Милана уруһуйдарын сөҕө-махтайа көрдүбүт

 

Айыҥ-тутуҥ,

Үөрүҥ-көтүҥ,

Санааҕытын ситэриҥ,

Баҕаҕытын батыһыҥ,

Үөрүүттэн үөрүү элбээтин,

Дьолтон дьол үөскээтин,

Итэҕэйиҥ эрэлгитигэр,

Эрэниҥ итэҕэлгитигэр.

Аҕыйах хонуктааҕыта Хоро нэһилиэгин кулуубугар «Үрдүккэ дабайыы» диэн 6-7-с кылаастар салайааччылара Лариса Илларионова, Аида Федорова бырайыактарын чэрчитинэн, «Илииҥ сылааһын иҥэрэн, алыптаах кэрэ эйгэни айабын» диэн ааттаах  7-с кылаас үөрэнээччитэ Егорова Милана уруһуйдарын уонна оҥоһуктарын быыстапката буолла.

Кулууппут иһигэр Милана уруһуйдара кэккэлэһэ тураллара эчи элбэҕиин. Кини 4 сааһыттан бастаан үөрэнэр тэтэрээккэ боростуой харандааһынан уруһуйдаан саҕалаабыт. Онтон ылата кыысчаан уруһуйдуур дьоҕурун сайыннаран истип. Оскуола тэрээһиннэрэ, хаһыат таһаарыытын киэргэтии Миланата суох буолбат. Араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Ол курдук, улууска ыытыллыбыт «Ийэм мэтириэтэ» куоҥкурус кыттыылааҕа. Улуустааҕы «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференцияҕа 1-кы миэстэни ылан, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы” конференцияҕа кыттыбыта.

Бу күн нэһилиэкпит баһылыга Валерий Ефимов, оскуола дириэктэрэ Мария Софронеева, бастакы учуутала Александра Данилова, психолог Евдокия Иванова эҕэрдэ бастыҥын эттилэр. Үөрэнээччилэр  Степанов Владимир “Кырдалга”, Сыромятникова Света «Айылҕаны харыстааҥ» диэн ырыаларыгар дьонмахтайан-сөҕөн ытыстарын тыаһын харыстаабатылар. 6-7-с кылаастар үөрэнээччилэрэ инсценировка көрдөрдүлэр.

Милана мустубут дьоҥҥо, долгуйан туран, махтанна. Олоҕор саамай бастакы долгутуулаах күнэ буоллаҕа. Онтон кыыспыт бэйэтин дьоҕурун, сатабылын  көрдөрөн маастар-кылаас ыытта. Саалаҕа олорооччуларга быһааран биэрдэ, харандаастары, лиистэри түҥэтэлээтэ. Киһи сирэйин хайдах, ханнык чааска араартаан уруһуйдуохха сөбүн көрдөрөн биэрбитигэр, онон сиэттэрэн уруһуйдаатыбыт, билбэппитин биллибит. Бэйэ-бэйэбит уруһуйбутун көрсөн үөрдүбүт, астынныбыт. Салгыы Милана уруһуйдарын көрө-көрөбүт, оҕобут маҥнайгы мааны фуршетыгар мустан, ким туран, ким олорон олус истиҥ кэпсэтии буолла, киниэхэ, төрөппүттэригэр эҕэрдэ тылларын анаатыбыт. Элбэх ыйытыыбытар чуолкай хоруй ыллыбыт.

Төрөппүттэрэ кыыстарын талаана сайдарыгар элбэхтик үлэлэспиттэрэ, кыһаллыбыттара тута көстөр. Милана туох идэни ыларын быһаарынан сылдьара олус хайҕаллаах, онуоха төрөппүттэрэ, учууталлара сырдык сулус буолан чиҥ билиини биэрэн, киһи быһыытынан сахалыы сиэрдээх-майгылаах гынан иитэн-үөрэтэн сылдьалларыттан киһи эрэ үөрэр. Мустубут дьон Милана уруһуйун быыстапкатын, оноһуктарын көрөн сөҕө-махтайа, дуоһуйа көрдүлэр. Уруһуйдуур талаана инники диэки кэскиллээхтик кэрэхсэнэ, биһирэнэ турдун диэн элбэх да үтүө тыллар этилиннилэр.

Кулуупка Милана быыстапкатын уруһуйдара көрдөрүүгэ тураллар. Миланаҕа инникитин даҕаны тэтимҥин ыһыктыбакка саҥа саҕахтарга дьулуһан, сайда тураргар баҕарабыт. Билиигэ-көрүүгэ сирдээччи, олус интэриэһинэй тэрээһини тэрийбит учууталларга, оҕо талаанын арыйарга төһүү күүс буолар үтүө үлэһиттэргэ Лариса Илларионоваҕа, Аида Федороваҕа үөрэтэр оҕоҕут ситиһиитэ, үөрүүгүтүн үс төгүл үрдэттин, бар дьон, төрөппүт махтала, баҕа санааҕытын кынаттаатын. Төрүппүттэригэр Валентина, Айаан Борисовтарга баҕарабыт баҕа санаа бастыҥын эҕэрдэ эриэккэһин.

 

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше