Тойбохой нэһилиэгэр К.С. А.В.Тихоновтар ааттарынан «Кыталык» култуура киинигэр Сунтаар улууһугар Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылын чэрчитинэн ыытыллар «Мин сааһым-мин баайым»диэн түмүктүүр тэрээһин бэрт сэргэхтик буолан ааста.
Аҕам саастаахтарга аналлаах дьоро күнү сахалыы сиэринэн арчылаан, хомус дьүрүскэн тыаһынан доҕуһуоллаан, кэлбит ыалдьыттары алгыстаах алаадьынан күндүлээн көрүстүлэр.
Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы А.Р. Леонтьев ытыктанар дьоммутугар истиҥ тыллаах эҕэрдэтин эттэ уонна үтүө сүбэни-көмөнү билигин да оҥоро сылдьар дьоҥҥо улахан махталын тириэртэ.
Итии үүттээх чэйдээх, минньигэс астаах сандалы остуол тэрилиннэ, ырыа-тойук ылланна, элбэх көрдөөх оонньуулары оонньооннор аҕам саастаах дьон астынан, дуоһуйан тарҕастылар.
Бырааһынньыкпытын ыытарбытыгар мэлдьитин күүс-көмө
буолар үҥкүү, ырыа кэлэктииптэригэр, оскуола, оҕо дьиэтин,
уһуйаан, бибилэтиэкэ, олохтоох дьаһалта үлэһиттэригэр барҕа
махталбытын тиэрдэбит.
Надежда ПАВЛОВА «КЫТАЛЫК» КК дириэктэрэ