Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Кулун тутар 11-17 күннэрэ

Хой

Уустук нэдиэлэ саҕаламмыт. Кэлэктииби кытта уопсай тылы буларга кыһан.  Нэдиэлэ бүтүүтэ  үтүө дьону кытта алтыһыы санааҕын сэргэхситиэ. Үгүс үөрүүлээх түгэннэр үүнүөхтэрэ.

Оҕус

Доруобуйаҕар сэрэхтээх кэм. Халлаан аһара сылыйан дабылыанньаҥ хамсыан сөп. Онон күүстээх үлэттэн арыый туттунарыҥ ордук. Элбэх дьонноох сиргэ сылдьыбат буола сатаа.

Игирэлэр

Ситиһиилээх нэдиэлэ. Дьону кытта уопсай тылы булуоҕуҥ. Аһара уустугурдубакка саҥа дьыалаҕа ылсан ис диэн сулустар сүбэлииллэр. Харчыгын харыстаан тутун, мээнэ ыһа-тоҕо сылдьыма.

Араак

Таһырдьа халлаан сылыйан салгыҥҥа талаһаҕын. Онуоха үлэҕэ үтүрүйтэрэн күнү-дьылы куоттарар курдук саныыгын, ыгыллаҕын. Көймөстүбүт санааҕын уҕарытан, сааһылаан, чугас дьоҥҥун кытта айылҕаҕа сылдьыы элбэххэ кынаттыа.

Хахай

Кыра да кыһалҕаны уустугурдан, аһара уһуннук толкуйдуур буолбуккун. Дьон эйиэхэ эрэнэр, онон салайааччы хахайдар түргэн-тарҕан уонна быһаарыылаах буолаллара наада. Оттон кэрэ аҥаардар, быһаарыныы ылынаргытыгар тоҕоостоох кэм үүммүт.

Кыыс

Куһаҕана суох  эрээри, сүпсүлгэннээх нэдиэлэ үүммүт. Чугас дьонуҥ кыһалҕаларыгар сүбэ-соргу буолуоҕуҥ. Дьиэ кэргэҥҥэр эриэ-дэхси. Үп-харчы кыһалҕатын этэҥҥэ быһаарар кыахтааххын.

Ыйааһын

Санааҕын үллэстэ үөрэн. Искэр тутан куутуйалыы сылдьыма. Урукку-хойукку доҕоттору көрсүөххүн сөп. Улахан дьоһуннаах быһаарыныы ылынан олоххун уларытыаххын сөп. Тапталга табыллар кэм.

Скорпион

Күүстээх санааҕын түһэрбэккэ, инники былааннаргын ситиһэргэ бэлэмҥин. Саҥа бырайыактары олоххо киллэрэн, улахан үбү-харчыны хамсатыаххын сөп. Ити улахан дьыалаҕар чугас киһиҥ өйөбүл буолуоҕа.

Охчут

Олоххор уларытыылары киллэрэртэн куттаныма. Аһара олорон хаалбыккын. Туохтан эрэ куттанар курдуккун. Ити барыта бэйэҥ төбөҥ эрэ иһигэр баар кыһалҕа буоларын өйдөөтөххүнэ, олоҕу атыннык ылыныыһыккын. Тус олоххор “күөх уот” тыгыаҕа.

Чубуку

Дьону кытта сыһыаннаһыыга болҕомтолоох буол, арыый бэйэни туттуна, көрүнэ соҕус сылдьар туһалаах буолуоҕа. Кыра иирсээнтэн улахан айдаан тахсыан сөп. Бу дьиэ кэргэҥҥэр, аймахтары кытта сыһыаҥҥа эмиэ оруоллаах.

Күрүлгэн

Улахан тэрээһин эбэтэр бырааһынньык күүтэр. Дьоҥҥо аһаҕас, аламаҕай буолан хайҕалы, биһирэбили ылыаҥ. Оҕолоргун, аймахтаргын кытта сынньалаҥы тэрийэн, өрөбүллэргин ситиһиилээхтик атаарыаҥ.

Балыктар

Санааҥ өрө көтөҕүллэр кэмэ. Кыраны да ситистэххинэ, онтон дьоллонор буолбуккун. «Киһи санаа кулута» дииллэрэ чахчытын итэҕэйиэҥ. Наар баттык оҥосто сылдьыбыт кыһалҕаҥ түспүт курдук буолуоҕа.

Читайте дальше