«Мин — чинчийээччибин» күрэс кыайыылаахтара

Оскуола иннинээҕи уонна кыра кылаас үөрэнээччилэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы  «Мин — чинчийээччибин» күрэһин чэрчитинэн биһиги улууспут кырачаан чинчийээччилэрин күрэһэ ыытылынна. Ол курдук, улуус нэһилиэктэриттэн 20 оҕо кытынна. Сунтаардааҕы “Туллукчаан” оҕо сайдар киинигэр үрдүк таһымҥа ааста. Куоҥкурус сүрүн соругунан оҕолорго араас уобаластарга билиини уонна чинчийэр дьоҕуру сайыннарыы буолар.

Талааннаах кырачаан чинчийээччилэр бырайыактарын түөрт хайысханан хайдыһан, дьүүллүүр сүбэ иннигэр дьоһуннаахтык көмүскээтилэр. Кыайыылаахтарга уонна салайааччыларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи ааҕыыларга үрдүк таһымнаах ситиһиилэри баҕарабыт!

Кыайыылаахтар:

«Гуманитарные знания» секцияҕа  I м.  – Томская Мириам, салайааччы Попова А. В., «Польза и вред мультфильмов»  «Туллукчаан», 5 саастаахтар;

«Математика, физика, техника» секцияҕа I м. —   «Ай-тал» хамаанда (Абакумова Камилла, Егоров Федя, Тихонов Ньургустаан, салайааччылар  –  Яна Ишкулова, Диана Корнилова, «Робот-спасатель»   —  «Кыталык» уһуйаан, 6 саастаахтар;

«Естествознание: живая природа» секцияҕа I м. —  Михайлова Аделина, сал. Семенова В.В., Евсеева М.И. «Улитка Ахатина, как домашний питомец» — «Ньургуһун» оҕо сайдар киинэ, 6 саастаахтар.

«Естествознание: неживая природа» секцияҕа  I м. —  Павлов Исай Петрович, сал., Коротова Сахаайа Руслановна “Определение качества сливочного масла в домашних условиях” — «Солнышко» уһуйаан, бэлэмнэнии бөлөх.

Үөрэх управлениетын пресс-сулууспата

Читайте дальше