Намылы  «Дьол хараҕа суох» кинигэтэ сүрэхтэннэ

Ааспыт ый бүтүүтэ Дьокуускай куоракка В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ (маннык саҥа ааттаммыта биир сыл буолбут) саалатыгар биир дойдулаахпыт, суруналыыс, суруйааччы Надежда Егорова-Намылы «Дьол хараҕа суох» сэһэнин бибилэтиэкэ «Суруйааччы уонна кини кинигэлэрэ» диэн бырайыагар ырытыы киэһэтэ бэрт сэргэхтик буолан ааста.

Кинигэ аннотациятыгар маннык суруллубут: «Бу айымньыга кэпсэнэр дьон эдэр саастарыгар оҥорбут алҕастара кэнэҕэскитин туох дьайыылаах буолла? Кэргэнниилэр олохторугар үһүс киһи, «көстүбэт күлүк» баара мэһэйдиир. Ол эрээри, кинилэр ол күлүк киһи иннигэр, төттөрүтүн, буруйдаах курдук сананаллар, олохторун тиэрэ эргитэргэ күһэллэллэр.

Тоҕо? Сыл-хонук ааспытын кэннэ куһаҕаны умнан, бэйэ-бэйэни бырастыы гынан, салгыы олоруохха сөп. Онуоха Панкратий Александров санаатынан, «дьылҕа хаан ыйааҕа», «олох оҥоһуута», «дьылҕаны утары барбаккын» диэн этиилэри сөпкө өйдүөххэ эрэ наада эбит…».

Айымньы ырытыытын «Айар» кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ, суруйааччы Е.С. Иринцеева-Огдо саҕалаата. Кини кинигэ сиэр-майгы тиэмэтин сурулла илик сонун өттүн арыйбытын астынан бэлиэтээтэ, иитэр-үөрэтэр суолтата үрдүк буолуоҕар эрэлин эттэ. Огдо ааптар айымньытын хайдах түмүктээбитин ылынарын тоһоҕолоон этэн туран, баҕар ааҕааччы итиннэ сөбүлэһимиэн, мөккүһүөн, бэйэтэ санаалаах буолуон сөбүн санатта. Ол буоллаҕа кинигэ киһиэхэ дьайыыта.

Салгыы кинигэ ырытыытыгар  М.К. Аммосов аатынан ХИФУ кадровай үлэҕэ ректор солбуйааччыта М.П. Федоров кинигэ сүрүн геройун прототиба П.Р. Егоров кинилэр биир бастыҥ үлэһиттэрэ буоларын астынан бэлиэтээтэ. Пантелеймон Романович быһаччы кыттыытынан университетка инклюзивнай, адаптивнай – компьютернай технологиянан үөрэхтээһини ыыталларын эттэ. Кини баары-баарынан суруйуу ыарахаттардааҕын, ол эрээри Намылы кинигэтигэр ити табыллыбытын бэлиэтээтэ.

Ырытыыга суруналыыс, суруйааччы Галина Нельбисова, «Саха сирэ» хаһыат сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччы Анивера Акимова, СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ И.И. Николаев, Намылы биир идэлээхтэрэ СӨ суруйааччыларын бөлөҕө тахсан тыл эттилэр, ааптарга сибэкки дьөрбөтүн туттардылар. Кинилэр айымньы сонун тиэмэни арыйбытынан, олоххо буолбут түбэлтэҕэ олоҕуран суруллубутунан, сюжета психологическай тыҥааһыннааҕынан иитэр-үөрэтэр суолтата үрдүк буолуоҕар, киһини дириҥ толкуйга түһэриэҕэр саарбахтаабаттарын эттилэр.

Тэрээһин биир сэргэх түгэнинэн кинигэ сүрүн геройун прототиба П.Р. Егоров тэрээһиҥҥэ кэлэн, ааптарга иһирэх, истиҥ тыллары эппитэ уонна бэйэтэ баяҥҥа доҕуһуоллаан, кэлбит ыалдьыттары «Тойбохой», «Ньургуһунна бэлэхтээ» ырыалары доргуччу ыллаппыта буолла. Өссө соһуччу, сонун, үөрүүлээх түгэнинэн адаптивнай – компьютернай технология специалиһа Пантелеймон  Егоров харахтарынан көрбөттөргө анаан Брайль систематынан суруллубут Намылы «Дьол хараҕа суох» диэн сэһэнин икки экземплярын үөрүүлээх быһыыга библиотекаҕа туттарбыта буолла.

Аны туран СӨ Ил Дарханын сүбэһитэ И.И. Николаев «Судьуйа аараан аартыктара» диэн ахтыы кинигэтэ Надежда Егорова-Намылы хомуйан оҥоруутунан «Айар» кинигэ кыһатыгар бэчээккэ барбытын эттэ. Инньэ гынан бу сыл бүтэһигин диэки Намылы оҥорсубут саҥа кинигэтин күүтэбит.

Намылы «Дьол хараҕа суох» диэн сэһэнэ «Семен Андреевич Новгородов аатынан «Айар» национальнай кыһаҕа» 3000 экземплярынан бэчээттэммит.

Саҥа кинигэни ааҕыҥ, сэргээҥ!

 

Валериан НИКОЛАЕВ, суруналыыс, суруйааччы