырыт, сынньанары умнумаҥ. Командировка, айан кэтэһэр. Үлэҕэ оройгунан түһүүҥ, иллэҥэ суох барыыҥ дьиэҕэ-уокка кыһалҕаны үөскэтиэн сөп.
Чубуку
Бу нэдиэлэҕэ интэриэһинэй дьону кытта көрсүһүү, саҥа билсиһиилэр күүтэллэр. Нэдиэлэ саҕаланыыта былаан уларыйыан сөп. Быһаарыныыны ыларга ыксаама, дьоҥҥо барыларыгар эрэнимэ. Өрөбүллэргэ дьиэҕэ-уокка мунньуллубут түбүгү үмүрүт.
Күрүлгэн
Нэдиэлэ интэриэһинэй араас түгэннэринэн толору. Тас көрүҥҥүн уларытаргар табыгастаах кэм. Көрдөөх майгыҥ, ис киирбэх дьүһүнүҥ ситиһиигэ көмөлөһүө. Араас идиэйэ, санаа киириэ. Өрөбүллэргин сынньалаҥнык атаар.
Балыктар
Айар үлэнэн дьарыктанарга тоҕоостоох кэм, сонун идиэйэлэри толкуйдаан олоххо киллэриэххэ сөп. Дьиэ кэргэҥҥэ үөскээбит улахан кыһалҕаны быһаарыаҥ. Кэлэптииккэ үлэ табыллыа. Чугас дьоҥҥор болҕомто уураргын умнума.