Хой
Бу нэдиэлэҕэ эрчимнээх, бэйэ күүһүгэр эрэллээх буолуоҥ. Үлэҕитигэр уонна тус олоххутугар дьоһун ситиһии күүтүөн сөп. Туохха барытыгар сэрэнэ-сэрбэнэ, кутталлаах быһыыга киирбэккэ сылдьарга кыһан.
Оҕус
Бу нэдиэлэ балачча уустук буолуох курдук. Туох баар ыараханы тулуургунан, дьулуургунан туоруур кыахтаныаҥ. Быһыы-майгы уларыйа туруо: табыллыбатах сатаныан, эриэ-дэхси төттөрүтүн ыһыллыан сөп.
Игирэлэр
Элбэх дьону кытта бодоруһуоҥ. Нэдиэлэ устата болҕомто киинигэр сылдьыаҥ. Саҥа билсиһиини олохтуурга табыгастаах кэм. Айымньылаах үлэ үтүө түмүктээх буолуо. Үбү-харчыны сэрэнэ соҕус бараа.
Араак
Үлэлииргэ-хамсыырга кыах, баҕа санаа толору буолуо. Онон үгүһү ситиһиэххин сөп. Чугас дьоҥҥун, доҕотторгун умнума. Кылгас кэм иһигэр былааны уларыта охсорго күһэйэр түгэн күөрэйиэн сөп.
Хахай
Холку нэдиэлэ буолуо. Сөбүлүүр дьарыккын саҕалыаххын эбэтэр сынньаныаххын сөп. Өрөбүллэргэ көһүппэтэх өттүгүттэн үп-хачы киирэн үөрдэр чинчилээх. Күүс үлэтин кыайа тутарга тоҕоостоох кэм.
Кыыс
Элбэх эппиэти эрэйэр үлэ тосхойуон сөп. Былааннаахтык дьаһанар майгыҥ манна абырыа. Үп-харчы киирэригэр табыгастаах нэдиэлэ. Нэдиэлэ бүтүүтэ чугас дьоҥҥунуун тыл тылга киирсимиэххитин сөп.
Ыйааһын
Саҥа билсиһии күүтүөн сөп. Дьону кытта алтыһарга бэйэҕэ эрэллээх буол. Чугас дьоҥҥунуун бииргэ сынньанарга, көхтөөх айаҥҥа табыгастаах кэм. Ол эрээри уруккуттан туруорунар соруктаргын умнубакка кыһан.
Скорпион
Үлэҕэ ситиһиилээх кэмнэр. Дьулуургунан, тулуургунан үгүһү оҥоруоҥ. Күүһү-кыаҕы кэмигэр толорунарга сынньанары умнубатыҥ ордук. Туора дьон сүбэтин болҕой. Үп-харчы киириитэ үчүгэй.
Охчут
Кыаҕыҥ толору, үлэҕэ дьүккүөрдээххин. Кутталлаах быһаарыныылары билигин ылыммат ордук. Нэдиэлэ бүтүүтэ дьиэлээхтэргиниин сыһыаҥҥыт сылыйыа, соһуччу үөрүүлээх түгэн буолуон сөп.
Чубуку
Уларыйыы-тэлэрийии кэмэ. Үүнэргэ-сайдарга саҥа кыахтар аһыллыахтара. Саҥаттан, сонунтан куттанан, толлон турбат ордук. Үп-харчы киириитэ үчүгэй, дьоннуун сыһыан тупса сылдьар.
Күрүлгэн
Биир кэм хамсаныылаах, кэлиилээх-барыылаах күннэр. Үгүс идиэйэҕин олоххо киллэриэххин сөп. Кэмигэр сынньанары, күүһү-кыаҕы мунньунры умнубатыҥ ордук. Билэр дьоҥҥуттан ким эрэ албыҥҥа үктэтэтэр куттала баар.
Балыктар
Нэдиэлэ үгүс үөрүүлээх түгэнни бэлэхтиэ. Чугас дьоҥҥунуун ирэ-хоро алтыһыаҥ, сөбүлүүр дьарыккын тутуоҥ. Сүрүнэ – үлэҕэ уонна дьиэҕэ ананар кэми сөпкө аттар. Доруобуйаҕын көрүнэ сырыт.