Амман куоракка буола турар 21 саастарыгар диэри ыччат тустуутугар аан дойдуга бастыыр иһин күрэхтэһиигэ биһиги уолбут Лев Павлов бастакы эргииргэ АХШ бөҕөһүгэр Люк Лилледалга 2:9 ахсаанынан сабырыйтарбыта. Бу бастакы эргиирэ кини утарсааччытынан юниордарга 57 кг Панамерика уонна АХШ чөмпүйүөнэ, уопуттаах бөҕөс түбэспитэ.
Бүгүн иккис эргииргэ биһиги уолбут Толга Озбек диэн турогы 5:1 ахсаанынан эрэллээхтик хотто. Аны билигин Армения тустууга Эдик Арутюнянныын тустуоҕа. Манна утарылаһааччытын хотор түгэнигэр, Лев боруонса мэтээл иһин киирсэр кыахтанар. Уолбутугар ситиһиилээх киирсиини баҕарыаҕыҥ.
Гаврил АНДРЕЕВ.
Хаартыска «Спорт Якутии» хаһыат сайтыттан ылылынна.