Мохсоҕоллоох күөлүн уутун иһэбит дуо?

“Сунтаар сонуннарын” эрэдээксийэтигэр атырдьах ыйын 6 күнүгэр Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо Маргарита Ивановна Иванова Мохсоҕоллоох күөлүттэн бастаран куттарбыт уута мөлтөх туруктаммытын туһунан иһитиннэрбитэ. Тутатына уубутун туппутунан эрэдээксийэ үлэһиттэрэ Маргарита Ивановнаны кытта СӨ туһанааччы быраабын көмүскэлин уонна киһи этэҥҥэ буолуутун кэтиир федеральнай сулууспа салалтатын Ньурба (Сунтаар) улууһун территориальнай салаатыгар тиийэ сылдьыбыппыт. Ол туһунан эрдэ “Сунтаар сонуннара” телеграм каналбытыгар иһитиннэрбиппит. Элбэх дьон күөл  уутун билиҥҥи туругуттан долгуйалларын  биллэрбиттэрэ. Маныаха Роспотребнадзор үлэһиттэрэ олохтоох киһи сайабылыанньатынан  ууну санитарнай-химическэй анаалыска ыыппыттара. Күүтүүлээх анаалыспыт түмүгэ 10 күнүнэн билиннэ.

Түмүгү Роспотребнадзор Сунтаардааҕы салаатын начальнигын эбээһинэһин толорооччу Наталья Морозова бу курдук иһитиннэрдэ: “Мохсоҕоллоох күөлүттэн ылыллыбыт уу СанПин нуорматыгар эппиэттиирин быһаарар 1999 №-дээх лабораторнай чинчийии ыытыллыбыта. Ол түмүгэр Мохсоҕоллоох күөлүн уутун нитриттарга (наличие нитритов свидетельствует о возможном загрязнении воды органическими веществами), хлор-иоҥҥа, железо буккаһыгар бэрэбиэркэлээтибит. Уу СанПин нуорматыгар эппиэттиирэ көһүннэ. Ол эрэн, бу күөл уута дьон иһэригэр анал көҥүлэ суох. Ону тэҥэ, хаһаайыстыбаҕа да туттар көҥүлэммэт. Тоҕо диэтэххэ, бу күөлтэн нэһилиэнньэни уунан хааччыйар сир быһыытынан санитарнай-эпидемиологическай нуормаҕа эппиэттиир түмүк оҥоһуллубатаҕа”.

Уубут анаалыһа этэҥҥэ буолбутуттан үөрдүбүт. Ол эрэн, дьон иһэригэр көҥүлэ суоҕа мунаахсытта.  Сунтаар нэһилиэгин дьонун ыраас иһэр уунан ОДьКХ уонна чааһынай уу ыраастыыр ыстаансыйалар эрэ хааччыйалларын, кинилэр эрэ СанПин көҥүллээхтэр диэн Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтата иһитиннэрдэ.

Мохсоҕоллоох күөлэ ураты харыстанар күөллэр ахсааннарыгар Күндэйэ нэһилиэгин дьаһалтатын быһаарыытынан 2014 с. киирэн турар. Ол иһин, Мохсоҕоллоох күөлэ сокуон өттүнэн көмүскэллээх. Күөл сирин-уотун ыһар, киртитэр көҥүллэммэт. Онтон күөл уутугар салахайдар үөскүүллэрин экология харыстабылын үлэһиттэрэ бу курдук быһаараллар: “Мохсоҕоллоох күөлэ сүүрүгэ суох турар уу буоларын быһыытынан атырдьах ыйыгар итийэн бактерияларга сөптөөх усулуобуйа үөскээн салахайдар тахсаллара айылҕа көстүүтэ буолар. Биллэн турар, ханнык да айылҕа уута дьон иһэрин курдук дьэҥкир ыраас буолбат. Киһи доруобуйатыгар ыраастаммыт уу быдан ордук, туһалаах буолуоҕа” диэн эттилэр. Күөл айан суол тыраассатыттан чугас турар буолан быыл-сах көтөн түһэрэ баар көстүү.

Бу матырыйаалы оҥорорбутугар аҕыйах көрдөрүүлээх, кылгас санитарнай-химическэй анаалыска ыыппыт түмүкпүтүн таһаардыбыт. Улахан, дириҥ чинчийиини нэһилиэнньэни ыраас уунан хааччыйар тустаах тэрилтэлэр оҥотторуохтарын сөбүн тириэрдэбит.

Маргарита Ивановна чинчийии кэнниттэн маннык санааҕа кэллэ: “ “Сунтаар сонуннара” эрэдээксийэ миигин кытта Мохсоҕоллоох күөлүн уутун туругун тэҥҥэ быһаарсыбыттарыгар махтанабын. Нэһилиэнньэҕэ сырдатыыга көмө буоллулар. Роспотребнадзорга ыыппыт уум анаалыһын түмүгэ үөрдэр. Ол эрэн, Мохсоҕоллоох күөл уута нэһилиэнньэҕэ уу источнигын быһыытынан көҥүлэ суоҕа мунчаардар. Мин курдук айылҕа уутун  элбэх киһи иһэр».

Хаһан баҕарар киһи доруобуйата инники күөҥҥэ турар. Бу матырыйаалбытын оҥорорбутугар элбэх дьон Мохсоҕоллоох күөл уутун иһэн олорорун биллибит. Онон Мохсоҕоллоох күөл уутун киртэн-хохтон харыстыаҕыҥ, сирин-уотун  ыраастык тутуохха. Уу — олох төрдө буоларын умнумуоҕуҥ.

Мира АФАНАСЬЕВА