Уоттаах Аҕа дойду  сэрии сыллара  ырааттар ыраатан иһэр курдук да, суолтата өссө үрдүүр, киһи аймах умнубат.

Тойбохойго сэрии тыыннаах туоһулара, олорон, үлэлээн ааспыт бэтэрээннэрбит, билигин суохтарын да иһин ааттара  ааттанар, олохторо оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр салҕанан барар.

Өлүү, аад  айаҕыттан  «Маутхаузен” концентрационнай лааҕыртан тыыннаах ордон кэлбит Николаев Афанасий Николаевич  Дьаархаҥҥа  1919 с. төрөөбүтэ. 1942 с. иккис хомуурга  сэриигэ барбыта. Кини  Молотов куоракка 21-с туспа хайыһар биригээдэтигэр 1943 с. диэри сэриилэспитэ.  Ити сыл ахсынньытыгар гвардейскай дивизия бүтүннүү төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн, билиэҥҥэ түбэспиттэрэ.

«Маутхаузен» концлааҕырга 110  тыһ. киһи, ол иһигэр 32  тыһ. сэбиэскэй  саллаат сор-муҥ бөҕөтүн көрбүттэр. Таас бараах дьиэҕэ 500 кэриҥэ киһи баара.   Атахтарыгар мас холуоккалаах, сайыннары-кыһыннары эргэ немецкэй саллаат таҥас дуомнаах  хаар буоллун, самыыр буоллун “үлэлии” тахсаллара. Лааҕыр территориятыгар баар улахан көһөҥө таастары төттөрү-таары, биир сиртэн атын сиргэ тастараллара… Билиэҥҥэ түбэһиэн иннинэ Афанасий Николаевич контузияламмыт  буолан, аанньа истибэт, нууччалыы даҕаны билбэт, өйдөөбөт этэ. Биирдэ  харабыл кэлэн тугу эрэ эппитин истибэтэҕин,  дубинканан кырбаан охторон баран, карцерга бырахпыттара. Карцер иһигэр уулаах дьаамаҕа 5 суукканы быһа икки атаҕар туруорбуттара. Биир да аһылыгы биэрбэккэ, аҥаардас уу эрэ иһэрдэллэрэ.  Карцер иһигэр  биэс хас киһи баара да, кэпсэтэр да кыахтара суоҕа. Лааҕырга немецтэр харабыллара дубинканан кими баҕарар кырбыыллара, сыал ытар тир оҥостон ытыалыыллара, овчарка ыттарын киһиэхэ ыыталлара.  Онно “битте” дэһэллэр эбит. Ыт киһини тыыннаахтыы убахтыырын көрө-көрө фашистар күлсэллэрэ.

1945 с. босхолонуу күннэрин  снарядтар эстэллэриттэн, лааҕыр харабынайдара “үлэлэтэ” таһаарбат буолбуттарыттан билбиттэрэ.   Билиэннэйдэр дьылҕалара дойдуларыгар даҕаны сымнаабатаҕа. Босхолонон баран, дойдуларыгар кэлэн пересыльнай пууҥҥа Коми АССР Интауголь бөһүөлэккэ  хос бэрэбиэркэ ааһан, кирпииччэ үктээһинигэр  үс сыл кэриҥэ сылдьыбыт.  Дьэ, онтон аата-суола ырааһыран дойдутугар эргиллэн, эйэлээх олоххо сэбиэскэй киһи олоҕунан олорбута, үлэҕэ умса түһэн, 34  сыл устата атыы-эргиэн систиэмэтигэр, кэлин балыыһаҕа рабочайынан үлэлээбитэ. Олоҕун тиһэх күннэригэр  диэри бииргэ үлэлээбит  дьонноругар махтанара. “Дьон итэҕэлэ – аан дойдуга саамай күндү “диэн эппитэ сурукка хаалбыта.

Афанасий Николаевич, аад  айаҕыттан, Маутхаузентан, тыыннаах эргиллэн кэлэн, саха киһитин дьоһуннаах олоҕун олорон, 11 оҕону төрөтөн-харайан, ытык иэһин чиэстээхтик толорон күн сириттэн күрэммитэ.

 

Афанасий Николаев ахтыыларыттан

бэчээккэ бэлэмнээтэ Татьяна Михайлова, учуутал

Читайте дальше