Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө V төгүлүн ыытыллар «Мы помним… » историческай-кыраайы үөрэтэр научнай-практическай конференция муус устар 16 күнүгэр буоларын торумнуур хамыыһыйа сүбэ мунньаҕа буолла. НПК сыала-соруга дойдуга бэриниилээх буолуу, гражданскай көҕү үрдэтии, бэйэ норуотун историятыгар ытыктабылы иҥэрии, биир дойдулаахтарбыт ааттарын үйэтитиигэ историческай архыып матырыйаалын хомуйуу, Кэмпэндээйитээҕи 8 №-дээх үлэ холуонньатыгар хаайыыга сыппыт дьон ааттарын булан үөрэтээһин буолар. Тэрээһин С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинигэр буолуоҕа. Барыта 4 секция үлэлиэ:
1.»Кемпендяйская исправительно-трудовая колония № 8: выявление судеб, осужденных по наслегам улуса. »
2.»Сунтарцы-участники ВОВ:воины победители, погибшие и пропавшие без вести»
3. «Все для фронта, все для Победы-участники тыла»
4. «Сунтарцы — участники специальной военной операции».
Маны тэҥэ, театрализованнай инсценировка, » Мой наслег в годы войны» кэтэхтэн, видеоролик, кинигэ буктрейлердарын күрэҕэ буолара былааннанар. Кыайыылаахтар лауреат, гран-при аатын ылыахтара.
Сунтаарбыт улууһун бары үөрэх тэрилтэлэрэ бу тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кыттыахтара диэн эрэнэбит.
Сиһилии бу сигэнэн киирэн билсэргитигэр ыҥырабыт https://sunlibrary.ru/положение-v-улусной-научно-практическ/
«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата