Нам улууһугар култуура үлэһиттэригэр стратегическай сиэссийэ ыытылынна

«Тыа сирин култууратын үлэһитэ» Земский работник культуры«) бырагыраамма 2025 сылтан олоххо киирэринэн каадырдары быһаарар бырайыак кэҥииригэр, ырытыы-үөрэтии үлэтэ түргэн кэм иһинэн барыахтааҕар, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудах биэрэн турар. Бу бырагыраама сүрүн сыала-соруга — тыа сирин култуура исписэлиистэринэн хааччыйыы.

Бырагыраама олоххо киирдэҕинэ, тыа сиригэр үлэлии барар култуура үлэһиттэригэр биир кэмнээх төлөбүр төлөнүөхтээх. Уһук Илиҥҥэ төлөбүр кээмэйэ 2 мөл. солк. тэҥнэһиэхтээх, атын федеральнай уокуруктарга 1 мөл. солк. бырагыраама алта сыл үлэлиэхтээх.

Санатар буоллахха, «Тыа сирин култууратын үлэһитэ» бырагыраама Саха Сирин көҕүлээһининэн Уһук Илин уокурук сайдыытын тэрээһиннэригэр киирсэн Арассыыйа Бэдэрээссийэтин өйөбүлүн ылбыта. Ааспыт сыл ахсынньы 4-с күнүгэр Саха Сирин Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеевтыын култуура тэрилтэлэрин штатнай расписаниеларын боппуруостарын көрүүгэ, оройуон киинигэр тутуллубут саҥа эбийиэктэргэ инникитин сөптөөх саҥалыы каадырдарынан хааччыллыы барыахтааҕын туһунан, кэпсэтии эмиэ ыытан тураллар.

Владимир Путин сорудаҕар даҕатан, СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи  норуот айымньытын Дьиэтэ 2018-с сыллаахха бигэргэммит О модельных штатных расписаниях муниципальных учреждений культурно-досугового типа РС (Я)  докумуоҥҥа — саҥалыы көрүүлээх, аныгылыы идэтийбит  үөрэхтээх, билиҥҥи кэм ирдэбиллэригэр эппиэттэһэр исписэлиистэри (саҥа дуоһунастары)  эбии киллэрэргэ туруорсуу үлэтин саҕалаатылар.

Ол курдук, муус устар 11 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар   «Новый формат учреждений культуры: вопросы развития в современных реалиях» диэн стратегическай сиэссийэҕэ сэттэ улуустан култуура салалтатын начальниктара, методическэй салаа сэбиэдиссэйдэрэ, методистара, кулууп дьиэтин дириэктэрдэрэ уонна исписэлиистэрэ кыттыыны ыллылар.

Бу тэрээһин сүрүн модератордарынан СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин социальнай, култуурунай уонна муниципальнай тэриллиилэри кытары үлэҕэ отделын салайааччыта В.А. Моисеева уонна Нам улууһун култууратын салалтатын начальнига С.П. Ядрихинскай  үлэлээтилэр. Эксперт быһыытынан уонна боппуруостарга эппиэттээн үлэлээтэ СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин социальнай, култуурунай уонна муниципальнай тэриллиилэри кытары үлэҕэ отделын сүрүннүүр исписэлииһэ С.В. Эверстова. Хамаанданан үлэ хаамыытын өрөспүүбүлүкэтээҕи  норуот айымньытын Дьиэтин методическай салаатын сүрүннүүр исписэлииһэ Д.А.Петрова иилээн-саҕалаан ыытта уонна кыттыыны ылла НАДь исписэлииһэ  Т.Попова ылла.

