Н.М. Родионова аатынан оҕо дьоҕурун сайыннарар киин оҕолорго мэлдьи ураты тэрээһиннэри тэрийэр. Бу сырыыга Сунтаар оскуолаларын үөрэнээччилэригэр «Мин кылааһым — мин хамаандам» диэн 7-9-с кылаастарга аналлаах күрэһи ыытта. Манна оҕолор араас элбэх үөрүүлээх-көтүүлээх, түмэр дьоҕурдарын сайыннарар оонньууларга кытыннылар.
Тэрээһин бастакы чааһыгар оҕолорго Хадан, Илимниир оскуолата кыттыгас туруорбут “Сыдьаайар сырдык — Туой Хайам” диэн испэктээги көрдөрдүлэр. Көрөөччүлэр эдэр артыыстар оонньууларын биһирээбиттэрин ытыс хабыллар тыаһынан биллэрдилэр. Онтон оҕолор испэктээк тула үлэлэспит дьону кытта кэпсэттилэр, санаа атастастылар.
Кылаас эт-хаан өттүнэн төһө бэлэмнээҕин көрдөрөр уолаттарга байыаннай, спортивнай эстафета буолла. Атыттар үҥкүүлээн холоннулар, өй оонньуутугар кытыннылар, ураты истииллээх кылаас хаһыатын таһаардылар, араас оонньууга хамаанданан кытыннылар. Кылаас ыстаарасталара «Дьол диэн тугуй?» диэн кэпсэтиини төрүттээтилэр. Дьүүллүүр сүбэ кылаас түмсүүлээҕин, эйэлээҕин, сытыы өйдөөҕүн уонна саамай сүрүнэ, биир сомоҕо буолан үлэлиирин, кыайыыга дьулуурдарын сыаналаата.
Түмүккэ 3-с үрдэл Сунтаар 2 №-дээх оскуолатын 7-с кылааһа, 2-с үрдэл Сунтаар 1 №-дээх оскуолатын 7-с кылааһа, 1-кы үрдэл Сунтаар политехническай лиссиэйин 9-с “б” кылааһа буоллулар. Кыайыылаах хамаанда 8000 солк. уу харчынан наҕараадаланна. Кыайыылаах хамаандаттан Лидия Иванова: “Кылааспыт салайааччыта Валерия Спартаковна бу күрэскэ кыттыаххайыҥ диэбитигэр үөрүүнэн сөбүлэспиппит. Кини обществознание учуутала. Кылааспытынан араас күрэстэргэ кыттарбытын сөбүлүүбүт. Үксүн миэстэлэһэбит. Маннык кылааһынан сиэтиһэ сылдьан күрэстэргэ кытыннахпытына доҕордуу буолуу, түмсэр санаа күүһүрэр».  Хамаанда күүһэ — түмсүүгэ, эйэлээх буолууга уонна кыайыыга дьулуурга сытар диэн бастыҥ, кыайыылаах Сунтаар лиссиэйин 9-с кылааһын хамаандата көрдөрдө. Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин өссө да ситиһиилээх, оҕону дьоллуур бырайыактары олоххо киллэрэ турдун.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше