Олунньу 16-17 күннэригэр «Учитель — будущее России» диэн психологическай-педагогическай кылаас үөрэнээччилэригэр уонна педагогтарыгар аналлаах Бүлүү макрорегионун бастакы региональнай педагогическай марафона Сунтаар А. П. Павлов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар ситиһиилээхтик ыытылынна.
Манна эксперт быһыытынан Сунтаар улууһун үөрэҕин эйгэтин уонна Бүлүүтээҕи педагогическай колледж исписэлиистэрэ үлэлээтилэр.
Икки күн устата ыытыллыбыт тэрээһин үөрэх эйгэтигэр улахан суолталаах тэрээһининэн буолла. Манна педагогическай мастарыскыай исписэлиистэрэ түмсэн, уопут атастаһыытын, аныгы үөрэх тирээн турар боппуруостарын дьүүллэһиигэ уонна үөрэнээччилэри иитиигэ-үөрэтиигэ ордук көдьүүстээх ньымалары буларга үлэлэстилэр.
Марафон кэмигэр кыттааччылар уопуттаах педагогтар ыыппыт араас маастар-кылаастарыгар уонна сэминээрдэригэр сырыттылар. Ол курдук, бастакынан Августина Чойнова уонна Максим Захаров, Сунтаар гимназиятын нуучча тылыгар уонна литературатыгар учууталлара, «Уроки Маяковского: симбиоз бабочки и лошади» диэн маастар-кылааһы ыыттылар, ол кэннэ Дмитрий Михайлов, Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын английскай тылыгар учуутала, «Как рождается урок: экскурс по критическому и креативному мышлению» билиһиннэрдэ. Үһүс маастар-кылааһы Ньурба алын сүһүөх оскуолатын учуутала Евгения Охлопкова «Киһи — айылҕа оҕото» диэн тиэмэнэн салайтаран ыытта. Кыттааччылар педагогическай уопсастыба иннигэр тирээн турар суолталаах кыһалҕалары быһаарарга бэйэлэрин идиэйэлэрин, санааларын үллэстэр былаһааккаларга көхтөөхтүк кытыннылар.
Тэрээһин иккис күнүгэр кыттааччылар кыра кылаастарга анаан уруок таьынааҕы дьарыктары ыыттылар. Бу ураты былаһаакка буолла, педагогическай кылаас үөрэнээччилэрэ теоретическай билиилэрин-көрүүлэрин толору көрдөрөр кыахтаннылар, оҕолор үлэлэрин-үөрүйэхтэрин сайыннардылар. Маны таһынан, педагогтар биэс хамаанданан арахсан, бырайыактары оҥорон көмүскээтилэр. Бырайыактар сыалларынан үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии буолар. Ону сэргэ, үөрэнээччилэр сайдыыларыгар табыгастаах үөрэх эйгэтин тэрийиигэ туһуланар. Бырайыактары көмүскээһин чэрчитинэн, бу үлэлэр төһө көдьүүстээхтэрин ырытыы уонна сыаналааһын ыытылынна. Ону тэҥэ психологическай-педагогическай кылаастары тупсарыыга салгыы хардыылары былааннастылар.
Биир суолталаах түгэнинэн педагогическай кылаастаах оскуолалар Бүлүү педагогическай колледжын кытары бииргэ үлэлээһин сөбүлэҥин түһэрсиилэрэ буолла.
Ол кэннэ экспертэр икки күннээҕи үлэ түмүгүн таһаардылар. Ол курдук, хас биирдии былаһааккаларынан кыайыылаахтар ааттаннылар:
1. «Музей в чемодане» кыайыылааҕынан таҕыстылар Элгээйи орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ
2. »Чемпионат по решению педагогических кейсов» — Ньурба улууһун учууталларын хамаандата. Оттон кейс-чемпионат муҥутуур кыайыылааҕынан Маалыкай орто оскуолатын учуутала Самырова Ираида Васильевна буолла.
Сүрүн «Педагогические пробы» былаһааккаҕа 3-с истиэпэннээх дипломунан Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй үөрэнээччилэрин хамаандата наҕараадаланна, 2-с истиэпэннээх дипломунан — Сунтаар А.П. Павлов аатынаан 1-кы нүөмэрдээх оскуола хамаандата. Кыайыылаах үрдүк аатын ылла — Ньурба улууһун Марха орто оскуолатын хамаандата.
Марафон тэрийээччилэрэ араас култуурунай дьаһаллары киллэрэн аралдьытар бырагыраамалары киллэрбиттэрин бэлиэтиир оруннаах Кыттааччылар бэйэлэрин идэтийбит багажтарын байытар эрэ буолбакка, региональнай култуура нэһилиэстибэтинэн дуоһуйдулар. Ону таһынан, бэтэрээн учууталлардыын көрсүһүүгэ, кинилэр сүбэлэрэ, ситиһиилэри баҕарар эҕэрдэ тыллара кыттааччыларга этилиннэ.
Бүлүү бөлөххө бастакы региональнай педагогическай марафону тэрийии психологическай-педагогическай эйгэ сайдыытыгар улахан олук буолар. Педагогтары уонна үөрэнээччилэри түмэр тэрээһин биир сыалы-соругу үөскэтэр, уопут атастаһар уонна мустубут дьону хардарыта көҕүлүүр тэрээһининэн буолла.
Сунтаар улууһун үөрэҕириигэ управлениетын пресс-сулууспата