Түөрт хамаандаҕа арахсан нэһилиэк, оройуон, куорат таһымыгар култуура дьиэлэрин уонна многофункциональнай култуура дыбарыастарын каадырдарынан хааччыллыы хайдах буолуохтааҕар бырайыактары сүбэлэһэн оҥоруу буолла. Элбэх ырытыһыы, кэпсэтии  түмүгүнэн, холобур, саҥа тутуллубут эбийиэктэргэ аныгылыы күүстээх оборудованиелар (лэд-экраннар, улахан кыамталаах уот-күөс) туруоруллубуттарынан, саҥа ирдэбиллэргэ эппиэттэһэр исписэлиистэри: үрдүк разрядтаах инженер-электрик, айти-технолог, безопасность боппуруоһугар эппиэттиир исписэлиис, о.д.а. тыын боппуруоһу быһаарар исписэлиистэргэ туруорсуу бырайыактара оҥоһуллан таҕыстылар. Хас биирдии хамаанда бырайыакка ирдэнэр саҥа дуоһунастары баар сокуоннарга тирэҕирэн, ханнык-туох соруктаах үлэлииллэрин ЕКС, ЕТКС сүрүн докумуоннарга олоҕуран, көмүскээтилэр. Уонна, түмүккэ сиэссийэ быһаарыыта ылыллан, В. Путин сорудаҕар эппиэт быһыытынан бу күннэргэ чопчуланан, эбии ырытыллан, сааһыланан быһаарыы сурук ыытыллар буолла.

Бырайыак көмүскээһинигэр уонна кэпсэтиигэ кыттыыны ыллылар:

  1. Нафанаилов С.С., Уус-Алдан улууһун култууратын начальнига.
  2. Софронова М.Р., Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим дириэктэрэ.
  3. Бережнева М.В., Уус-Алдан улууһун култууратын салалтатын информационнай, методическай отделын сэбиэдиссэйэ.
  4. Варламова Ф.Р., Хаҥалас улууһун култууратын начальнига.
  5. Новгородова А.Н., Нам улууһун култууратын начальнигын солбуйааччыта.
  6. Самойлова Г.А., Сунтаар улууһун култууратын салалтатын информационнай, методическай отделын сэбиэдиссэйэ.
  7. Жирков Н.М., Намнааҕы А.Ф. Шестаков аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин дириэктэрэ.
  8. Северьянова Т.Л., Чурапчы улууһун култууратын салалтатын информационнай, методическай отделын сэбиэдиссэйэ.

Сиэссийэ түмүгүн,  сахалыы тылбаастаан сымнаппакка, хайдах баарынан киллэрдим.

По итогам стратегической сессии решили:

  1. Внести в проект приказа Минтруда России об утверждении профессиональных квалификационных групп должностей работников культуры, искусства и кинематографии должности специалистов по информационным и телекоммуникационным ресурсам.
  2. Внести предложение о включении следующих дополнительных наименований должностей в Модельные штатные расписания муниципальных учреждений культурно-досугового типа Республики Саха (Якутия), утвержденные Приказом Министерства культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия) от 28 декабря 2018 г. N 594 «О модельных штатных расписаниях муниципальных учреждений культуры Республики Саха (Якутия)»:

Административно-управленческий персонал:

1 Заместитель директора,

Основной персонал:

2 Специалист по охране труда,

3 Специалист по информационным и телекоммуникационным

ресурсам,

4 Системный администратор,

5 Дизайнер (вместо художника-оформителя),

6 Видеограф,

7 Аранжировщик,

8 Специалист по нематериальному этнокультурному достоянию

Вспомогательный персонал:

9 Администратор,

10.Костюмер / швея-дизайнер

11.Инженер-электрик,

12.Сантехник,

13.Рабочий сцены,

14.Водитель,

15.Дворник,

16.Кассир,

17.Гардеробщик,

18.Охранник,

19.Лифтер

Түмүккэ, үлэлии турар модельнай штатнай расписаниеҕа суох саҥа дуоһунастар инникитин эбиилик быһыытынан киирдэхтэринэ, саҥа тутуллар эбийиэктэргэ каадырдарынан хааччыллыы сааһыланан, туһалаахтык аттарыллан сөптөөх усулуобуйа тэриллэригэр бу быһаарыы сурук төһүү күүс буолуо диэн баҕа санаалаах, стратегическай сиэссийэ кыттыылаахтара күүстээх «мозговой” үлэҕэ, биир сүрүн улахан докумуон оҥоһуллуутугар кыттыһан, олоххо киириэ диэн эрэл кыымнаах тарҕастыбыт.

 

Галина САМОЙЛОВА,

стратегическай сессия кыттыылааҕа,

Сунтаар улууһун култууратын салалтатын

информационнай, методическай салаатын сэбиэдиссэйэ,

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

 

 

Читайте дальше